Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын мадьынылара 11 кыһыл көмүс мэтээли ыллылар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Мас  тардыһыыга аан дойду чөмпүйэнээтигэр, Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандата 11  кыһыл көмүс мэтээли ылла.

Далааһыннаах күрэхтэһии Дьокуускайга бэс ыйын 23-24 күннэригэр «Триумф» киэҥ-куоҥ уораҕайыгар буолан ааста. Эгил-тэгил эриһии түмүгүнэн, Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандата 11 кыһыл көмүс мэтээллэннэ.
Пьедестал үрдүкү үктэлигэр Арассыыйа күүстээх мадьынылара Дмитрий Саввин (65 кг), Валерий Никаноров (70 кг), Семен Ануфриев (75 кг), Станислав Иванов (80 кг), Павел Черноградскай (90 кг), Дмитрий Попов (105 кг), Иван Галкин (125 кг), Виктор Колибабчук (125 кг үөһээ) таҕыстылар.

Дьахталларга кыайыылааҕынан Арассыыйаттан Ирина Севрюк (до 75 кг), Мохинур Абдузоирова (до 85 кг), Татьяна Баишева (свыше 85 кг) буоллулар.

Мэтээллэрин ахсаанынан иккис бириистээх миэстэҕэ, үс кыһыл көмүс, үс үрүҥ көмүс уонна аҕыс боруонсалаах Кыргызстан хамаандата тахсан үөрүү өрөгөйүн биллилэр. Кинилэр хамаандаларыттан Азамат Асанов (60 кг), Дилбара Иманканова (до 55 кг), Кымбат Нуржанова (до 65 кг) чөмпүйүөн үрдүк аатын сүктүлэр.

Хамаанданан зачекка үһүс миэстэҕэ Пакистан спортсменнара таҕыстылар. Пакистан атлеттарыттан финалга үс киһи таҕыста, икки спортсмен боруонса мэтээли ылары ситистилэр.

Бэлиэтээн эттэххэ, Африкаттан кэлбит спортсменнар бэркэ кииристилэр. Чөмпүйэнээт боруонса мэтээлигэр Варнел Жарни Кимеди (60 кг, Конго), Францойс Клауд Фонго (105 кг, Камерун), Абдулхаки Олегбин Икоуджор (125 кг, Того) уонна Сена Тресориа Гантоли (85 кг, Бенин) тиксэн дьоннорун-сэргэлэрин үөртүлэр.

Мас тардыһыыга 2022  сылга аан дойду муҥутуур чөмпүйүөнүн быһаарар түмүк киирсии Туймаада ыһыаҕар ыытылынна. Манна эр дьоҥҥо кыайыыны Смоленскай бухатыыра Виктор Колибабчук ылла. Иккис бириистээх миэстэҕэ Саха сирин мадьыныта Евгений Попов таҕыста. Үһүс Эрчим Баппаҕай уонна Алекс Веро (Венгрия) буоллулар.

Дьахталларга муҥутуур кыайыылааҕынан Амма улууһуттан Татьяна Баишева буолла. Кини биллэр-көстөр мадьыны Анатолий Баишев кыыһа. Иккис миэстэни Елданы Болотбекова (Кыргызстан) ылла. Пьедестал үһүс үктэлигэр Кристина Кочесокова (Кабардино-Балкария) уонна Назия Малибашева (Кыргызстан) тахсан үөрдүлэр.

«Кыттааччылар бэлиэтээбиттэринэн, аан дойду чөмпүйэнээтэ үрдүк таһымнаахтык ааста. Киргизия спортсменнара үчүгэй бэлэмнээхтэрин көрдөрдүлэр. Маны сэргэ, Пакистан, Узбекистан, Венгрия, Монголия, Африка спортсменнара үчүгэйдик бэлэмнэнэн кэлбиттэр. Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандата 11 кыһыл көмүс мэтээли ылла», — диэн СӨ физкултуураҕа уонна успуорка миниистирэ Леонид Спиридонов түмүккэ эттэ.

Санатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев Дьокуускайга мас-рестлиҥҥэ норуоттар икки ардыларынааҕы Кэнгириэскэ, Саха сиригэр норуоттар икки ардыларынааҕы мас-рестлинг киинин тэрийэр туһунан быһаарыы ылыллыбытын иһитиннэрэн турар. Эрэгийиэн салайааччытын сорудаҕынан СӨ Бырабыыталыстыбата мас-рестлинг норуоттар икки ардыларынааҕы федерациятын кытта бииргэ бу хайысхаҕа үлэни номнуо саҕалаатылар.

СИА хаартыскалара

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0