Евгения уонна Максим Арбугаевтар хаартыскалара “TIME” сурунаал таһыгар бэчээттэннэ

Бөлөххө киир:

Саха сириттэн төрүттээх Евгений уонна Максим Арбугаевтар түһэрбит хаартыскалара Америкаҕа нэдиэлэ аайы тахсар “TIME” сурунаал таһыгар бэчээттэннэ. Бу туһунан хаартыскаҕа түһэрээччилэр “Инстаграм” социальнай ситимҥэ баар страницаларыгар суруйдулар.

«Сыл бастыҥ киһитэ” ааты ылбыт Грета Тумбергы хаартыскаҕа түһэрэр чиэскэ тигистибит. Бырайыак олоххо киирбититтэн олус үөрдүм. @paulmoakley @suynsays уонна балтыбар @evgenia_arbugaeva үлэҕит иһин махтанабын”, — диэн Максим Арбугаев страницатыгар суруйбут.

Бу иннинэ Максим “Великий северный путь” киинэҕэ оператордаабыта уонна “Генезис 2.0” киинэҕэ режиссердаабыта.

https://www.instagram.com/p/B58lvoVIQN3/

edersaas.ru

Хаартыска — интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0