Арассыыйа уһулуччу өйдөөх оҕолоро

Ааптар: 
23.10.2021
Бөлөххө киир:

Аан дойдуга уһулуччу билиилээх, атыннык эттэххэ, вундеркинд оҕолор балачча элбэхтэр. Сэбиэскэй Сойуус кэмигэр хаһыаттар киэҥник сырдатар эбит буоллахтарына, билигин ити көстүү аҕыйаата. Тоҕо? Арассыыйаҕа маннык ураты оҕолор төрөөбөт буоллулар дуо?

edersaas.ru

 Тоҕус саастаах МГУ устудьуона

Аҕыс саастаах Алиса Теплякованы быйыл киин ханааллар киэҥник сырдаттылар. Кылгастык билиһиннэрдэххэ, Алиса биир кэлим эксээмэни (ЕГЭ) туттаран 11-с кылаас аттестатын ылбыта. Итиэннэ 9 сааһыгар Москватааҕы судаарыстыбаннай университет психологияҕа факультетын устудьуона буолла. Кини биология, математика (уустугурдуллубут), информатика, нуучча тылын эксээмэннэрин туттарбыт. Бүддьүөт миэстэтигэр баала хапсыбатах, онон төлөбүрдээх үөрэххэ киирбит.

Төрөппүттэрэ иккиэн иккилии үрдүк үөрэхтээх дьон — аҕалара Евгений Тепляков Москватааҕы судаарыстыбаннай университет психология, вычислительнай математика уонна кибернетика факультеттарын кыһыл дьупулуомунан, салгыы аспирантураны, ол кэнниттэн КНР Наукаларын академиятыгар докторантураны бүтэртээбит. Билигин дьиэ кэргэн иитээччитинэн үлэлиир эбит. Ийэлэрэ эмиэ Москватааҕы судаарыстыбаннай университет механика-математика факультетын уонна Үп университетын бүтэрбит, билигин оҕолорун көрөн олорор.

Тепляковтар сэттэ оҕолоохтор, Алиса улаханнара, 4 сааһыттан дьиэтигэр үөрэммит. Былырыын, 6 сааһыгар сүрүн судаарыстыбаннай эксээмэни (ОГЭ) туттарбыт, быйыл — биир кэлим эксээмэни (ЕГЭ).  Сэттэ саастаах быраата быйыл 9-с кылаастар эксээмэннэрин туттарбыт, 5 саастаах кыыстара үһүс кылаас, 4 саастаах кыыстара бастакы кылаас бырагырааматын номнуо үөрэппиттэр.

Аҕалара оҕолорун кытта ааҕыынан дьарыктанар, ийэлэрэ ахсааҥҥа эрчийэр эбит. Кыыстарын “вундеркинынан” аахпаттар. “Бу көннөрү түмүк. Өйгө тутар ураты дьоҕур (память) уонна атын ньыманан үөрэтии”, — диэн киин сонуну тарҕатар ситимнэргэ иһитиннэрбиттэр. Алиса 11 сааһыгар университеты бүтэриэ диэн суоттаналлар.

10 уонна 11 саастарыгар оскуоланы бүтэрбиттэр

Анжела уонна Диана Князевалар 1986 уонна 1987 сылларга төрөөбүттэр. Кыргыттар ситиһиилэрэ сүрүннээн кинилэр ийэлэрин кытта сибээстээх дииллэр. Ийэлэрэ Юлия Князева педагогика билимин хандьыдаата, айдарыылаах оҕолору сайыннарар мэтиэдикэни айбыт, олоҕун бүтүннүүтүн тустаах тиэмэҕэ анаабыт. Ол мэтиэдикэнэн үөрэнэн кыргыттар оскуоланы эрдэ бүтэрбиттэр.

Юлияҕа кэргэнэ, кыргыттар аҕалара күүс-көмө буолбут. Төрөппүттэрэ кыргыттарыгар “көҥүл үөрэх” систиэмэтин тэрийэргэ кыһаллыбыттар. Ол эбэтэр анал усулуобуйаҕа буолбакка, олох хаамыытынан (процесс жизни) ситиһиллэр. Үөрэхтэрин оонньууну, сибиэһэй салгыҥҥа сынньалаҥы, успуорду кытта дьүөрэлээбиттэр. Онон оҕо сааһы билэн улааппыттар. Ураты таҥыллыбыт бырагыраама буолан, үгүс вундеркиннар көрсөр психологическай кыһалҕаларын көрсүбэтэхтэр.

