Архангельскайтан – Чокуурдаахха

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Кимнээх кэлбиттэрий? Тоҕо?

Бөөлүүн түүн Аллайыахаҕа Архангельскай учуонай кыргыттара көтөн тиийдилэр. Тоҕо? Аллайыаха күөлүн, хайдах уулааҕын, ханнык үөннэр-көйүүрдэр баалларын үөрэтээри. Наука хандьыдаата, энтомолог Наталья Зубри гидролог үөрэхтээх, аспирантураны бүтэрбит дьүөгэтэ Светланалыын икки нэдиэлэ устата Колымское диэн ааттаах боротуохаҕа Станчик диэн учаастакка олорон үөрэтиэхтэрэ.

Кыргыттар Чокуурдаахха Орто Халыманан эргийэн кэллилэр. Орто Халыма күөллэрэ олус улаханнарын, үөннэрэ-көйүүрдэрэ, уу хомурдуостара элбэҕин уонна дулҕалара олус үрдүктэрин сөхпүттэр.

Дьэ, аны Чокуурдаах күөллэриттэн туох интэриэһинэйи булаллар, истиэхпит!

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0