СҮБЭ: Аннынан аргыар аргыйбатын, үрдүнэн үргүөр үргүйбэтин

Бөлөххө киир:

Хаһыаппыт ааспыттааҕы халыҥ таһаарыытыгар (31.10.2018) “Алаһа” балаһаҕа мас дьиэ эркинин ханнык матырыйаалынан сылаас хаттыгастыыр ордугун туһунан сүбэ биэрбиппит. Ону салҕаан, бу сырыыга дьиэ үрдүн уонна муостатын тастан тымныы үргүйбэт, иһиттэн сылаас куоппат гына хайдах оҥостуохха сөп холобурдарын көрдөрөбүт.

“Дьон кэтэх дьиэ туттарыгар, үгэс курдук, эркиннэр уонна муннуктар ыпсыыларын, тиксиһэр-холбоһор сирдэрин эрэ кичэйэн оҥостоллор. Оттон дьиэ муостатыгар уонна үрүт сабыытыгар аанньа аахайбаттар. Дьиҥэр,  сылаас үксүгэр алын уонна үрүт бүрүөһүннэринэн куотар”, — диир ХИФУ инженернэй-тэхиньиичэскэй институтун маһы таҥастааһыҥҥа уонна мас конструкцияларга кафедратын доцена, “Стройкомпозит” ХЭУо дириэктэрэ Альберт Кардашевскай итиэннэ Дьокуускайга уонна улуустарга ыыппыт элбэх сыллаах чинчийэн-кэтээн көрүүлэригэр олоҕуран маннык сүбэлиир.

Хаттыгас халыҥа эрэ быһаарбат

Дьиэ сылааһын хаттыгас халыҥа уонна көрүҥэ эрэ быһаарар буолбатахтар. Хаттыгастары хардары-таары уурарыҥ уонна дьиэ акылаатын эбэтэр эркинин  кытта тиксиһэр миэстэлэринэн хайаҕаһа-быыһа суох гына кичэйэн, сатабыллаахтык тэлгэтэриҥ улахан суолталаах. Билигин кэтэх дьиэни тутууга, чуолаан, муостатыгар минеральнай уонна органическай матырыйаалынан оҥоһуллубут хаттыгастары элбэхтик туттар буоллулар. Үксүн, пенополистирол уонна базальт билиитэлэри сөбүлээн тэлгэтэллэр. Онуоха болҕомтолорун, сүрүннээн, хаттыгас халыҥ буоларыгар хатыыллар. Дьиэни тутарга уонна хаттыгастыырга мас куурдаҕына тардарын уонна хайыта барарын аахсыллыахтаах…

Тутуу быыһа-хайаҕаһа суох буоларыгар уонна хаттыгас аналынан туһалыырыгар сииктэн харыстыыр араҥаны (В изоспан эбэтэр аналогтара) сөптөөхтүк ууруу быһаарар суолталаах. Оҥорон таһаарааччы ыйарын курдук, изоспаны бэйэ-бэйэтигэр 15 см гына хардары тутан баран,  тиксиһэр-сыстар уонна оскуоманан маска иҥиннэриллибит сирдэрин анал лиэнтэнэн хам сыһыарыллыахтаах… 

Бэрэбинэ эбэтэр бөкүнүк быһыылаах буруус дьиэҕэ аллараттан, хаттыгас эркинниин ыпсыһар сиринэн, үргүйэрин үҥсэргээччилэр. Ити тутуу биригээдэтэ ыксаан, кичэллээхтик оҥорботуттан тахсар. Маны хаһыакка тахсыбыт схеманан көрөн оҥоһуннахха, туоратыллар кыахтаах. Эркиҥҥэ сыстар өттүгэр 50 кг/куб.м улахана суох чиҥнээх сымнаҕас хаттыгаһы туттарга сүбэлиибит. Хаттыгаһы эркиҥҥэ ыга анньан ууруллар. Эркин уонна үөһээ баалкы икки ардыларынааҕы кыра бурууһу үрдүттэн пенополиуретан күүгэнинэн ыстарыллар…

Көөбүлү эковата үтүрүйэн эрэр

Сылааһы сүтэрииттэн 30 бырыһыана дьиэ үрүт бүрүөһүнүнэн тахсар. Чинчийиллибит дьиэлэртэн баһыйар аҥаардара былыргылыы эрбии көөбүлэ, мас сыыһа үрүттээхтэр. Онтулара сорох ыалга эрэ 30 см халыҥ буолара СНиП ирдэбилинэн  Саха сирин усулуобуйатыгар сөп түбэспэт…

Дьиэ үрдүнээҕи бүрүөһүнү сылытарга базальт билиитэни уонна эковатаны дьон үгүстүк туттар буолан эрэллэр. Маннык хаттыгастары үрдүлэригэр буор эбэтэр кумах кутан баттатар табыллыбат. Итилэр сииги курдаттыы таһаарар хаттыгастарга киирсэллэр. Ол иһин сииктэн харыстаныллыахтаах (В уонна А изоспан) итиэннэ хаттыгас иһиттэн тахсар сииги куурдар гына тас өттүттэн салгын охсорун хааччыйыллыахтаах…

Тутааччылар үгүстэрэ үөһэ сүрүн ойууга көрдөрүллүбүтүн курдук, үлэлииргэ чэпчэки-судургу диэн,  дьиэ үрдүн пенополистирол билиитэнэн (пеноплаһынан) бүрүйэллэр. Бу матырыйаал тус дьиэлээхтэргэ – олус кутталлаах. Умайымтыа уонна умайдаҕына сүлүһүннээх эттиктэри таһаарар буолан, элбэх киһи уокка былдьанар. Маны тэҥэ үөһэ ыйыллыбыт матырыйааллардааҕар сииги аһарара мөлтөх буолан, ыпсарыытын кыайбатахха, хобдох түмүккэ аҕалара элбэх…

(Бу туһалаах сүбэни сиһилии “Саха сирэ” хаһыат бүгүҥҥү (28.11.2018) халыҥ таһаарыытын атыылаһан аах).

Василий НИКИФОРОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0