Маҥнай утаа Анжелалаах Диана бэйэлэрин саастыылаахтарын кытта оскуолаҕа киирбиттэр. Ол эрээри, бастакытынан, үс-түөрт саастарыгар номнуо ааҕа үөрэммит оҕолорго оскуолаҕа интэриэһинэйэ суоҕа түргэнник биллибит. Иккиһинэн, учууталлар ситэри ыйыта да иликтэринэ, ким-хайа иннинэ хоруйдаары илиилэрин өрө уунан бэлэм олороллор эбит. Бука, атын оҕолорго толкуйдуур кыаҕы биэрбэттэр диэтэхтэрэ буолуо, сорох учууталлар биһирии ылымматахтар. Онон дьиэлэригэр үөрэнэн, Анжела 11 сааһыгар, Диана 10 сааһыгар оскуоланы бүтэрбиттэр. Ити сыл Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын иһинэн үлэлиир Үп академиятын норуоттар икки ардыларынааҕы экэниэмикэҕэ сыһыаннаһыы факультетыгар киирэн, 13 уонна 14 саастарыгар бүтэрбиттэр. Аудиторияҕа саҥа улаатан эрэр оҕолору көрөн оччолорго улаханнык дьиктиргээбиттэр. Онтон биэс сыллаах академияны үс сылынан, эбиитин кыһыл дьупулуомунан бүтэрбиттэригэр сөҕөн эрэ кэбиспиттэр. Аны биир сылынан юрист идэтигэр үөрэммиттэр.

Ол кэнниттэн Арассыыйатааҕы ректордар сэбиэттэрэ кыргыттары Эмиэрикэ Холбоһуктаах Штаттарыгар Стэнфорд университетыгар үөрэттэрэ ыыппыттар. 16 уонна 17 саастарыгар Стэнфорд университетын саамай эдэр магистраннарынан буолбуттар итиэннэ кылгас кэм иһигэр “норуоттар икки ардыларынааҕы политэкэниэмикэ” диэн үһүс үрдүк үөрэхтэрин баһылаабыттар. Өссө даҕаны оҕо, олоҕу билэ илик, идэлэринэн үлэлииргэ бэлэмэ суох буолан эбитэ дуу, Нью-Йорк университетын “Стерн” биисинэс-оскуолатыгар киирэн, үп уонна норуоттар икки ардыларынааҕы философияҕа докторскай үлэлэрин көмүскүүллэр. Эмиэрикэ Холбоһуктаах Штаттарыгар хаалан, үп эйгэтигэр күн бүгүҥҥэ диэри үлэлииллэр диэн суруйаллар.

11 сааһыгар физика учуобунньугун суруйбут

Оттон Савелий Косенко 11 сааһыгар Москватааҕы тиэхиньиичэскэй үрдүк үөрэх кыһатын устудьуонунан буолбут уонна ити сааһыгар физика учуобунньугун суруйан Гиннес рекордун кинигэтигэр киирбит. Институту 16 сааһыгар бүтэрэн баран Канадаҕа көспүт.

Саас-сааһынан кэпсээтэххэ маннык. Савелий 1980 сыллаахха Москваҕа төрөөбүт. Төрөппүттэрэ туочунай наукаларынан сөбүлээн дьарыктанар дьон, кырачаан уолчаан 2 сааһыгар ааҕар буолбутугар оннооҕор кинилэр соһуйбуттар. Үс сааһыгар биэс сыыппаралаах (пятизначные) холобурдары ааһан иһэн суоттуур буолбут. 7 сааһыгар кодтары (кодирование) сэҥээрэн барбыт уонна көмпүүтэргэ бастакы бырагыраамаларын суруйбут. Ити 1987 сыллаахха, билиҥҥи курдук ыал аайы көмпүүтэр, программированиеҕа үөрэтэр куурустар, оскуолалар суох кэмнэригэр. Бука, туочунай наукаҕа сыһыаннаах төрөппүттэрэ буллахтара.

Оскуолаҕа киирэр сааһа кэлбитигэр эксээмэннэрин ситиһиилээхтик туттаран, тута 6-с кылааска ылбыттар. 13 саастаах оҕолор күлүү-элэк гыныылара манна саҕаламмыт. Ол да иһин Канада ситиһиилээх урбаанньыта оҕо сааһын туһунан ахтарын сөбүлээбэт диэн суруйаллар. Бэйэтэ, өскөтүн математика уонна физика садаачаларын суоттааһыҥҥа умса түспэтэҕим эбитэ буоллар, кинилэр “саба түһүүлэриттэн” хайдах өрүттэрбин билбэппин диэн ахтар эбит. Оччотооҕу оскуолаларга оҕолор тус уратыларын, кыахтарын көрөн сайыннарбакка, көннөрү уопсай билиини иҥэрэр соруктаахтара диэн бэлиэтиир. Айдарыылаах оҕолор үгүстэрэ соҕотохсуйаллар, “эккирэтиигэ” түбэһэллэр уонна өрүү дьарыктанар буолан кыһалҕата суох оҕо саас диэн тугун билбэккэ аһараллар диир. Хата, төрөппүттэрэ оскуола уонна бииргэ үөрэнэр оҕолоро уолларын сайдыытыгар куһаҕаннык дьайалларын бэлиэтии көрөн, дьиэтээҕи үөрэххэ көһөрбүттэр.

Вундеркинд 1991 сыллаахха дойду биллэр институтугар туттарсан киирэр. Бу сылларын Савелий истиҥник ахтар, преподавателлэр уонна устудьуоннар киниэхэ саастыылаахтарын курдук сыһыаннаһаллар эбит. Онон улахан киһи, лиичинэс быһыытынан сайдарыгар кыаҕы биэрбиттэр. Институту кыһыл дьупулуомунан бүтэрбит уол оччотооҕу уларыта тутуу сылларын кэнниттэн Арассыыйаҕа оҕочоос инженердэр, физиктэр, математиктар ирдэммэттэрин өйдүүр. Салгыы үөрэнэн туһата суоҕун билэр. Ол иһин бэйэтин курдук оҕолору кытта алтыһар, арыый үрдүк таһымнаах үөрэх систиэмэтин бырагырааматын ааһар инниттэн Канадаҕа көһөргө быһаарыналлар. Бу дойдуга тиийэн уолчаан бэйэтин ис кыаҕын арыйар. Кинини ким даҕаны ураты оҕо курдук көрбөт. Саҥа сиргэ да, дьон-сэргэ даҕаны ортотугар бэйэтин миэстэтин булар.

Савелий билигин номнуо икки оҕо аҕата, хас даҕаны маркетинговай интэриниэт-хампаанньа тойоно, бэйэтин кыахтаах киһинэн ааҕынар дииллэр. Канадаҕа барыаҕыттан Арассыыйаҕа кэлэ сылдьа илик эбит.

Түмүк

Үгүс вундеркинд оҕолор туһунан суруллууларга кинилэр уһуйааҥҥа сылдьыбатахтара, оскуолаҕа үөрэммэтэхтэрэ, үөрэҕи дьиэлэригэр ылбыттара ыйыллар. Арассыыйаҕа дьиэҕэ олорон үөрэнии (домашнее обучение) “Үөрэх туһунан” сокуонунан көҥүллэнэр. Арай, кэмиттэн кэмигэр сыһыарыллыбыт оскуолаларыгар тиийэн билиилэрин дакаастыыр инниттэн эксээмэн туттараллар.

Арассыыйа өйдөөх оҕолорунааҕар, тас дойдулар оҕолорун туһунан элбэхтик истэбит, ааҕабыт. Арассыыйаҕа даҕаны уһулуччу көрдөрүүлээх оҕолор суох буолбатахтар, бааллар. Ол эрээри, бэйэтин кэмигэр элбэх вундеркинд олохтон эрдэ барбыт буолан, кэлин таһыччы оҕолору дьон хараҕыттан дьалты туталлар. Маннык оҕолору дьарыктыыр анал оскуола баара биллэр.

Манна даҕатан эттэххэ, аан дойдуга уһулуччу, айылҕаттан гений дьон нэһилиэнньэ 1 бырыһыанын ылар дииллэр.  Кинилэртэн быһа холоон аҥаардара эрэ доруобуйаларыгар оҕустарыыны ылбакка, олоххо миэстэлэрин булаллар. Бу оҕолор чахчы вундеркиннар дуу эбэтэр кыра эрдэхтэриттэн анал мэтиэдикэнэн күүскэ дьарыктааһын түмүгэ дуу?

Бэлэмнээтэ Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0