Арассыыйа быһыыларын тэҥнээн көрүү

01.03.2021
Бөлөххө киир:

Доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтин (ВОЗ) дааннайдарынан, билигин араас дойдуларга саҥа коронавируснай инфекцияны утары 200-чэкэ кэриҥэ быһыыны оҥоро сылдьаллар.

Арассыыйа оҥорбут үс быһыыта туох уратылаахтарый? Туох састааптаах, хайдах-туох быһыыны эппитигэр-сииммитигэр киллэрэрбитин билиэх тустаахпыт.

Аан дойду үрдүнэн 4 препарат үчүгэй көрдөрүүлээҕинэн билиниллибитэ. Бу – Гамалея аатынан Эпидемиология, вирусология научнай киинигэр оҥоһуллубут «Спутник V», ону тэҥэ, Америка Pfizer уонна Moderna хампаанньалара оҥорбут BioNTech, Англияҕа Оксфорд университета оҥорбут AstraZeneca вакциналара.

«Спутник V» уонна BioNTech быһыылар бастакы чинчийиигэ 95% көдьүүстээхтэрин көрдөрбүт буоллахтарына, Moderna 100% көдьүүстээх вакцинаны оҥорбутун, биир да ылбыт киһи ыалдьыбатаҕын туһунан иһитиннэрбиттэрэ. Ол эрээри, иккис чинчийиигэ бу көрдөрүү куруук түһэр: “Спутник” көдьүүһэ 91%, Moderna 94% диэн буолбута. AstraZeneca көдьүүһэ – 70%. Сэтинньигэ Доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтэ (ВОЗ) бу сонуну уруйдуу көрсүбүтэ. Тоҕо диэтэр, бу иннинэ кинилэр быһыы 50% көдьүүстээх буоллаҕына да, дьоҥҥо биэрэргэ сүбэлиэхпит диэн этэн тураллар.
Оксфорд университетын AstraZeneca векторнай быһыыта 60% эрэ көдьүүстээҕэ көстүбүтэ. Тоҕо диэтэр, биирдэ эрэ укуоллууллар. Эмиэ бу курдук векторынан оҥоһуллубут “Спутник V” быһыы иккитэ бэриллэр, ол иһин көдьүүһэ улаатар, иммунитет өр кэмҥэ сылдьар (1-2 сылга).

Онон британецтар быһыыларын көдьүүһүн үрдэтээри, “Спутнигы” оҥорооччулары кытары кэпсэтиини ыыта сылдьаллар. Бастакы укуолугар AstraZeneca быһыыны, онтон иккис укуолугар “Спутник V” бэриллэрин курдук.

Оттон американецтар букатын атын суолунан барбыттар. Pfizer и Moderna хампаанньалар РНК технологиятынан оҥорбуттар. Арассыыйа үс вакцината уруккуттан биллэр технологияларынан (векторнай, пептиднэй, инактивированнай) оҥоһуллубут буоллахтарына, американецтар үчүгэйдик үөрэтиллэ илик, сабыс-саҥа биотехнологиялары туһаннылар.

Киһи организмыгар РНК молекулата киллэриллэн, иһирдьэ вирус чаастарын оҥорон барар. Онон иммуннай систиэмэ саҥа “өстөөҕү” кытары охсуһарга үөрэнэр. Бу маннык быһыылары харайарга-тиэйэргэ 70 кыраадыс тымныы буолуохтаах. Кыратык ирдэ да, туһата суох буолар. Анал тоҥорор иһитэ суох тиэйэр-таһар уустуктардаах эбит. Ол үрдүнэн, элбэх дойду “Пфайзер” быһыытын ыларга сакаастаспыттар.

Искусственнай вакцина

Арассыыйаҕа коронавируһу утары үс вакцина оҥоһулунна. «Спутник V» («Гам-КОВИД-Вак») векторнай быһыы туһунан ааспыт нүөмэргэ сиһилии суруйан турабыт. Дьэ, аны сотору кэминэн маассабайдык биэрэн саҕалыахтаах икки быһыыны хайдах оҥороллорун үөрэтэн көрүөҕүҥ.

Роспотребнадзор иһинэн үлэлиир Новосибирскайдааҕы «Вектор» вирусология уонна биотехнология киинэ оҥорбут “ЭпиВак-Короната” — пептиднэй (кылгас сыаптаах белоктаах) вакцина. Манна дьиҥнээх коронавирус пептида суох, бэйэлэрэ синтетическэй пептиды оҥорон баран, белогунан холбууллар. Искусственнай буолан, доруобуйаҕа туох да куттала суох дииллэр, ол иһин аллергиялаах, сааһырбыт, мөлтөх иммунитеттаах дьоҥҥо бэриллиэн сөп үһү. Сэтинньигэ чинчийии үһүс түһүмэҕэ саҕаламмыта. 2021 сыл олунньутугар маассабай оҥорон таһаарыы былааннаммыт. Санкт-Петербурга баар “Биокард” хампаанньа оҥоруохтаах. Онон кулун тутартан маассабай туһаныыга тахсыахтаах.

Вектор” оҥорбут “ЭпиВакКорона” быһыыны 2020 сыл алтынньытыгар регистрациялаабыттара. Ол регистрация кэнниттэн чинчийии өссө 6 ый устата ыытыллыахтаах. Биир уратыта диэн, 14-17 саастаах 150 оҕоҕо (баҕа өттүнэн) биэрэн, чинчийэ сылдьаллар. 60-тан аҕа саастаах дьоҥҥо чинчийии түмүктэммитэ. Билигин өссө кэтээн көрөллөр. Ону тэҥэ, вакцина төрүүргэ-ууһуурга хайдах дьайарын билээри, кутуйахтарга, кыра кыылларга чинчийии оҥоро сылдьаллар эбит.

