Дойду кылаабынай тириэньэрэ боксердарын кыайыыга көҕүлээтэ

Ааптар: 
18.08.2017
Бөлөххө киир:

Боксаҕа Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын кылаабынай тириэньэрэ Эдуард Кравцов “Р-Спорт” ааҕыныстыбаҕа, аан дойду чөмпүйэнээтигэр миэстэлэспиттэр дойдуга бастыыр иһин күрэхтэһииттэн босхолонуохтарын туһунан иһитиннэрдэ.

“Аан дойду призердара эрэ Арассыыйа чөмпүйэнээтиттэн босхолонуохтара. Оттон атыттар ыйааһыннарыгар бастакы нүөмэр буолалларын хаттаан дакаастыахтарын наада буолуо. Дойдуга бастыыр иһин күрэхтэһии кэскиллээх эдэр боксердары, саҥа ааттары арыйыа диэн эрэнэбит”, — диэтэ кини.

Спортсменнары кыайыыга көҕүлүүр туһуттан, бокса федерацията аан дойду чөмпүйүөннэригэр премиум кылаастаах массыыналары бэлэхтиэҕэ. Бу туһунан федерация генеральнай сэкирэтээрэ Умар Кремлев Новости РИА-ҕа иһитиннэрдэ.

Бары билэргит курдук, аан дойду чөмпүйэнээтигэр 49 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа Арассыыйа чиэһин Мэҥэ Хаҥалас боксаҕа оскуолатын иитиллээччитэ Василий Егоров көмүскүөҕэ.

Санатар буоллахха, боксаҕа аан дойду чөмпүйэнээтэ Гамбурга (Германия) атырдьах ыйын 25 – балаҕан ыйын 2 күннэригэр ыытыллыаҕа. Оттон Арассыыйа быйылгы чөмпүйэнээтэ Грознай куоракка балаҕан ыйын 30 – алтынньы 9 күннэригэр буолуоҕа.

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0