Ардаҕы аҕалар зондировщик-сөмөлүөт хайдах үлэлиирий?

Ааптар: 
08.06.2022
Бөлөххө киир:

Ааспыт сайын улахан баһаардар тураннар,  элбэх киһи сүрэҕэр оспот баас буолан хаалбыта. Быйылгы дьылы  сылыктаатахха, күн-дьыл туруга арыый ордук курдук. Биллэн турар, сайын саҥа саҕаланна, онон тугу эрэ чопчу билгэлиир сатаммат. Ол оннугар ойуур баһаардарын утары үлэҕэ бэлэмнэнии туругун туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин нэһилиэнньэтин олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт уонна өрөспүүбүлүкэ быыһыыр сулууспатыгар ордук элбэхтэ киирэр ыйытыыларыгар хоруйдары көрүөххэ.

Ойуур тоҕо умайарый?

Ойуурга уот турарыгар араас сылтах баар. Ол эрэн сүрүн төрүөтүнэн дьыл-күн туруга буолар. Бу курдук түмүгү өр сыллар усталарыгар бу эйгэҕэ кэтээн көрүүнэн, чинчийиинэн дьарыктанар исписэлиистэр оҥороллор. Былырыыҥҥы сайын ону туоһулуур – икки ый устата сиргэ биир таммах ардах  түспэтэҕэ. Бу курдук улуу кураан Саха сиригэр 150 сыл устата хатылана илигэ. Ардаҕа суох этиҥнэр, уһун кэмҥэ турар кураан, торф бэйэтэ умайан тахсыыта, киһи тиийбэт сирдэригэр улахан уот төрүөтэ буолаллар. Маны кытта күүстээх тыал уот тарҕаныытын күүһүрдэн биэрэр.

Ойуур баһаарын булуу, умуруоруу хайдах ыытылларый?

Аныгы үйэҕэ уот үөскээбит сирин көрдөөһүн наука тиһэх ситиһиилэрин туһанан ыытыллар. Маҥнайгы кирбиигэ космос куйаарыттан спутник нөҥүө кэтээһин турар. Арыый чугас халлааҥҥа авиапатрулирование үлэтэ ыытыллар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин нэһилиэнньэтин олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт сүрүн сыала – баһаар саҥа үөскээбит кэмигэр тутатына булуу буолар. Бу туһугар быйыл, ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтиигэ уонна суох оҥорууга биир кэлим судаарыстыбаннай систиэмэ өссө көдьүүстээхтик үлэлииригэр анаммыт Саха сирин нормативнай-правовой аакталарыгар уларыйыылар киирбиттэр. Ааспыт сыл суостаах уопутугар олоҕуран, дьон олорор сирин,  баайы-дуолу харыстыырга анаан бары улуустарга штаты таһынан баһаартан көмүскэнии сулууспалара тэриллибиттэр (уопсай ахсаана 285 киһи). Ону таһынан СӨ Быыһыыр сулууспатыгар 41 киһилээх аэромобильнай быыһыыр бөлөх тэриллибит. Бу дьон бары быыһыыр тэриллэринэн, тиэхиньикэнэн толору хааччыллыбыттар, бары аналлаах бэлэмнэниини, үөрэҕи ааспыттар.

Баһаары эрдэттэн сэрэтиэххэ сөп дуо?

Омос санаатахха, тайҕа уотун утары охсуһуу, байҕал долгунун уоскутууга холонуу курдук көстөр. Киһи-аймах төһө даҕаны кыаҕа улааппытын иһин, бэйэтин күүһүнэн стихияны утары киирсиигэ кыаттарар эрэ кыахтаах. Ол эрэн, айылҕа көстүүтүн утары атын айылҕа күүһүн утары туруоруохха сөп. Ол курдук, баһаар үөскүүр кутталын таһымын намтатарга, ходуһалары кураантан быыһыырга анаан гидрометеорологическай хамсааһыҥҥа дьайыы кэнники кэмҥэ күүскэ сайынна. Судургутук эттэххэ, оҥоһуу ардаҕы ыҥырыы ньымата баар буолла. Быйыл маннык тэрээһиннэри ыытарга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр туспа лимиит былааннаммыт. Бу үбү туһанан Арассыыйа Киин аэрологическай лабораториятын (Росгидромет) кытта судаарыстыбаннай хантараак түһэрсиллибит. Бу хантараак чэрчитинэн Саха сиригэр бу сайын сөҥүүлэри ыҥырыыга тургутуу, дьайыы үлэлэрин сөмөлүөт көмөтүнэн ыытыахтара.

