Арассыыйа күнүгэр Саха сирин тыйаатырдарын туһунан быыстапка арыллыаҕа
Бэс ыйын 12 күнүгэр “Арассыыйа — мин устуоруйам” устуоруйа пааркатыгар “Тыйаатырдар уонна айаннар: архаикаттан модернҥа тиийэ” диэн дьикти быыстапка арыллыаҕа.
Быыстапка Арассыыйа күнүгэр уонна Арассыыйа национальнай тыйаатырдарын бастакы конгреһыгар ананар.
СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистири солбуйааччы Марина Силина:
— Бу Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыйаатырдарын нэһилиэстибэлэригэр сүҥкэннээхэй бырайыак. Биһиги быыстапканы Александринскай тыйаатыр кэлиэн уонна национальнай тыйаатырдар бастакы конгресстарын иннинэ (бэс ыйын 23-25 күннэригэр буолуохтаах) ыытарбыт кэрэхсэбиллээх.
Быыстапка 13 сиэксийэҕэ араарыллыаҕа, манна биһиги тыйаатырдарбыт уонна мусуойдарбыт баай устуоруйалара, айар уонна култуурунай нэһилиэстибэлэрэ көрдөрүллүөҕэ, — диэн быһаарда.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru