Ардаҕы ыҥырар АН-26 «Циклон» сөмөлүөт

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын саҥатыттан Саха сиригэр АН-26 «Циклон» сөмөлүөт көмөтүнэн ардах түһэрэллэр.

Бу көтөр аал «Веер» диэн сөҥүүнү түһэрэргэ көмөлөһөр анал тэриллээх. Маннык сөмөлүөт Арассыыйа үрдүнэн билигин биир эрэ. АН-26 «Циклон» үлэтэ лаппа көдьүүстээҕэ бу сайыҥҥы үлэтиттэн көһүннэ – Саха сирин арҕаа уонна киин оройуоннарыгар 2-3 күн устата ардахтар түһэллэригэр көмөлөспүт өҥөлөөх. 

Ардаҕы түһэрэр сыалтан сөмөлүөт 5 км үрдүккэ устар халҕаһа былыттарга “йодистое серебро” диэн химическэй эттиги ыһар. Ардаҕа суох көпсөркөй былыттар бу эттиктэн сылтаан хойдоллор уонна ардыыллар. Ардаҕы түһэрии бырыһыана бэрт үрдүк – 70% тиийиэн сөп.
Ыам ыйын бүтүүтүгэр, бэс ыйын саҕаланыытыгар маннык ньыманан ардаҕы түһэриини саҕалыахха сөп. Маныаха өссө уоту умуруорууга эрэ буолбакка, от үүнэригэр анаан сири ньүөлсүтүүгэ эмиэ туттуохха сөп. Улуус баһылыктара бу көтөр аалы тыа хаһаайыстыбатын туһатыгар туттаары көрдөһөн суруйбуттара.

Ан-26 сөмөлүөттэр уустук суоллаах-иистээх эрэгийиэннэргэ бэрт туһалаах буолуохтарын сөп. Маныаха Саха сирэ, Красноярскай, Иркутскай курдук тайҕа баһаара үөскүөн сөптөөх кутталлаах эрэгийиэннэргэ хас улахан куорат аэропордугар баар буолара буоллар олус үчүгэй буолуо этэ. Холобур, Саха сиригэр Ан-26 арҕаа улуустуры кэтииргэ анаан Мииринэйгэ, соҕуруу сирдэри кэтииргэ анаан Нерюнгригэ, киин, илин улуустары кэтииргэ Дьокуускай аэропордугар, оттон хоту улуустары кэтииргэ Баатаҕайга эбэтэр Орто Халымаҕа баазаланаллара табыгастаах буолуо этэ.
Билигин Ан-26 былаан быһыытынан күҥҥэ түөрт эрэ улууска көтөр, биир өттүгэр 2,5 чаас барар, төннөрүгэр эмиэ итиччэ кэм буолар. Көтөр аал Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Ньурба, Хаҥалас, Нам улуустарыгар үлэлээбитэ.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска sakha.gov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0