Баһаар куттала бүгүҥҥү  туругунан хайдаҕый?

Ыам ыйын 14 күнүттэн бэс ыйын 6 күнүгэр диэри баһаар үөскүүр кутталын таһымын намтатарга аналлаах сөмөлүөтүнэн 10 көтүү оҥоһуллубут, 23 улуус сирин-уотун кэтээн көрүү ыытыллыбыт.

Эрэгийиэннээҕи авиалесоохрана диспетчерскэй сулууспата оҥорор кэтээн көрүүтүн түмүгүнэн, бэс ыйын 7 күнүнээҕи туругунан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар 31 айылҕа баһаара бэлиэтэммит. Ааспыт сыл баччаларга 152 ойуур баһаара бэлиэтэммитэ. Барыллааһын түмүгүнэн, зондировщик-сөмөлүөт үлэтэ көдьүүстээҕэ көстөр.

Анал сөмөлүөт хайдах үлэлиирий?

Билигин үлэлии сылдьар зондировщик-сөмөлүөт – Як-42Д «Росгидромет» 2015 сыллаахха анаан-минээн уоту кэтээн көрүүгэ  оҥоһуллубут көтөр аала. Маннык сөмөлүөт аан дойдуга биир эр. Көтөр аал иһигэр 70-тан тахса кэтээн көрөр датчиктар, прибордар салгын, сиик, радиация боруобатын хомуйаллар. Ону таһынан бу зондировщик-сөмөлүөт кутуругар ПВ-26 пиропатроннары ытар тэриллээх. Обуойматыгар 1024 киирэр кыахтаах. Пиропатрон йодид серебра былыта хойуннарар эттигинэн иитиллэр. Ардаҕы ыҥырыыга быыкаайык кээмэйдээх эттик туһаныллар. Холобур, иодид серебра 1 грамм ыйааһына 10000000000000 (1013) хаар кыырпаҕын көбүтэр. Ол аата аҕыйах грамм эттик орто былыттан 10 тыһыынча туонна ууну түһэрэр кыахтаах. Итиччэ ууну Бе-200 сөмөлүөт 830 кырыныынан аҕалар кыахтаах. Холобур, былырыын от ыйын биир күнүгэр Сүлдьүкээр таһынааҕы баһаарга сөмөлүөт 44-тэ кырынан 340 туонна кэриҥэ ууну ойуур баһаарыгар куппута.

Оҥоһуу ардах киһиэхэ туох да куттала суох. Саха сиригэр ордук туһааннаах чахчы. Бырамыысыланнас күүскэ сайдыбыт эрэгийиэннэригэр собуоттар буруоларын кытта булкуһан кислотнай ардах үөскүөн сөп. Оттон Саха сиригэр оннук моһуоннаах фабрикалар, собуоттар суохтар.

Ардаҕы оҥоруу сүрүн кыһалҕата атыҥҥа сытар. Зондировщик-сөмөлүөт көдьүүстээх үлэни оҥоророругар сөптөөх былыттар баар буолуохтарын наада. Көтөр аал сииги ыһыктыбат тоҥ былыттары “ыанньытар” кыахтаах. Оттон тустаах былыт суох буоллаҕына, ардаҕы хантан да түһэрбэккин.

Билигин өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн икки зондировщик-сөмөлүөт үлэлиир. Бэс ыйын 2 күнүгэр Росгидромет Ан-30М сөмөлүөтэ эбии кэлбитэ.

Сайыммыт саҥа саҕаланна. Хайдах, туох түмүктээх кутталлаах куйаас күннэри туоруурбутун күһүн көрдөрүөҕэ. Ол эрэн эрдэттэн бэлэмнэнии үлэ күүстээхтик бара турар билигин көстөр.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0