Архангельскай олохтооҕо Ольга Шедричева саха тылын үөрэтэр

Ааптар: 
13.02.2021
Бөлөххө киир:

Архангельскайга саха тылын үөрэтэр кыыс олорор, Фейсбукка баар диэни истэн, тута булан кэпсэтэргэ быһаарыммытым. Нуучча, англия, финн тылларын баһылаабыт Ольга Шедричева саха тылын тоҕо сэҥээрдэ? Туох санаалааҕый?

edersaas.ru

 

Бэйэни билиһиннэрии

— Ольга, ааҕааччыларбытыгар бэйэҕин билиһиннэрэ түһэриҥ буоллар.

— Мин Архангельскай уобалас Северодвинскай куоратыгар олоробун. Бу – уу аннынааҕы ааллар кииннэрэ. 2011 сыллаахха М.В. Ломоносов аатынан Хотугу (Арктикатааҕы) федеральнай университет омук тылын факультетын бүтэрбитим.

Бүгүҥҥүтэ бэйэм бэйэбэр үлэлиибин – финн тылыгар баҕалаахтары үөрэтэбин, норуоттар икки ардыларынааҕы эксээмэннэргэ бэлэмниибин, финскэй үөрэх систиэмэтин сүгүрүйээччитэ да буолбатарбын, үөрэххэ туттарсааччыларга көмөлөһөбүн.

Финн тылын университекка үөрэппитим. Бэйэбит баҕабытынан буолбакка, модьуйуу көмөтүнэн диэххэ сөп.

— Хайдах? Тоҕо?

— Күүстээх бөлөх буолаҕыт, онон эбии финн тылын үөрэтиҥ диэбиттэрэ. Иккис куурус кэнниттэн дьупулуоммутугар суруллар иккис омук тылларын талларбыттара. Англия тылын таһынан өссө биир тыл баар буолуохтаах. Дьупулуоммар “лингвист, переводчик по специальности перевод и переводоведение” диэн сурулла сылдьар. Анал учуутал идэм суох. Үөрэҕим кэнниттэн эбии куурустарга үөрэнэн репетитордыы сылдьабын.

Тылга интэриэс

— Тылга, бука, оҕо эрдэххиттэн сыстаҕаһыҥ буолуо.

— Суох. Оннук буолбатах. Тохсус кылааска үөрэнэр сылбыттан англия тылын учуутала интэриэһи тарпыта. Билигин англия тылын сүгүрүйээччитэ буолбатахпын, кыратык хаарыйан даҕаны ылыахпын сөп. Тохсус кылааска атын оскуолаҕа көһөн, олус үчүгэй омук тылын учууталыгар үөрэммит дьоллоохпун. Оскуолабын бүтэрэн баран тута тылбаасчыт идэтигэр киирбитим. Үөрэххэ туттарсарбар финн тылын үөрэтиэхтэрэ диэн билбэт этим.

— Бэрт дии, икки омук тылын баһылаан таҕыстаҕыҥ. Финн тылын үөрэппэтэҕиҥ буоллар, баҕар, саха тылыгар даҕаны ылсыаҥ суоҕа этэ.

— Киэҥник тарҕаммыт тыл норвегия тыла этэ. Тоҕо диэтэххэ, сыалай биир симиэстир Норвегияҕа баран үөрэниэххэ сөп этэ. Биир бөлөх бары норвежскай тылы үөрэтэбит диэн номнуо сайабылыанньа суруйбут этэ. Биһиэхэ ханнык тыл хаалбытын түҥэппиттэрэ. Ол иһин, модьуйан диэн этэбин.

“Саха тылын сэҥээрэбин”

— Ольга, түүр тылын хаһааҥҥыттан сэҥээрэҕин?

— Маҥнай монгуол поп муусукатын интэриэһиргээбитим. Салгыы култууратын, онтон сиэттэрэн түүр омуктар култуураларын сэҥээрэн барбытым.

Сүрүннээн саха уонна башкир тылларыгар интэриэстээхпин. Билигин инники күөҥҥэ саха тылын тутабын. Саха тылын биллэхпинэ эрэ башкир тылын үөрэтиэм. Атын омук тылын баһылыырга хас даҕаны сыл ирдэнэр, түһүмэҕинэн, хардыынан үөрэтиллэр. Сүрүн олугун билии түргэнник ситиһиллэр, онтон уустугуран иһэр буолан, сыыйа бытаарыы барар. Ылбыт билиини хатылыы сылдьыбатахха, олоххор туһамматахха, умнуохха да сөп. Онон башкир тылын кэлин үөрэтиэм. Икки майгыннаһар тылы тэҥинэн үөрэтии бутуурга эрэ тиэрдиэн сөп.

