Арбын баһылыга Борис Бугаев: Зондировщик-сөмөлүөт биһиэхэ көтө илик

Бөлөххө киир:

Нам улууһун Арбын нэһилиэгэр зондировщик-сөмөлүөт үлэтин кэнниттэн уон ыал олбуорун уу ылбыт диэн сурах тарҕанна.

Нэһилиэк баһылыгын Борис Борисович Бугаевы кытта төлөпүөнүнэн сибээстэстибит:

— Уу таһыма үрдээн, билиҥҥи туругунан, уон ыал олбуоругар уу киирдэ. Ол иһигэр сэттэ хаһаайыстыбаннай тутууну ылла. Ыксаллаах быһыыны-майгыны уу дьиэ иһигэр киирдэҕинэ биллэриэхпит. Зондировщик-сөмөлүөт биһиэхэ ардаҕы түһэрэ илик.

Бүгүн күнүс түөрт чааска СӨ нэһилиэнньэтин олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Иннокентий Андросов салалталаах сөмөлүөт кэлиэхтээх этэ даҕаны, манна сөмөлүөт түһэр сирэ суох.

Ульяна ЗАХАРОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0