Эпоһы эдэр толорооччулар Бүтүн Арассыыйатааҕы бэстибээллэрэ ыытыллыаҕа. Ол курдук, Дьокуускайга кулун тутар 2-3 күннэригэр “Арассыыйа норуоттарын эпостара” Бүтүн Арассыыйатааҕы бэстибээл буолара күүтүллэр.
edersaas.ru
Аан дойду үгүс норуоттара бары эпостаахтар. Судаарыстыбалар да сир үрдүттэн симэлийдэхтэринэ, эпос син-биир норуот өйдөбүнньүгэ буолан, тыыннаах хаалар. Ол иһин бүгүн эпоһы харыстааһын соруга күүскэ турар.
Дьокуускайга ыытыллар “Арассыыйа норуоттарын эпоһа” ыччат бэстибээлин сыала-соруга чопчу. Өскөтүн ыччат билигин бэйэтин төрөөбүт норуотун эпоһын толорон бардаҕына, бу эпос тыыннаах хааларыгар олук буолуоҕа.
Бэстибээли Култуура уонна искусство Арктикатааҕы судаарыстыбаннай института ыытар. Уонна бу бырайыагынан “Таврида-Арт” айар түмсүүлэр ыччат бэстибээллэрин гранын ылбыта.
Бырайыак ааптара – АГИКИ төрүт уус-уран култууратын кафедратын устудьуона Дарияна Павлова. Бэстибээли тэрийээччилэринэн АГИКИ-ны уонна “Таврида-Арт” сэргэ Ыччат дьыалаларыгар федеральнай агентство, “Олоҥхо тыйаатыра”, “Олоҥхо ассоциацията” уонна “Ыччат олоҥхоһут” уопсастыбаннай тэрилтэлэр буоллулар. Бэстибээл ЮНЕСКО киһи-аймах нэһилиэстибэтинэн билиммит Олоҥхо түстэммит сиригэр – Саха сиригэр ыытыллара эмиэ туспа суолталаах.
Бэстибээл сыала – Арассыыйа норуоттарын материальнайа суох култуура нэһилиэстибэлэрин харыстааһын, тылынан дьүһүйэн толорууну тэнитии, ыччат олоҥхолууругар, туойарыгар төһүү буолуу. Сүрүн соруктартан биирдэстэринэн эдэр талааннаах толорооччулары арыйыы, булуу буолар. Эдэрдэр хардарыта уопут атастаһалларыгар,толоро үөрэнэллэригэр , таһымнарын үрдэтэллэригэр бэстибээл көмөлөһүөҕэ.
Бэстибээлгэ Тываттан, Алтаайтан, Бурятияттан эдэр толорооччулар кэлиэхтэрэ. Ону сэргэ өрөспүүбүлүкэбит эдэр олоҥхоһуттара түмсүөхтэрэ.
Бэстибээл кэмигэр маастар-кылаастар интэриэһи тардыахтара. Ону сэргэ “Эпос – кибер эйгэҕэ” диэн ырытыһар, санаа атастаһар былаһаакка үлэлиэҕэ.
АГИКИ пресс-сулууспата