“Самоучитель якутского языка”

— Саха тылын хаһааҥҥыттан, хайдах үөрэтэн эрэҕин?

— Былырыын атырдьах ыйыттан бэйэм Л.Н. Харитонов “Самоучитель якутского языка” кинигэтинэн үөрэтэн саҕалаабытым. Куйаар ситимигэр Sakhatyla.ru саайтка булбутум. Босуобуйа босхо. Маҥнай атын тыллаах омуктарга аналлаах саха тылын үөрэтэр оскуола учуобунньугун көрдүү сатаабытым. Онно барыта сахалыы тылынан суруллубут уонна быһаарыллыбыт, ол эбэтэр саха тылын номнуо билэр дьоҥҥо анаммыт этэ. Элбэҕи өйдөөбөтөҕүм. Онтон Харитонов босуобуйатын булбутум, мин курдук саха тылын букатын билбэт дьоҥҥо аналлаах, барыта нууччалыы тылынан быһаарыллар, өйдөнөр.

“Бу остуол баар”

— Бастакы саҥарбыт этиигин өйдүүгүн дуу? “Мин аатым…” диэн дуо?

—  Суох, суох, букатын атын. “Бу остуол баар” диэн этэ. Сэбиэскэй мэтиэдикэ аныгы коммуникативнайтан улахан уратылаах. Билигин үксүн бэйэ туһунан кэпсииргэ, билиһиннэрэргэ үөрэтэр буоллахтарына, урут атын этэ. Сэбиэскэй тылбаастыыр систиэмэ түүр уонна финно-угорскай тылларга ордук барсар. Коммуникативнай мэтиэдикэ, арааһа, ортону үрдүнэн (уровень а2) табыгастааҕа буолуо. Түүр уонна финно-угорскай тыл кырамаатыкаттан улахан тутулуктаахтар. Кырамаатыканы билбэт буоллахха, тыллары, этиилэри үөрэтэн туһа суох.

“Саха тыла финн тылын курдук”

— Саха тыла төһө уустук тыл дии санаатыҥ?

— Финн тылын курдук. Мин билэрбинэн, финн тылын үгүстэр ыарырҕаталлар. Ол эрээри, онно туохтуур кырамаатыката ордук уустук. Кэм туохтуура элбэх (перфект, имперфект, плюсквамперфект). Саха тылыгар ааспыт кэм (имперфект) уонна урут ааспыт кэм (плюсквамперфект) баар, перфект суоҕа сөхтөрдө. Ол эрээри, манна билигин ааспыт эбэтэр урут ааспыт кэминэн быһаарыахха сөп эбит.

Финн тылыгар 14 элбэхтик туттуллар түһүк баар эрээри, улахан ыарахана суох. Ону таһынан, аҕыйахтык туттуллар эргэрбит түһүктэр эмиэ бааллар. Уопсайынан, өйдөнөр. Саха тылыгар оннооҕор аҕыйах – 8 түһүк.

Саха тыла английскай тыл курдук сөптөөх сыһыарыыны эбэн уонна көннөрү этиигэ туттуллар туохтуурдары үөрэтиинэн муҥурдаммат. Финн тыла эмиэ саха тылын курдук. 70 бырыһыан уустук диэхпин сөп. Аҥаардас биирдиилээн тылы билии ситиһиигэ тиэрдибэт. Тыллары тылдьыкка даҕаны көрүөххэ сөп. Тылыҥ саппааһа төһө да баай буолбутун иһин, кырамаатыката суох ырааппаккын.  Бу, тылы үөрэтэргэ тыл бөлөҕүттэн көрөн табыгастаах ньыма (подход)  тутуһуллара сөп диэн көрүүбүн өссө биирдэ бигэргэтэр.

— Саха тылын төһө биллиҥ?

— Билиҥҥитэ тулабар туох баарын кэпсиэхпин сөп. Бэйэм туспунан олох аҕыйаҕы кэпсии үөрэнним. Саҥабынааҕар суругум ордук. Тоҕо диэтэххэ, манна сахалыы кэпсэтэр киһим суох. Онон саҥарарбынааҕар элбэхтик суруйабын.

— Саҥа үөрэтэн эрэр киһиэхэ олус улахан акцена суохтук саҥараҕын.

— Финн тылын дьайыыта буолуо. Фонетиката майгыннаһар, эмиэ уһун аһаҕас дорҕооннордоох.

— Сахалыы айымньыны ааҕан көрдүҥ дуу?

— Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон “Мы все дети одной матери” нууччалыытын аахпытым. Акценнаах саҥарарбын билэбин, онон кэмиттэн-кэмигэр Алампа хоһооннорун ааҕабын.

Тик-Токка сахалыы саҥабын таһаарбытым. Сорохтор Тик-Тогу куһаҕан дииллэр эрээри, киһи хайдах, туох соруктаах туһанарыттан тутулуктаах дии саныыбын.

— Нэдиэлэҕэ хас күн, чаас дьарыктанаҕын?

— Арааһынай, хайдах табылларынан. Ол эрээри, нэдиэлэҕэ саатар биирдэ эрчиллэ сатыыбын. Дьиҥэр, арыый элбэх бириэмэни аныыбын. Иллэҥ бириэмэ көһүннэҕинэ, Харитонов кинигэтинэн эбэтэр бэйэм тугу эрэ ааҕабын, тылбаастыыбын.

Финн тылын университекка үөрэнэр сылларбар үһүс-бэһис куурустарга үөрэппитим. Ону таһынан, сайыҥҥы оскуолаларга дьарыктаммытым, университекка Финляндияны кытта сибээстээх араас бырайыактар бааллара. Холобура, финныы оҕо литэрэтиирэтин тылбаастааһын.

Саха тылын чопчу бачча сылынан билэр буолуом диэн этэр кыаҕым суох. Тылы үөрэтии ханнык эрэ түһүмэххэ тиийэн бүтэн хаалбат, ордук омук тыла. Тылы баһылааһын сыыйа ситиһиллэр. Оннооҕор нуучча тылын сорох быраабылаларын саҥа биллим, өйдөөтүм.

— Оттон сахалыы муусуканы төһө истэҕин?

— Истэбин эрээри, сүрүннээн рэп-муусуканы. Егор Васильев-Джида ырыаларын сөбүлүүбүн. Кэлин биллибэт-көстүбэт буолла дии. Урукку ырыалара балачча элбэхтэр. Кэлиҥҥилэртэн Екатерина Черкашина ырыаларын истэбин. Кини гитараҕа үчүгэй репетитор быһыылаах.

Саха хомуһугар, башкир курайыгар оонньуу үөрэниэхпин баҕарабын. Башкортостан Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Миндигафур Зайнетдинов видеоларын көрөбүн. Саха хомуһугар бэркэ оонньуур.

“Төрөөбүт тылгытын биһирээҥ”

— Үгүс киһи англия тыла национальнай тыллардааҕар суолталаах диир. Эн атын көрүүлээххин.

— Оннук. Англия тылын олус дарбаталлар дии саныыбын. Билигин оскуолаҕа барытыгар үөрэтэллэр. Оттон дьиҥнээх олоххо, ону туһанар, наадыйар киһи аҕыйах. Туох эрэ ыйыытын-кэрдиитин (инструкция) ааҕарга эбэтэр анал идэлээх дьон туттар. Иккиһинэн, киһини сүрэҕэ суох оҥорор: кырамаатыката судургу, киэҥник тарҕаммыт тыл.  Билигин дьон англия тылын билэр буоллум да сөп, онтон атын тылы үөрэтэр туохха нааданый диэн толкуйдуур.

Биһигини финн тылын үөрэтэргэ күһэйбит деканаппар махтана саныыбын. Онтон атын саха тылын үөрэтэр сылтах суох буолуо этэ.

Миэхэ сорохтор саха тыла туһата суох диэн суруйаллар. Бэйэҕит тылгыт сайдыытыгар эрэниҥ. Ханна даҕаны буоллун – бааҥҥа, буостаҕа, маҕаһыыҥҥа, о.д.а сиргэ, эһигини кытта сахалыы кэпсэтэллэригэр көрдөһүҥ. Тыл сүппэккэ хаалыыта, ол тылынан кэпсэтэр дьонтон эрэ тутулуктаах. Оннооҕор уустук балаһыанньалаах тыллары өрө тардан, билигин кэпсэтэ сылдьар омуктар хас да холобурдарын билэбин. Саха тыла кэскиллээх!

“Саха сирин көрөр баҕа санаалаахпын”

— Дьокуускайга кэлэр былааннааххын дуу?

—  Саха сирин көрөр баҕа санаалаахпын. Ордук Уус Алдан улууһун интэриэһиргиибин – Бороҕону. Башкирияҕа бороҕоннор (бурзяннар) Баймакскай оройуоҥҥа элбэхтэр.

Этнографическай эспэдииссийэ эҥин эбитэ буоллар, өссө үчүгэй буолуох этэ. Биллэн турар, үгүс үп ирдэнэр.

— Ольга, саха тылын үөрэтэриҥ иһин махтанабын. Ситиһиилэри баҕарабын.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0