Арассыыйа олохтооҕун аҥаарын кэриэтэ Саҥа дьылга оҥоһуу (искусственнай) харыйаны туруорар эбит. Ити туһунан анал сакааһынан ыытыллыбыт чинчийии көрдөрбүт. Чинчийиигэ 18-тан үөһэ саастаах 1200 киһи кыттыбыт.
Ол курдук, дойдубут олохтооҕун 48 %-на оҥоһуу, 27 %-на дьиҥнээх, 25 %-на түгэн көһүннэҕинэ эрэ дьиҥнээх харыйаны туруораллар эбит.
Чинчийии көрдөрбүтүнэн, Арассыыйа нэһилиэнньэтин улахан аҥаара Саҥа дьыл сүрүн бэлиэтинэн харыйаны ааттыыр. 82 % харыйаны хайаан даҕаны туруорабыт диэн эппит.
Аны ыйытыыга кыттыбыт дьонтон 59 %-на харыйаларын олунньуга, 11 % кулун тутарга диэри хомуйбаттар эбит. Маныаха харыйа оонньуурун олохтоох дьон 48 % атыылаһар (38 % икки-үс сыл буола-буола саҥардар), 5 % эрэ бэйэтэ илиитинэн оҥорор үһү. Ыйытык чахчытыгар олоҕурдахха, нэһилиэнньэ 59 %-гар эһээлэриттэн, эбээлэриттэн бэриллибит, ууруна сылдьар оонньуурдаахтар эбит.
Оттон кыттыбыт дьонтон 90 % аймахтарбар, 40 % бииргэ үлэлиир дьоммор бэлэх биэрэбин диэн хоруйдаабыт.
“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru