Ардах быыһынан хаамтылар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ Уус Алдан улууһун 1-кы Өспөх нэһилиэгин олохтоохторо ардах быыһынан Улуу Кыайыы 77 сылыгар “Өлбөт үйэлээх полк” кэккэтигэр параадтаатылар.

Устуоруйа чахчытынан, бу нэһилиэктэн Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 35 киһи ыҥырыллан, ийэ дойдуларын өстөөх халабырдьыттарыттан көмүскүү барбыта. Кинилэртэн 12 буойун сэрии хонуутугар охтубута, 8 киһи сураҕа суох сүппүтэ. 15 киһи тыыннаах эргиллэн кэлэн, төрөөбүт нэһилиэктэрин сайдыытыгар кылааттарын киллэрсибиттэрэ.

Төһө да бэҕэһээ ардаатар, нэһилиэк олохтоохторо, ол иһигэр олохтоох оскуола 100 тахса үөрэнээччитэ “Өлбөт үйэлээх полк” хаамыытыгар кыттан, сэриигэ өлбүт буойуннары, тыылга үлэлээбит туруу үлэһиттэри кэриэстээн, хаамтылар.

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова

Хаартысканы: В.Стрекаловская ыытта

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0