Арассыыйа биир биллэр-көстөр суруйааччыта — Николай Лугинов
Атырдьах ыйын 14 күнүгэр СӨ норуодунай суруйааччыта, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, РФ Суруйааччыларын сойууһун хос бэрэссэдээтэлэ (2003 с.), СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Түүр аан дойдутааҕы академиятын дьиҥнээх чилиэнэ, СӨ Духуобунаһын академиятын вице-бэрэсидьиэнэ (1996) Николай Лугинов төрөөбүт күнэ.
edersaas.ru
Филология наукатын доктора, литературовед, кириитик, Арассыыйа уонна Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, РФ уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Дора Егоровна Васильева суруйааччы Николай Алексеевич айар үлэтин ырыппыт үгүс ахсааннаах суруйууларыттан «Суруйааччыларбыт алгыстаах айар аартыктарынан» диэн кинигэтигэр киирбит ырытыытын билиһиннэрэбит.
«Россия биир биллэр-көстөр суруйааччыта»
Кэбээйиттэн төрүттээх, математик идэлээх тыа учуутала Николай Алексеевич Лугинов 1974 сыллаахха «Хотугу сулус» сурунаалга бэйэтин бастакы литератураҕа холонууларын -– кыракый дьүһүйүүлэрин «Суоллар», «Саһарҕа» диэн ааттатан бэчээттэппитэ.
Бу бэрт дьоҕус эрээри, элбэх санааны саҕар, иэйиини уһугуннарар айымньылары саха уһулуччулаах суруйааччылара ини-бии Сэмэн уонна Софрон Даниловтар бэркэ сэргии, сэҥээрэ көрсүбүттэрэ уонна саҥа суруйан эрэр эдэр ааптардары бэйэлэригэр сыһыаран, эдэр суруйааччылар семинардарыгар сырытыннаран, литература сырдык, киэҥ, кэрэ уонна уустук эйгэтигэр киллэрэн барбыттара.
Айылҕаттан улахан айдарыылаах уол Николай Лугинов аҕыйах сыл иһигэр утуу-субуу «Кэпсээннэр» (1976 с.), «Сэргэлээххэ» (1978), «Нуоралдьыма чараҥар» (1979) «Мэндиэмэннэр» (1980), «Түһүлгэ» (1981) диэн кинигэлэрин бэчээттэппитэ. Элбэҕи эрэннэрэр эдэр уолу 1979 сыллаахха ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнинэн ылбыттара. Онтон 1981 с. Москваҕа М.Горькай аатынан Литературнай институкка Үрдүкү литературнай курска үөрэттэрэ ыыппыттара.
«Нуоралдьыма чараҥар»
Бу ааттаммыт айымньылартан бэрт истиҥ иэйиилээҕинэн, сырдык лирическэй сүүрээннээҕинэн «Нуоралдьыма чараҥар» диэн сэһэн буолар. Эдэр прозаик манна Ньургун диэн чороччу улаатан иһэр уол уонна кини дьоннорун уобарастарыгар көлүөнэлэр ситимнэрин, дьыллар-күннэр алтыһыыларын, онно даҕатан сиэр-майгы, дойду, норуот олоҕун тула ыпсары тутан, киһи аймаҕы долгутар сэрии-эйэ, дьол-соргу, олох-өлүү курдук өйдөбүллэри сатабыллаахтык уонна ылыннарыылаахтык арыйан көрдөрбүтүн бэлиэтиэххэ сөп. Бу айымньытынан кини бэйэтин истиҥ иэйиилээх лирик быһыытынан биллэрбитэ.
«Мэндиэмэннэр»
Н.Лугинов ити кэмнэргэ суруйбут биир кэрэхсэбиллээх айымньытынан «Мэндиэмэннэр» диэн романа буолар. Айымньы сүрүн сюжета ирбэт тоҥ буордаах дойдуга саха архитектордара улахан таас дьиэлэри тутаары араас проблемалары, моһоллору көрсөллөрүн тула сайдар. Бу романы суруйарыгар Н.Лугинов айымньытын прототиптарын кытары ыкса билсибитэ, кинилэр айар лабораторияларын кистэлэҥнэрин билбитэ. Ол барыта саха эдэр ыччатын майгытын-сигилитин, олоххо, тулалаан турар эйгэҕэ сыһыанын өйдүүрүүгэр үктэл буолбута.
«Түһүлгэ»
Н.Лугинов «Түһүлгэ» диэн сэһэнин прототиптарынан аатырбыт саха тренерэ Дмитрий Коркин уонна кини иитиллээччилэрэ спортсменнар буолаллар.
«Сэргэлээххэ»
Оттон «Сэргэлээххэ» диэн сэһэҥҥэ саха устудьуоннарын күннээҕи олохторо, сиэр-майгы өттүнэн уратылаһыылара бэрт ыланнарыылаахтык ойууланан көрдөрүллүбүттэрэ.
Күн-дьыл элэстэнэн ааһан испитэ. Эдэр суруйааччы Н.Лугинов айар талаана сайдан, баараҕадыйан барбыта. Өскөтө кини бастакы айымньыларыгар сюжетнай-композиционнай тутулларын, сорох уобарастарын чочуйууну ситэ баһылаабатах эбит буоллаҕына, кэнники суруйбут «Суор», «Кустук», «Таас Тумус». «Сэргэ» диэн кэпсээннэрэ уонна сэһэннэрэ бары өттүнэн сиппит-хоппут, үрдүк уус-уран таһымнаах, саха литературатын дьиҥ чахчы киэн туттуута, киэргэлэ буолар айымньылар.
«Таас Тумус»
Холобур, «Таас Тумус» диэн сэһэнигэр араас майгылаах-сигилилээх, олоххо көрүүлээх дьону ойуулуур. Айымньы сүрүн геройа — олоҕун бүтүннүүтүн Таас Тумус диэн сири кытта сибээстээбит Тойбол диэн эбээн киһитэ. Манна баар Лена өрүһү үйэлээх-сааһыгар элбэхтик өрө-таҥнары сыыйбыт, биир сиргэ уһуннук тулуйан олорбот айылгылаах, устугас майгылаах кырдьаҕас лоцман Михей Ильич. Суруйааччы бу дьон олохторун-дьаһахтарын көрдөрөн, олоххо устугас дьон хаһан да дьиҥнээх дьолу-соргуну көрсүбэттэрин арыйбыта уонна хас биирдии киһи дойду оҥостубут сирдээх-уоттаах, чугас туттубут дьонноох-сэргэлээх, бэйэтэ кута-сүрэ тохтуур, дууһата тэһийэр кытыллаах буолуохтааҕа ордук диэн санааҕа тириэрдэр. Тойбол төһө да бэйэтин тус олоҕор дьоло суоҕун иһин, устугас майгылаах Михей Ильичкэ холоотоххо, таптал, доҕордоһуу, Ийэ дойдуга итии таптал диэн тугун билбит, төрөөбүт дойдутун түптэтин сытын этигэр-хааныгар иҥэриммит киһи.
Бу сэһэн биир сүрүн геройа -– ууһут идэлээх Одон Догдоев. Кининэн сирэйдээн суруйааччы күүстээх натуралаах, дьон-сэргэ, общество туһугар үлэлиир үтүө киһи уобараһын итэҕэтиилээхтик арыйан көрдөрөр.
Н.Лугинов «Таас Тумус» диэн сэһэнэ нууччалыы, французтуу тылбаастаммыта уонна французскай литературнай конкурска кыттан Алжир Республикатын мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Кэлин кини «Кустук» диэн кэпсээнин суруйааччы, СГУ доцена Л.М.Сабарайкина французтуу тылбаастаабыта.
Н.Лугинов — олоҕу философскайдык анааран көрөр дьоҕурдаах суруйааччы. Бу ордук кини «Суор», «Сэргэ», «Чыҥыс хаан ыйааҕынан», «Улуу хууннар» диэн айымньыларыгар дьэҥкэтик көстөр.
