Архыыптан өбүгэлэргин булуоххун сөп

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Кулун тутар 10 күнүгэр Архыыптар күннэрэ – Арассыыйа архыыбын үлэһиттэрин идэтийбит бырааһынньыктара бэлиэтэнэр.  Бу күн Петр I «Генеральнай регламент эбэтэр Устаап» диэн аан бастакы судаарыстыбаннай аактаҕа илии баттаабыт. Бу докумуон салайыы олоҕун оҥорбут, ил тэрилтэлэригэр архыыптары оҥортуурга дьаһайбыт.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтигэр “Архыып докумуоннара: Саха сирин дьиэ кэргэттэрэ” (“Архивные документы: семьи Якутии”) диэн кэлиэксийэтигэр 1926-1928 сс. дьиэ кэргэттэр испииһэктэрэ баар. Манна ыалларынан хас биирдии киһи аатын, төһө сүөһүлээҕин-астааҕын, нолуок көрүҥүттэн көрөн атын дааннайдары булуохха сөп. Испииһэккэ улуускутун булаҕыт, ол кэннэ бу сигэниинэн нэһилиэккитин арыйаҕыт.

Бүлүү уокуруга, Үөһээ Бүлүү улууһа

Бүлүү уокуруга, Марха улууһа

Бүлүү уокуруга, Мастаах улууһа

Бүлүү уокуруга, Ньурба улууһа

Бүлүү уокуруга, Орто Бүлүү улууһа

Бүлүү уокуруга, Сунтаар улууһа

Бүлүү уокуруга, Үөдүгэй улууһа

Бүлүү уокуруга, Хочо улууһа

Бүлүү уокуруга, тыа сирин уопсастыбалара

Өлүөхүмэ уокуруга, тыа сирин уопсастыбалара

Амма улууһа

Боотуруусскай улуус

Байаҕантай улууһа

Бороҕон улууһа

Илин Хаҥалас улууһа

Дүпсүн улууһа

Арҕаа Хаҥалас улууһа

Мэҥэ улууһа

Нам улууһа

Өймөкөөн улууһа

Таатта улууһа

Дьокуускай уокуруга

Архыып докумуоннарын арыйан, төрүттэргитин булуҥ. Хас биирдии киһи төрдүн-ууһун билэригэр туһалаах буолуо диэн эрэнэбит.

СӨ Национальнай библиотекатын сайтыгар түргэн регистрацияны бу сигэнэн ааһыахха сөп: https://e.nlrs.ru/register. Ыйытыылаах буоллаххытына, сайт чатыгар суруйан эбэтэр (4112) 45-58-55 эрийэн билсиҥ.

Сайыына Кларова

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0