Түөрт сыллааҕыта дойдубар айаннаары, таксига биир орто саастаах дьахтардыын аргыстастыбыт. Буолары-буолбаты кэпсэппитэ буола олорон, абааһы, көстүбэт эйгэ туһунан сэлэһэн саҕалаатыбыт. Ол дьахтарым биир түбэлтэни кэпсээбитин өйдөөн хаалбыппын. Салгыы кэпсээни кини аатыттан суруйабын.
Бу түбэлтэ 1990-с сыллар саҕаланыыларыгар Дьокуускай биир микро-оройуонугар буолбут. Оччолорго онно баар эргэ мас дьиэни куортамнаан үс устудьуон кыыс буолан олорбуппут. Бары да Дьокуускайга саҥа кэлбит буоламмыт куораты билбэппит, мээнэ ханна да сылдьыбаппыт. Өрөбүл аайы хосторунан ыһыллан уруок ааҕабыт, тэлэбиисэр көрөбүт. Биир ыйбыт итинник биллибэккэ ааста. Света диэн сытыы-хотуу майгылаах, хотуттан сылдьар кыыспыт биир сарсыарда “түүннэри утуйбат буолбутум быданнаата, куруук оҕо ытыырын, дьахтар хаһыытаан кыланарын истэбин, баттатабын быһыылаах” диэн кэпсээннээх буолла. Биһиги наадыйбатыбыт, сылайаҥҥын ону-маны түлээгирэр буолбуккун диэн, хата, күлээччилэр буоллубут.
Ол да буоллар, мин барытыттан сэрэхэчийэр буолбутум. Утуйар хоско соҕотох хааллахпына, аттыбар ким эрэ тыынарга дылы буолара, оттон тэлэбиисэр баар хоһугар хобулук тыаһыырын чуолкайдык хаста даҕаны истибитим. Ону кыргыттарым куттаныахтара диэн кимҥэ даҕаны кэпсээбэтэҕим. Үөрэнэн эрдэ кэллэхпинэ, салгын сиибин диэн албаһыраммын, оҕо былаһааккатыгар тахсан кыргыттарым кэлэллэрин кэтэһэн олорооччубун. Арай бу аҕыйах күн иһигэр Светабыт куура хатан, дьүдэйэн хаалла, аны ыарытыйар, сотору-сотору уҥар буолла. Оннук хаста даҕаны балыыһаҕа киирэн таҕыста эҥин быһыылааҕа. Биирдэ балыыһаҕа көрсө барбыппытыгар Светабыт: “Ити дьиэттэн көһүөххэ, баһаалыста. Сүгүн утуйбатаҕым ыйтан орто. Миигин ким эрэ түүн аайы кэлэн дьээбэлиир, куттуур, кулгаахпар оҕо ытыыра тохтоло суох иһиллэргэ дылы. Хос иһигэр мааны таҥастаах кыыс баттах тараана турарын, хобулуктаах соппуоска кэтэ олорорун хаста даҕаны көрдүм”, — диэн кэпсээтэ уонна ытаан барда. Мин эмиэ тулуйбакка, урут тугу көрбүппүн-истибиппин барытын кэпсээтим. Онон кыыспыт балыыһаттан тахсыыта хомунан, дьиэттэн көстүбүт.
Кэлин бу дьиэ туһунан биир хаһыакка суруйбуттарын булан аахпытым. Биһиги олорбут кыбартыырабытын кыахтаах ыал кыыстара ыал буолбутугар бэлэх гына атыыласпыттар эбит. Аҕыйах кэм буолаат, эдэр ыал оҕоломмуттар. Бу кэмҥэ аны аҕалара атын кыыска кэргэнин, оҕотун быраҕан барбыт. Эдэр ийэ барахсан хомойон, таҥнарыы аһыытын тулуйбакка, төбөтүнэн ыалдьаахтаабыт. Ол сылдьан өйүттэн тахсан, оҕотун муомахтаан өлөрбүт уонна бэйэтигэр тиийинэ сатаабыт эбит. Бу быһылаан кэнниттэн кыыс дьоно дьиэни биир эр киһиэхэ атыылаабыттар. Аҕыйах хонон баран ол киһи ыйанан турарын булбуттар. Бу маннык бөрүкүтэ суох быһыы хаста даҕаны хатыламмытын кэнниттэн, дьиэни ким даҕаны атыыласпат да, куортамнаабат да буолбут эбит. Биһиги кэннибититтэн уоллаах кыыс кэлэн олоро сатаан баран эмиэ тута көспүт сурахтарын истибиппит.
Хата, дьиэттэн көспүппүт кэнниттэн Светабыт үтүөрбүтэ. Билигин үһүөн этэҥҥэ үөрэхпитин бүтэрэн, ыал буолан, сибээспитин быспакка доҕордоһо сылдьабыт. Көрүстэхпитинэ ол дьулаан түбэлтэни дөрүн-дөрүн санаан ааһааччыбыт.
«Саха сирэ» хаһыакка, edersaas.ru саайтка анаан.