1993 сыл Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Борис Николаевич Ельцин Саха сиригэр кэлэ сылдьыбыта. Чопчулаан эттэххэ, кини Саха норуотун национальнай бырааһынньыгар, Ыһыахха, сылдьардыы кэлбитэ. Биллэн турар, биһиги дьоммут оннук төрүөттээн ыҥырдахтара.
Мин оннук түгэни мүччү тутумаары ыһыахха барардыы быһаарыммытым. Аны биир өттүнэн биһигиттэн чугас Тааттаҕа буолара улахан оруолу ылбыта. Ытык Күөлгэ бииргэ төрөөбүт убайым олороро. Онон ыһыахха сылдьа, аймахтарга ыалдьыттыы уонна сүрүнэ Ельцины көрөөрү үлэбэр аҕыйах хонук уоппуска ылбытым. Оччолорго билигин суол судургутун иһин, төһө да чугас буолларбыт, Тааттаҕа айан кэккэ ыарахаттардааҕа. Ол курдук, куоракка барар ракетаҕа олорон Уус Тааттаҕа тиийиэххэ наада. Онтон тугунан эмэ Ытык Күөлгэ барыы. Ракетаҕа икки билиэти нэһиилэ булбутум. Ракета куораттыыр киһитэ элбэх буоллаҕына тохтоомуон да сөбө. Сарсыарда эрдэ киирэн уу үрдүнэн көтө айанныыр аалга киирэн кэргэмминээн олордубут. Киһитэ толору. Ол быыһыгар биир ураты киһи баара. Таҥаһа-саба атын, улахан сааһыра баран эрэр киһи. Ыраас сырдык сирэйин сэҥийэтигэр хойуу, уһун бытыктааҕа. Ып-ырааһынан көрөр харахтааҕа, оннук хара үлэни билбэтэх көрүҥнээх илиилээҕэ. Эмиэ да эдэр киһи бытыктанан маннык уратытык таҥнан сааһырбыт киһиэхэ майгынныыра эбитэ дуу?
Кини аттыгар биһиги түбэстибит. Өссө биир билэр киһим баара. Ол Иванов Сүөдэр, Хаандыга сопхуос зоотехнига, сэрии кыттыылааҕа киһи быраата. Геолог идэлээх киһи убайыгар күүлэйдээн баран эмиэ биһиги курдук ыһыахха сылдьан төттөрү куоратыгар төннөр былааннаах айаннаан иһэр эбит. Уруттаан эттэххэ, Гурьев быһыылааҕа, уһун айаммытын сэргэхсиппитэ. Билэрэ-көрөрө элбэҕэ, ол ону сатаан кэпсиириттэн мин сөхпүтүм. Этэргэ дылы, сир ийэ хайдах үөскээбититтэн билиҥҥээҥэ дылы. Геолог буоллаҕа. Манна даҕатан эттэххэ, Сүөдэр да кэпсээннээх киһи этэ. Дьүлэй этэ. Ол моһуоктуура. Ити көлүөнэ дьон билиилэрэ чиҥэ, барытын төбөлөрүгэр тута сылдьаллара. Билиҥҥи дьон курдук көмпүүтэргэ, интэриниэккэ сигэммэттэрэ…
Ол дьикти киһибит эмиэ Уус Тааттаҕа түһэр эбит. Өссө соһуйуохпун бу киһи Эмиэрикэттэн иһэрин кэпсээтэ. Сатыы аан дойдуну кэрийэн бу айаннаан иһэрин биллим. Мин ааҕа олорор хаһыаппар киниттэн ити автограф ылбытым. Ракета айана түргэн. Тоҕус ааһыыта Уус Тааттаҕа тиийдибит. Түстүбүт. Ракета салгыы айанныы турда. Сопхуос хонтуоратыгар олоробут. Ытык Күөлгэ барар массыына көрдүүбүт да суох. Биир эмэ барар буоллаҕына наар толору буолан истилэр. Эбиэт саҕана биир урукку гынан баран сэнэх уазик хонтуораҕа тохтоото. Урууллаан кэлбит оҕонньор тиэтэйэ-саарайа иһирдьэ киирдэ. Мин сэрэйдим, ким буоларын. Варяттан ыйытабын:» Ити кимий, билэҕин дуо?» Варя: «Онтон түбэтиэйкэлээх оҕонньор дии»,- диэтэ. «Суох, ити сопхуос дириэктэрэ Жирков, биир дойдулааҕым»,-диэтим. Чочумча олороот, киниэхэ киирдим. Туох наадалаахпын эттим. Мин Алексей Андреевич, кини билэрин билэрим, быраата буоларбын эттим.» Оо, Кэбээйигин, сөп, өйдөөтүм. Икки ааһыыта ГАЗ-66 барыахтаах. Этиэҕим. Манан эргийэн эһигини ылан барар гына сорудахтыам»,- диэбитэ. Онон, кини эппитин курдук, ол массыына кэлбитигэр куусапка олорон Ытык Күөлгэ айаммыт салгыы саҕаламмыта. Суол куһаҕана. Иҥнэл-таҥнал айаннаан иһэн, били, мааҥын ракетаҕа көрсүбүт киһибит баран иһэрин ситтибит.
Кабинаны тоҥсуйан тохтоттубут. Куусаптан түһэн киһибитин өссө төгүл, дьэ, дьиҥнээх айанын кэмигэр хайдаҕын көрдүбүт. Ол ону хаартыскаҕа түһэрбитим. Онно көрдөхпүнэ киһибит улахан да уҥуохтаах, бөдөҥ-садаҥ киһитин өссө төгүл итэҕэйбиттм. Улахан үллэ сылдьар хомуһуолун иһигэр малын илдьэ сылдьара. Ардахтан илийбэтин диэн буоллаҕа. Аны санаатахха ол онно улаханнык соһуйбуппут. Дьон араас омук сиринэн соҕотоҕун сатыы хааман айанныылларыттан. Онтон кэлин итинник айаннааччы элбээтэ. Биирдэ Өймөкөөҥҥө куобахтыы сылдьан соҕотох киһи бэлэсипиэтинэн айаннаан иһэрин көрсүбүппүт. Ол киһи мала элбэҕэ. Германияҕа олорор нуучча киһитэ. Билиҥҥээҥҥэ дылы билэр көлөм буолан, киниттэн уларсан миинэн көрбүтүм. Таһаҕастаах бэлэсипиэт ыарахана биллэрэ. Ол ону сыыры тахсарбар ускуораһын уларытан тахсабын диэн кэпсээбитэ. Элбэх ускуорастаах омук бэлэсипиэтэ эрэллээх, айаҥҥа чэпчэки буоллаҕа. Оччоҕо оннук бэлэсипиэт атыыга суоҕа. Билигин дэлэйдэ. Миэнэ уон бэһис сылыгар барда. Билигин да үчүгэй. Бука, дьиҥнээх омук хаачыстыбалаах оҥоһуга түбэспит. Онтон үгүс итинник көлө икки үс сылынан алдьанар дииллэр. Сэрэйдэххэ харчыны сатаан эргитэр кытай оҥоһуктара буолуо.
Дьэ, онон аны итинник, араас айаннааччы элбээн ким да соһуйбат буолла.
Алаас Уола.
Хаартыскаҕа: Италия туриһа Лоренцо Барон былырыын Саха сиригэр кэлэ сылдьан.