АРИАН ТАРАСОВ: ЭКСТРЕМАЛЬНАЙ ТУРИЗМ СЫННЬАЛАҤЫН ТЭРИЙЭР ДЬОНУ БЭЛЭМНИИБИТ

25.04.2021
Бөлөххө киир:

ХИФУ физкултуураҕа институтун успуорт туризмын уонна маассабай көрүҥнэр хаапыдыраларын сэбиэдиссэйэ, дассыан Ариан Егорович Тарасов 1992 cыллаахха Таатта улууһун Уолба нэһилиэгин В.И.Ленин аатынан орто оскуоланы бүтэрээт физкультурнай институкка үөрэнэ киирбитэ. Үөрэҕин бүтэриэҕиттэн оччотооҕу СГУ-га физкультурнай факультет дэкээнэ Николай Калинович Шамаев мэктиэлээһининэн үлэлии хаалбыта. Өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх күрэхтэһиилэргэ тэрийээччи, судьуйа быһыытынан үлэлиир, «Манчаары” оонньууларыгар сүрүн судьуйалыыр кэллиэгийэҕэ үлэлиир, Саха сиригэр ыытыллар успуорт көрүҥнэрин күрэхтэһиилэригэр куруук көхтөөх кыттыыны ылар СӨ үөрэҕириитин, СӨ ыччат бэлиитикэтин, СӨ профессиональнай үөрэхтээһин туйгуна бэлиэ хаһаайына, элбэх босуобуйа ааптара Ариан Тарасов — биһиги хаһыаппыт ыалдьыта.

УРУККУ УСТУДЬУОННАРЫ ТЭҤНЭЭТЭХХЭ

Мин 1996 сылтан усту­дьуоннары кытта үлэлиибин. Этэргэ дылы, миэхэ үөрэммит усту­дьуоннар үөрэхтэрин бүтэрэн, үлэһит, ыал буолан оҕо төрөтөн, онтукалара улаатан миэхэ үөрэнэ киирбит оҕолор эмиэ бааллар. Кинилэр ийэлэрэ, аҕалара миэхэ усту­дьуон буола сылдьыбыттарын билэллэр. Атын устудьуон оҕолорго эттэхпинэ, сүрдээҕин соһуйаллар. Мин оҕо эрдэхпиттэн ус­­пуордунан дьарыктанарым. Убайым Киэсэ Тарааһап үлэҕэ-хамнаска уһуйан, үлэни күрэхтэһии курдук тэрийэн, көҕүлээн, оҕо эрдэхпиттэн успуорка, дьарыкка сыһыаннаах этим. Урукку өттүгэр, 90-c сылларга, успуордунан онно сыһыаннаах эрэ киһи дьарыктанар этэ. Билиҥҥээҥҥэ диэри, төһө да сааһырдарбын, балтыларым, бырааттарым, «убайбыт физкултуурунайга үөрэммитэ, кини спортсмен, кини күүстээх» диэн өйдөбүллэрэ хаалан хаалбыт. Тоҕо диэтэххэ, наар ус­­пуорт эйгэтигэр сылдьыбыт буолаҥҥын, оннук өйдөбүл хаалар эбит. Урут социальнай ситим суох буолан, дьарыктанар дьон оччолорго хайдах дьарыктанарын элбэх киһи билбэт буоллаҕа.

Билигин успуорду интэриниэт ситимин нөҥүө, тэлэ­биисэргэ барытыгар көрдөрөллөр. Пропагандалыыллар. Билигин барыта аһаҕас. Социальнай ситим нөҥүө дьон көрөр уонна этин-сиинин, быһыытын-таһаатын дьарыктаннаҕына тупсарыан, көннөрүөн сөбүн өйдөөн үтүктэр. Ол иһин ымсыыран, үтүктэн, ха­­йаан да спортсмен эрэ дьарыктаныахтаах диэн буолбакка, баҕалаах киһи барыта дьа­­рыктанар буолла. Билигин ыччакка муода курдук буолла. Тоҕо диэтэххэ, уһун сылларга оҕолору, усту­дьуоннары успуорка уһуйууга, чөл олоҕу тутуһууга, ону тарҕатыыга үлэлээбит буоламмын үөрэбин. Устудьуоннар эмиэ көлүөнэлэр солбуһууларынан уларыйан, сайдан иһэллэр. Атын өйдөөх-санаалаах, киэҥ билиилээх оҕолор кэлэллэр. Ону кытта тэҥҥэ Арассыыйа эрэ буолбакка, аан дойду таһымыгар успуорду үөрэтиигэ учуутал киһи быһыытынан билиибин эмиэ хаҥатан иһэбин. Тоҕо диэтэххэ, устудьуоннары үөрэтэр киһи маны барытын ис иһиттэн үчүгэйдик билэр буолуохтаах. Устудьуон боппуруостары ыйыттаҕына, эн онно билиигиттэн бэрсэргэ, сөптөөх эппиэттэри биэрэргэ бэлэм буолуохтааххын.