«Суор» уонна «Кустук»
Саха суруйааччыта Николай Алексеевич Лугинов аан дойду үрдүнэн биллэр суруйуулардаах А.Чехов, Д.Лондон үтүө традицияларын тутуһан «Суор» диэн сэһэни суруйбута. Манна суору айымньытын сүрүн персонаһа оҥостон, олоҕу дириҥник философскай хабааннаахтык сыныйан көрдөрөр. Айымньы геройдарын олоҕор көлүөнэлэр солбуйсуулара, кэм уонна былаас уларыйыылара, кинилэр ыкса сибээстэрэ, ситимнэрэ, өбүгэттэн бэриллибит, салҕанан иһэр араас үгэстэр, абыычайдар историческай кырдьыктаахтык саас-сааһынан тыктарыллын көрдөрүллүбүттэр.
Н.Лугинов бу айымньыга көстөр айар буочарын биир сүрүн уратыта -– көтөрү-сүүрэри, хамсыыр харамайы барытын тыыннааҕымсытан, өйдүүр өйдөөх, саныыр санаалаах, үөрэр-санньыйар дууһалаах гына ойуулуура кини «Кустук» диэн кэпсээнигэр эмиэ ырылхайдык арыллар. Манна ордук сыныйан сиэр-майгы араас өрүттэрэ: чиэс-суобас, үтүө-мөкү, амарах-тыйыс уо.д.а. киһиэхэ сыһыаннаах хаачыстыбалар -– типичнэй уобарастарга сырдатыллан көрдөрүллүбүттэр.
Н.А.Лугинов «Суор» уонна «Кустук» диэн бэртээхэй айымньылара кэнэҕэски да кэмнэргэ ханнык да социальнай-общественнай тутулга киһи барахсан үтүө сиэрэ-майгыта, олоҕу, кэрэни кэрэхсиирэ, үрдүккэ дьулуһуута, төрөөбүт айылҕаҕа сылаас сыһыана баарын тухары ааҕааччыны сэҥээрдэ, умсугута, үтүөҕэ-кэрэҕэ угуйа туруохтара.
«Сэргэ»
Н.Лугинов «Сэргэ» диэн айымньытыгар айар дьоҕура, олоххо сыһыана, билиитэ-көрүүтэ ордук дириҥээбиккэ, ойуулуур-дьүһүннүүр кыаҕа өссө кэҥээбиккэ дылы буолбут. Манна кини биһиги өбүгэлэрбит ытык-мааны тэриллэрин -– сэргэни киһилии саҥардан, урааҥхайдыы иэтэн-туотан, эттээн-сииннээн көрдөрөрө аахпыты эрэ барытын долгутуох, уйулҕатын хамсатыах курдук.
Сэргэ уобараһынан прозаик Н.Лугинов бэрт сатабыллаахтык, үрдүк уус-уран таһымнаахтык өбүгэлэрбит ааспыт дьылҕаларын билиҥҥи олоҕу кытары быстыспат ыга ситимнээн дириҥ философскай хабааннаахтык көрдөрбүтүн кини суруйааччы быһыытынан улахан ситиһиитин курдук сыаналыахха сөп.
«Дьиэлээх киһи»
Н.А.Лугинов өссө биир кэрэхсэбиллээх айымньытынан «Дьиэлээх киһи» диэн сэһэнэ буолар. Бу айымньыга кини урут саха литературатыгар ситэ сырдатыллыбатах тиэмэни — Саха сиригэр нуучча, кэлии дьон дьылҕатын ойуулаан көрдөрөр. Манна суруйааччы хотугу сиргэ быстах кэлбит киһи трудовой ресурса эрэ курдук көрүллэрин, урукку көлүөнэ нууччалары кытары сибээс, традиция сүтэн эрэрин көрдөрбүтэ. Кэлин, устугас дьон олохторун-дьаһахтарын көрдөрөн, майгыларын-сигилилэрин ырытан, ханнык баҕарар киһи бэйэтэ дьиэлээх-уоттаах, олохсуйбут сирдээх буолуохтааҕын, эдэр эрдэҕинэ үлэлээбит дьонунуун олох олорор астыгын бэлиэтээбитэ.
Ол эрэн, Николай Лугинов сорох айымньыларыгар биһиги кэммит геройдарын эрэ көрдөрбөт, кини өссө история ааспыт страницаларын арыйталаан көрөр. Онно биир кэрэхсэбиллээҕинэн М.К.Аммосов туһунан суруйбут драмата буолуон сөп.
