Арассыыйа куораттарыгар сынньана барааччылар удамыр сыанаҕа көтөр кыахтаннылар
Туризмынан дьарыктанар тэрилтэлэргэ Арассыыйа иһинэн салгын тырааныспарынан көтүүгэ федерация бүддьүөтүттэн анал субсидия көрүллүөҕэ. РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин бу күннэргэ туһааннаах докумуоҥҥа илии баттаата.
Иллэрээ сылтан аан дойду үрдүнэн дьаҥ-дьаһах туран, туризм эйгэтигэр үлэлии сылдьааччылар ордук оҕустарбыттара. Дойду иһигэр туризмы сайыннарар, манна үлэлиир сылдьар дьоҥҥо көмө быһыытынан, туризм национальнай бырайыагын чэрчитинэн, туроператордарга Арассыыйа иһинээҕи чартернай рейстары оҥороллоругар бүддьүөттэн субсидияны көрүү былырыыҥҥыттан саҕаламмыта. Былырыын судаарыстыба көмөтүн туһанан, тэрилтэлэр чартернай рейстарга көрсүбүт ороскуоттарын 50% толуммуттара.
Михаил Мишустин бэлиэтииринэн, бу көмө 2024 сылга диэри сылын аайы көрүллүөҕэ.
“Быйыл бүддьүөттэн 1,2 млрд солкуобай көрүлүннэ. Бу курдук үс сыл устата көмө барыаҕа. Онон турдар удамыр сыанаҕа атыыланан, дойдубут куораттарыгар сынньана барар дьон ахсаана элбиэ диэн эрэнэбит”, — диэн бэлиэтиир кини.
Аграфена КУЗЬМИНА