ДЬОҤҤО ТАБАН СЫҺЫАННАҺЫЫ — БИИР СҮРҮН ХААЧЫСТЫБА

Маны таһынан, хас биирдии учуутал, преподаватель үөрэтэрин таһынан научнай чинчийии үлэтин оҥоруохтаах. Ол курдук, 2008 сыллаахха хандьыдаатскай диссертациябын баскетбол оонньуутун тиэмэтигэр көмүскээбитим. Оҕону күүстээх өттүн са­­йыннарааһын, оҕо кыаҕын булан таһаарааһын диэн этэ үлэм сүнньэ. 2004 сыллаахха “Азия оонньууларыгар” баскетболга бэлэмнэнэр оҕолору эспэримиэнниир чинчийэр үлэни ыыта сылдьыбытым. 2012 сылтан успуорт туризма киириэҕиттэн кафедрабыт аата уларыйбыта. Билигин улахан болҕомтону успуорт туризмыгар уурабын. Научнай үлэбэр туризм үөрэхтээһин быһыытынан хайдах киириэхтээҕин, үөрэх былааныгар быраактыкаҕа хайдах туһаныллыахтааҕын туһунан үлэ ыытабын. Бу хайысхаҕа түөрт үөрэх босуобуйатын оҥорбутум.

Ону таһынан, сыл ахсын үөрэх быраактыкатын курдук усту­дьуоннары уоннуу хонукка өрүскэ устарга, сатыы хаамарга илдьэбин. Оҕолорго теорияны үөрэтэр буоллахха, быраактыкатыгар хайаан да сылдьан бэйэм чинчийэр, кэтээн көрөр үлэлэри оҥоруохтаахпын. Кыһын устата оҕолорго, айылҕаҕа

сырыттахха, маннык буолуон сөп, итинник буолуон сөп диэн үөрэппиппин, сайын айылҕаҕа сылдьан ылбыт билиилэринэн быраактыкаланаллар. Устудьуоннары илдьэрим таһынан, нэһилиэнньэҕэ кэмиэрчэскэй туурдары тэри­йэбин. Өрүһүнэн устан Буотама, Сиинэ үрэхтэринэн сылдьабыт. Араас майгылаах, араас доруобуйалаах дьон сылдьааччы. Онно барытыгар сатабыл, тулуур уонна дьоҥҥо табан сыһыаннаһыы сүрүн оруолу ылар. Киһи маннык сылдьан уйулҕа үлэһитин, тэри­йээччи, салайааччы быһыытынан үөрэнэр, сайдар. Балаакка ту­­руорааһыныттан, ас астааһыныттан саҕалаан күүстээх ардахха сылдьыы барыта улахан үлэни уонна билиини эрэйэр.

ЭКСТРЕМАЛЬНАЙ ТУРИЗМ СЫННЬАЛАҤЫН ТЭРИЙЭР ДЬОНУ БЭЛЭМНИИБИТ

2010 сыллаахха би­­һиэхэ институппутугар успуорт туризмын салаата аһыллыбыта. Ону 2011 сылтан үлэлэһэн 2012 сыллаахха кафедрабытын ус­­пуорт туризма уонна маассабай көрүҥ диэн ааттаабыппыт. Айылҕаҕа сылдьар инструктордары иитэн таһаарабыт. Москванан, Литванан сылдьан лиэксийэ ааҕа, бэйэм үөрэнэ элбэхтэ сырыттым. Бу хайысха аан дойдуга киэҥник сайдан, биллэн эрэр. Арассыыйаттан, омук сирдэриттэн Сахабыт сирин эбэлэринэн устуохтарын, сатыы хаамыахтарын, сылдьыахтарын, айылҕабытын тургутан көрүөхтэрин баҕараллар. Онуоха идэлээх, бэлэмнээх инструктордар, сала­йааччылар кинилэри илдьэ сылдьыахтаахтар. Сокуоҥҥа оннук ирдэбил баар. Холобур, Өлүөнэ остуолбаларыгар уһун кирилиэһи тахсыыттан, сатаан хаамыыттан саҕалаан инструктордар ыйан-кэрдэн бириэхтээхтэр. Дьон сөптөөх сынньалаҥын сатаан тэрийэр дьону бэлэмнээн, иитэн таһаарабыт. Хас бы­­раактыка ахсын айылҕаны ха­­рыстыыр туһунан оҕолорбутугар үөрэтэбит. Уокка сэрэхтээх буолуу, бөҕү-саҕы тута хомуйуу, киһи эчэйиитигэр тиийэ суһал көмөнү оҥоруу туһунан үөрэтэбит. Кафедрабыт иһинэн туризмҥа сыһыаннаах икки үөрэх бырагыраамата баар. Биирэ бакалавриат, манна орто үөрэх уонна оскуола кэнниттэн туттарсаллар. Иккиһэ салгыы чинчийии, наука өттүгэр сайдыан, салгыы үөрэниэн баҕалаах устудьуоннары магистратураҕа киллэрэбит. Икки сыл иһигэр чинчийэр үлэлэрин суруйаллар. Бастакылар 2014 сыллаахха бүтэрбиттэрэ.

ИДЭНИ СӨПКӨ ТАЛЫЫ — ОЛОХХО СУОЛУ БУЛУУ

Идэни сөпкө талыы оскуола кэнниттэн сүрдээх уустук. Тоҕо диэтэххэ, 17-18 саастаах оҕо киниэхэ туох сөп түбэһэрин ситэ билбэккэ да киирэн хаалыан сөп. сорохтор сөбүлээбэккэ үөрэнэ сылдьан быраҕаллар, сорохтор бүтэрэн баран идэлэринэн үлэлээбэттэр. Итиннэ оскуола сырдатыы үлэтин күүскэ ыытыан наада. Төрөппүт оруола улахан. Кини ханнык үөрэхтэр, идэлэр баалларын көрдөрүөн наада уонна оҕото чахчы тугу баҕарарын билиэн наада. Маныаха оскуолаларга үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэнэр устудьуоннары ыҥыран сырдатыы үлэтин тэри­йиини наадалаах дии саныыбын. Мин бэйэм тохсус кылааска сылдьан физкултуура учуутала буолуом дии саныырым. Онтукабынан үөрэххэ киирбитим уонна 25-с cылбын бу идэбэр бэриниилээхтик үлэлии сылдьабын.

Билигин Европа ыстандаартынан бакалавриат уонна ма­­гистратура диэн икки таһым­наах үөрэхтээһин. Бастакы идэтигэр түөрт сыл үөрэнэр. Баҕар, бу кэннэ сөбүлээбэтэҕинэ, кини салгыы магистратураҕа атын үөрэххэ киириэн сөп. Холобур, экэнэмиискэ киирэн баран юрист быһыытынан салгыы үөрэнэн, икки дьупулуомнаах тахсыан сөп. Үөрэх систиэмэтэ үчүгэй өттүгэр уларыйда. Оҕоҕо элбэх талар кыах бэриллэр. Билигин интэриниэтинэн Арассыыйаҕа, тас дойдуга ханнык үөрэх баарын билэ-көрө олороллор. Оттон институппутугар киирэргэ биология, нуучча тыла уонна общество­знание биридимиэттэргэ би­­лиилэрин, итини таһынан, кини эт-­сиин өттүнэн төһө кыахтааҕын хайаан да көрөбүт. Идэҕэ тургутууну үөрэххэ киирэр оҕо ха­­йаан да ааһар. Ол курдук, харбыыр, сүүрэр, анал нормативтары барытын туттарыахтаах.

ДЬИЭ КЭРГЭН – ОЛОХХО ТИРЭХ

Дьиэ кэргэним туһунан билиһиннэрэр буоллахха, биһиги икки оҕолоохпут. Кэргэним Вера Ефстафьевна идэтинэн сүрэх бырааһа. Билигин Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр департамент салайааччыта. Кыыспыт Таня Санк-Петербург куоракка ИДьМ университетыгар судебнай эспэртиисэ исписээлинэһигэр үһүс кууруска үөрэнэр. Кыыспытын оҕо эрдэҕиттэн успуорка

уһуйбуппут. Бастаан гимнастиканан, онтон оҕунан ытыынан дьарыктаммыта. Миигин кытта өрүһүнэн устууга барытыгар сылдьыбыта. Оҕобут баҕатын учуоттаан, улаханнык хааччахтаабакка көҥүллүк ииппиппит. Уолбут Толя алтыс кылааска үөрэнэр. Айылҕаҕа булка, барытыгар үс сааһыттан илдьэ сылдьыбытым. Оҕону кыра сааһыттан айылҕаҕа илдьэ сылдьар наада. Онно «полевой куукуна» буолан, оҕо аччыктаан, сирбэккэ-талбакка аһыыр. Ону сэргэ, киһи быһыытынан тулуурдаах, эппиэтинэстээх буолууга маннык айаннар, тургутуулар туһалаахтар. Бэйэтэ футболунан дьарыктаммыта. Билигин волейболлуур. Уопсайынан оҕону ­иитиигэ бэрээдэккэ үөрэтии уонна бэйэ холобурунан, аһары бүөбэйдээбэккэ, толкуйдуур дьоҕурдаах гына иитэргэ кыһаллабыт. Биһиги, төрөппүттэр, куруук оҕолорбут аттыгар баар буолуохпут суоҕа дии, ол иһин оҕо олоҕун суолун бэйэтэ тэлинэригэр кыах биэриэхтээхпит.

Ульяна Захарова, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0