Ардаҕы ыҥырарга үлэлэр салҕаныахтара

Бөлөххө киир:

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Киин аэрологическай обсерватория (Росгидромет) уонна Саха сирин Быыһыыр сулууспатын дуогабардара, Өлөөн улууһугар “Ан-30М” сөмөлүөт саахалын да кэнниттэн, оннунан хаалар диэн эттэ.

Москватааҕы «Регион 98» хампаанньа “Ан-30М” сөмөлүөтүн Киин аэрологическай обсерватория Саха сиригэр ардаҕы түһэрэргэ анаан хантарааҕынан ыҥыран үлэлэтэр. Бу сөмөлүөт атын хантарааҕынан кэмиэрчэскэй рейси оҥоро сылдьан, саахалламмыта. “Веер” диэн ардаҕы ыҥырар тэриллэрин бу рейскэ устубуттар эбит.

Сөмөлүөт алдьанна, ол эрээри, ардаҕы ыҥырарга дуогабарынан үлэ оннунан хаалар. Эбээһинэстэрин толоруохтара диэн эрэнэбит. Ардаҕы ыҥырар “Веер” тэриллэрэ билигин Дьокуускай аэропордугар баар. Владимир Путин Саха сиригэр ардаҕы ыҥыран түһэрэргэ эспэримиэн оҥорорго сорудахтаан турар, — диэн Дмитрий Садовников эттэ.

Дуогабары түһэрсибит Саха сирин быыһыыр сулууспата өрөспүүбүлүкэ Куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт иһинэн үлэлиир. Бу кэмитиэт бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Иннокентий Андросов эппитинэн, “Ан-30М” сөмөлүөт саахалланар кэмигэр ардаҕы ыҥырыыга үлэлэр тохтотуллан турбуттар, хаалбыт чаастарыгар сөмөлүөт от ыйыгар уонна атырдьах ыйыгар үлэлиэхтээх эбит.

Билигин биһиги бу үлэни тиһэҕэр тиэрдэр туһунан кэпсэтиилэри ыытабыт. Икки суол баар. Биирэ – “Ир-Аэро” хампаанньа “Авиалесоохрана” тэрилтэни кытары дуогабардаһан үлэлии сылдьар “Ан-26” “Циклон” сөмөлүөтүн туһаныы. Иккиһэ – ыам ыйыгар кэлэн үлэлээбит “Як-42Д” лаборатория-сөмөлүөтү төнүннэрии. Бу күннэргэ быһаарыы кэлиэҕэ, — диэн Иннокентий Андросов быһаарда.

Саха сиригэр сайын саҕаланыаҕыттан 3 зондировщик-сөмөлүөт үлэлээбитэ. Ыам ыйын 13 күнүгэр “Росгидромет” “Як-42Д” лаборатория-сөмөлүөтэ кэлэн, бэс ыйыгар диэри үлэлээбитэ.

Кинини солбуйан, бэс ыйын саҥатыгар “Регион 98” хампаанньа “Ан-30М” сөмөлүөтэ кэлбитэ. Атырдьах ыйыгар диэри үлэлиэхтээх этэ.

Бэс ыйын 10 күнүгэр “Авиалесоохрана” тэрилтэни кытары дуогабардаһан, “Циклон” “Ан-26М” сөмөлүөт ойуур баһаардарын умуруорарга кэлбитэ. Билигин Мииринэйгэ баар. Өрөспүүбүлүкэ соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа, соҕуруулуу-илин өттүгэр үлэлиэхтээх. Номнуо 22 көтүүнү оҥорбута. Онон билигин ардаҕы ыҥырыыга биир сөмөлүөт үлэлиир.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0