Оскуола оҕолоругар анаан 2004 сылтан саҕалаан, кулун тутар ыйга архитектура уонна дизайн өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕэ ыытыллар. Бастакы сылларга олимпиаданы Архитектураҕа уонна дизайҥҥа оҕо студия-оскуолата тэрийэрэ. Кэнники үс сылтан бэттэх архитектура уонна дизайн декадатын чэрчитинэн барар.
Декада Дьокуускайынан эрэ муҥурдаммакка, Ньурба, Сунтаар, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар эмиэ ыытыллар. Дьокуускайдааҕы художественнай училище олимпиада ыытыллар күннэригэр биһиэхэ дьиэтин-уотун туран биэрэн, устудьуоннарын тэҥҥэ үлэлэтэн, сүнкэн көмөнү оҥорор. Ону тэҥэ, ХИФУ инженернэй-техническэй институтун архитектураҕа уонна куорат тутуутугар кафедратын устудьуоннара, преподавателлара оскуола оҕолоругар научнай-практическай конференцияны тэрийсэллэр, элбэҕи сүбэлииллэр.
Олимпиадабыт сылын ахсын тэнийэн, 30-тан тахса улуус кыттара биһигини олус үөрдэр. Оннооҕор, төһө да ыраах буоллар, айаннарын төлөбүрүн бэйэлэрэ уйунан, хоту улуустар кэлэллэр. Оҕолор билиилэрин таһыма сылын ахсын үрдээн иһэр, учууталлар да күнү-дьылы халтай атаарбакка, идэлэрин таһымын үрдэтэр куурустарга үөрэнэн, үөрэн-көтөн бараллар.
Быйылгы олимпиада кулун тутар 24-27 күннэригэр ыытыллар.
Тэрээһин бырагыраамата:
Кулун тутар 24 күнэ — быыстапка, күрэх аһыллыыта, монтаж.
Кулун тутар 25-26 күннэригэр — күрэхтэһии.
Кулун тутар 26 күнүгэр — научнай-практическай конференция, кыайыылаахтары наҕараадалааһын.
Быыстапкаҕа эрдэттэн сорудах бэриллэр, онон учууталлар бэлэмнэнэн кэлэллэр. Ону тэҥэ, 10-11 кылаас үөрэнээччилэригэр икки таһымнаах барар. Туох баар улахан олимпиадалар ирдэбиллэрэ оннук буолан турар. Ол иһин быйыл бастакыбытын оннук усулуобуйаны киллэрдибит.
Бастакы түһүмэх кэтэхтэн (заочно) барар. Ол аата дьиэлэригэр олорон сорудахтарын толорон ыыталлар, үлэлэрин шифрдыыллар. Ону хамыыһыйа бэрэбиэркэлиир. Бастакы күҥҥэ «төгүрүк остуол» ыытыллар. Манна оскуолалар, институттар, училище бэрэстэбиитэллэрэ кыттыахтара. Архитектураны үөрэтиигэ туох уустуктар баалларын, бэйэлэрин санааларын үллэстиэхтэрэ.
Быыстапка-күрэх сылын аайы элбэх саҥа талааннары арыйар, оҕо бэйэтин ис кыаҕын тургутан, холонон көрөр, атыттары көрөн уопут ылар, элбэҕи билэн барар. Учууталларга эмиэ саҥалыы тыын ылан айымньылаахтык үлэлииллэригэр маннык таһымнаах тэрээһиннэр олус туһалаахтар.
Марина Жиркова.