Роспотребнадзор иһитиннэрбитинэн, икки килиниичэскэй чинчийии түмүгүнэн, “ЭпиВакКорона” быһыы көдьүүһэ – 100%. Ол эрээри, сорох учуонайдар кириитикэлииллэр эбит. Төһө “антитела” үөскүүрүн “Вектор” бэйэтэ оҥорбут тест-систиэмэтэ эрэ быһаарар үһү. Сорох ИФА-тест сатаан быһаарбат диэн этэллэр. Килиниичэскэй чинчийии үһүс түһүмэҕин кыттааччылара РФ доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтигэр уонна “Роспотребнадзорга аһаҕас сурук суруйбуттар. Онно этиллэринэн, кыттааччылар 50%-гар “антитела” бэрт кыратык үөскээбит. Ону тэҥэ, аҕыйах (3000) киһиэхэ чинчийии оҥоһуллубутун эмиэ бэлиэтииллэр. Тэҥнээн көрөр буоллахха, “Спутникка” 22 тыһыынча кэриҥэ киһиэхэ, BioNTech быһыыга 44 тыһыынча киһиэхэ чинчийиини ыыппыттара.

«ЭпиВакКоронаны” уонна “Спутнигы” салгыы тэҥнээтэххэ, араас тутуллаахтар буолан баран, биир уопсайдаахтар. Ол уопсайдара – коронавирус чорбоҕор муоһуттан ылыллыбыт белок (S-белок) антигена буолар. Бу белок тыыннаах буолбатах. Оттон уратылара – бу белогу килиэккэҕэ илдьэ киирэр таһаҕасчыттара. “Спутникка” тыыннаах аденовирус иһигэр бу белогу угаллар, ол вектор диэн ааттанар. Ол иһин, аденовируһа өлөн хаалыа диэн, тымныы кыраадыска харайар ирдэнэр. Оттон “ЭпиВакКоронаҕа” тыыннаах туох да суох, онон харайыыта судургу.

ЭпиВакКорона” быһыыны РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Татьяна Голикова уонна Роспотребнадзор салайааччыта Анна Попова ылбыттара. Оттон “Спутнигы” — оборона миниистирэ Сергей Шойгу, Москва мээрэ Сергей Собянин уонна Владимир Жириновскай.

Өлөрүллүбүт” вирустаах быһыы

Үһүс вакцина – “КовиВак” диэн аатынан атыыга тахсыаҕа. Олунньу 20 күнүгэр регистрацияланна. Москваҕа М.Чумаков Иммунобиологическай эмтэри оҥорор, чинчийэр научнай аатынан кииҥҥэ “инактивированнай вируска” олоҕуран
оҥоһуллубута. Ол эбэтэр, “өлөрүллүбүт” вирус (“цельновирионнай) диэн, маннык ньыманан аан дойдуга быһыы 99%-на оҥоһуллар. Чумаков киинигэр бу ньыманан полиомиелиты, клещ энцефалитын утары быһыылары оҥороллор. Сүрүн уратыта – коронавирус чаастарыттан, тус-туспа антигеныттан буолбакка, биир бүтүн “өлөрүллүбүт” вирустан оҥоһуллубут, ол вирус бары антигеннарын биэрэр буолан, элбэх “антитела” үөскүүрүгэр дьайар.

Сэтинньигэ кыылларга чинчийиилэрин бүтэрэн, баҕалаах дьоҥҥо биэрэн, бастакы түһүмэхтэрин саҕалаабыттара. Сотору кэминэн үһүс түһүмэҕэ ыытыллан, муус устартан атыыга тахсыан сөп диэн вице-премьер Татьяна Голикова этэн турар.

Научнай киин үлэһиттэрэ чинчийии түмүгүнэн, “КовиВак” быһыы көдьүүһэ: бастакы укуол кэнниттэн – 70%, иккис укуол кэнниттэн — 90% диэн этэллэр. Уратыта диэн – искэннээх, аутоиммуннай ыарыылаах, саахар диабеттаах дьоҥҥо биэрэн, хайдах ылыналларын, ыарыылара бэргиирин-бэргээбэтин кэтээн көрөллөр.

—Өлөрүллүбүт вирус организмы сыһыарбат. Атыттартан уратыта диэн – “цельновирионнай” вакцина антиген уонна вирус чаастарын толору нобуордарын илдьэ сылдьар, онон коронавирус бары антигеннарыгар, белоктарыгар иммунитеты үөскэтэр. Коронавирус уларыйа, саҥа штаммнар үөскүү турар кэмнэригэр, вирус атын вакциналартан “куотуон” сөп, оттон “цельновирионнай” куоттарбакка, бары өттүттэн хам ылыаҕа, — диэн киин дириэктэрэ Айдар Ишмухаметов этэр.

Түмүккэ

Быһыылар туһаларын уонна буортуларын үчүгэйдик үөрэтэн, кэтээн көрөн баран, ылар ордук. Быһыыны ылыах иннинэ уонна ылан баран, төһө “антитела” баарын-суоҕун быһаарар ордук буолуо.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: rg.ru

Быһаарыы

Антиген (antibody generator — «производитель антител») – тастан киирбит белок, организм кутталлаах өстөөх курдук көрөн, кинини утары “антитела” оҥорор. Ол эрээри, организм иһигэр да антиген (аллерген) баар буолуон сөп. Антиген молекулата “антителоны” кытары холбоһор идэлээх.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0