«Бырастыы»
Драма «Бырастыы» диэн ааттанан, Дьокуускайдааҕы драмтеатрга режиссер А.С.Борисов туруоруутунан бэрт ситиһиилээхтик киэҥ эйгэ дьүүлүгэр тахсыбыта. Драмаҕа саха норуотун биир чаҕылхай уолун, дириҥ государственнай өйдөөх-санаалаах салайааччытын М.К.Аммосовы, уу сахалыы куттаах-сүрдээх, чараас дууһалаах духуобунай лидер быһыытынан арыйан көрдөрбүтэ.
«Алампа, Алампа…»
Оттон «Алампа, Алампа…» диэн драматыгар саха бэртээхэй поэта, драматура, прозаига, билиҥҥи дьон-сэргэ өйүгэр-санаатыгар тыыннааҕыныы көстөн кэлиэн баҕаран туран үлэлээбитэ. Суруйааччы саха чулуу уолаттарын М.К.Аммосовы, А.И.Софроновы уус-уран литератураҕа дьүһүйэн киллэрбитэ билиҥҥи уонна кэлэр көлүөнэ ыччат интеллектуальнай өйө-санаата ситиитигэр, сайдыытыгар, характера буһуутугар-хатыытыгар кырата суох оруолу ылыаҕа.
«Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан»
Кэнники кэмҥэ саха литературатыгар историческай тиэмэҕэ ситиһиилээхтик үлэлээбит норуодунай суруйааччы В.С.Яковлев-Далан кэнниттэн Н.А.Лугинов ааҕааччыларын «Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан диэн эмиэ историческай тиэмэҕэ суруллубут дьоһун айымньытынан үөртэ. Кини бу киэҥ уонна дириҥ ис хоһоонноох роман-трилогиятыгар монголлар ХII үйэтээҕи олохторун-дьаһахтарын уус-уран версия оҥорон ойуулаан көрдөрөр. Николай Алексеевич хаста да Монголияҕа, Кытайга сылдьан библиотекаларга, архыыптарга үлэлээн, храмнарга сылдьан, үгүс итэҕэллээх омуктары көрсөн, түүр омуктар историяларын, этнографияларын, культураларын кытта билсиһэн дьаныардаахтык үлэлээн, 14 сыл устата утуйар уутун умнан, түптээх сынньалаҥы билбэккэ үрүлүйэн-харылыйан үлэлээбит, суруйбут сүдү айымньыта үрдүктүк сыаналанан, үөрүүлээх үбүлүөйүн илии тутуурдаах, өттүк харалаах көрүстэ.
Бу романыгар Н.Лугинов саха мифологиятыгар «Чыҥыс Хаан ыйааҕынан, Одун хаан оҥоһуутунан» диэн үгүстүк туттуллар үгэспит мээнэҕэ этиллибэтин, сахалар түүр омуктарыттан эрэ буолбакка, монголлартан эмиэ хаан хаппыт, силис тарпыт омуктар буоларбытын сабаҕалаан көрдөрөр. Биллэрин курдук, Саха сиригэр монголлар араас биистэрэ — Хоролор, Боотулулар уо.д.а. олороллор. Онон даҕаны Чыҥыс-Хаан диэн полководец кимин-ханныгын, кини бойобуой походтарын, киэҥ киэлилээх сырыыларын уус-уран сэһэргээһин ааҕааччыны долгуппат буолуохтарын сатаммат. Кинигэҕэ ойууланар үгүс батальнай сценалар, араас биистэр атааннаһыылара, бэйэ-бэйэлэрин олохторун аймаан сабыта түсүһүүлэрэ, онтон сылтаан иэнэ суох иэдээҥҥэ, аана суох алдьархайга түбэһэллэрэ, суруйааччы фантазиятыгар уһаарыллан, тыыннаах хартыына буолан ойууламмыт. Ромаҥҥа Чингисхан (Тэмучин) олох кыра эрдэҕиттэн улуу полководец буолуор диэри кэрдиис кэм хабыллан кэрэхсэбиллээхтик кэпсэммит. Манна Чингисхан, урукку нуучча литературатыгар көстөрүн курдук, сэриимсэх, сиэхсит-талабырдьыт, алдьатааччы-кээһэтээччи курдук буолбакка, атыннык көрдөрүллүбүт. Чингисхан бэйэтин бииһин быыһыыр, күн сирин анныгар тыыннаах хаалларар баҕаттан сэриигэ туруммут киһи быһыытынан көстөр. Уһун унньуктаах охсуһуулаах олоххо кини сэрии тактикатын, стратегиятын үөрэтэн сэриитин сатаан аттаран туруорар айылҕаттан айдарыллыбыт дириҥ өйдөөх, киһилии сиэрдээх-майгылаах, сатабыллаах сэрии тойоно буоларын суруйааччы ордук итэҕэтиилээхтик арыйбыт.
Бу романтан Чингисхан муударай, инникини өтө көрөр буолан, араас биистэри, омуктары эйэ дэмнээхтик түмэн, сомоҕолоһуннаран аан дойду билинэр полководеһа буола үүнэн Улуу Судаарыстыбаны тэрийбитин, Или, Эйэни олохтуурга дьулуспутун, киһи аймах историятыгар бэйэтин сүппэт суолун-ииһин хаалларбытын булан ааҕыахха сөп.
Кинини тэҥэ биир кэрэхсэбиллээх уобараһынан Чингис-хан ийэтэ Одьулуун хотун уобараһа буолар. Сэрии бүтэр уһуга көстүбэтин сэрэйэн, кини «хааммыт эрэ быстыбатын» диэн кэскиллээх санаанан салайтаран, саамай кыахтаах, күүстээх, өйдөөх-санаалаах дьонун хаптаҕай кулгаахтаах истибэтэх чиэски сиригэр Хоту ыытарга уонна Чингисхан кистэлэҥ уоругун олохтуурга модун санааны ылынар. Онон сэдиптээн суруйааччы биһиги, сахалар, кимтэн кииннээхпитин, хантан хааннаахпытын быһаарарга биир төрүөтү этэргэ дылы.
Ити курдук, Н.Лугинов «Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан» диэн романа ис хоһоонунан кэрэхсэбиллээҕинэн, дириҥ философскай хабааннааҕынан, иитэр-үөрэтэр уонна эстетическай дьайыыта күүстээҕинэн бүтүн Россия уһулуччу миэстэни ыларын литератураны үөрэтээччилэр, суруйааччылар, ааҕааччылар ордук чорботон бэлиэтииллэр. Москваҕа Россия суруйааччыларын секретариатыгар мустубут суруйааччылар уонна учуонайдар В.Н.Ганичев, С.А.Лыкошин, В.Н.Чукреев, М.М.Числов, В.Н.Карпов, С.А.Небольсин, Ч.Г.Гусейнов уо.д.а. саха суруйааччыта Н.А.Лугинов «Чыҥыс-Хаан ыйааҕынан» диэн романын үрдүктүк сыаналаабыттара, кини литература сайдыытыгар киллэрбит улахан кылаатын, суруйааччы быһыытынан сиппитин-хоппутун, Чингисхан уобараһын саҥалыы, сонуннук көрбүтүн, айымньы билиҥҥи норуоттар, судаарыстыбалар уустук олохторун сырдатыыга, уустук боппуруоһу тулуурдаахтык, эйэлээхтик быһаарарга холобур буоларын, киһи аймах сиэрдээх суолу тутуһара наадалааҕын көрдөрөр суруйуу диэн бэлиэтээбиттэрэ.
2010 сыллаахха Н.А.Лугинов «Улуу хууннар» диэн кинигэтин бэчээккэ таһаартарбыта. Саха театрыгар буолбут ааҕааччылар киэҥ ыҥырыылаах конференцияларыгар кинигэ үрдүктүк сыаналаммыта, суруйааччыга бу хайысханан үлэлииригэр үрдүк ситиһиилэри баҕаран элбэх үтүө тыл этиллибитэ.
(2011 с. «Суруйааччыларбыт алгыстаах айар аартыктарынан» диэн 2014 с. бэчээккэ тахсыбыт кинигэттэн).
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru