Арассыыйа рекордун кинигэтигэр киирбит панно

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу балачча улахан кээмэйдээх бүүс-бүтүннүү оҕуруо көбүөр (панно) Дьокуускайга олорор уран тарбахтаах иистэнньэҥ Ульяна Нохсорова үлэтэ.


Панно “Сайын Аммаҕа” диэн ааттаах. Ульяна Михайловна бу үлэтин икки сыл тикпит. Манна 402009 (түөрт сүүс икки тыһыынча тоҕус) чешскэй оҕуруо киирбит. 110 араас өҥү киллэрэн дьүөрэлээн, сабынан сүрүн фонун уруһуйдаан ситэрэн, сиэдэрэйдээн биэрбит. Түмүгэр панно тоҕус киилэ ыйааһыннаммыт. У.М.Нохсорова бу үлэтэ быйыл сайын, от ыйын 1 күнүгэр, Арассыыйа рекордун кинигэтигэр киллэриллибит. Уран тарбахтаах иистэнньэҥ билигин олоҥхоҕо ылсар былааннаах.

Ульяна Михайловнаны улахан ситиһиитинэн истиҥник эҕэрдэлиибит уонна сыралаах үлэтэ инникитин өссө сайдан, табыллан, санаатын хоту салаллан иһэригэр баҕарабыт.

Ульяна Михайловна үлэлэрин көрбүт эрэ бары сөҕөр, хайгыыр. Москва куораттан Норуоттар до5ордоһууларын музейын дириэктэрэ Ю.С.Дербенев уран тарбахтаах иистэнньэҥ үлэлэрин көрөн баран, улаханнык сөҕөн, хайҕаан хоһоон суруйан бэлэхтээбит.

Биһиги корр., “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0