Арассыыйа биэнсийэҕэ 10 трлн солкуобайы ыытыаҕа

Бөлөххө киир:

Судаарыстыбаннай Дуума бу күннэргэ Арассыыйа бүддьүөтүн сокуонун барылын иккис ааҕыынан ылынна. РФ биэнсийэтин пуондатыгар эһиил 10 трлн солкуобай көрүллүөҕэ.

Сокуон барылынан, эһиил РФ биэнсийэтин пуондатын дохуота 10 трлн солкуобай буолуоҕа. 2023 сылга – 10,5, 2024 сылга – 11 трлн солкуобайга тэҥнэһиэҕэ. Судаарыстыба 2022 сылга Арассыыйа үрдүнэн биэнсийэлээхтэргэ анаан бүддьүөттэн 10,1 трлн солкуобайы ороскуоттуур былааннаах. Бу сыыппара, бүддьүөт сүрүн сокуонун барылыгар көстөрүнэн, 2023 сылга – 10,5, 2024 сылга – 11,1 трлн солкуобай буолуохтаах.

Социальнай биэнсийэ олоруу алын кээмэйин кытары тэҥҥэ улаатан, эһиил муус устар 1 күнүттэн биэнсийэлээхтэр 7,7 % улааппыт биэнсийэни ылыахтаахтар. Онтон 2023 сылга биэнсийэ өссө 2,5 %, 2024 сылга –  9,9 % үрдүөҕэ. Биэнсийэ страховкаламмыт чааһа эһиил 5,9 %, 2023 сылга – 5,6 %, 2024 сылга – 5,5 % үрдүөҕэ. Ол эбэтэр 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн биэнсийэ халбарыйбат страховкаламмыт чааһа 5,9 % үрдээн 6401 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ.

Манна даҕатан эттэххэ, РФ бырабыыталыстыбатын быһаарыытынан Арассыыйа 15 эрэгийиэнигэр, ол иһигэр, Саха сиригэр эмиэ, биэнсийэҕэ эбии диэн 1,1 млрд солкуобай көрүлүннэ. Бу туһунан бырабыыталастыба чилиэннэрэ сэтинньи 17 күнүгэр ыыппыт мунньахтарыгар быһаарбыттара. Бу эбии төлөбүрү олоруу алын кээмэйиттэн кыра биэнсийэни ылар үлэлээбэт дьон ылыахтара. Олоруу алын кээмэйэ хас биирдии эрэгийиэҥҥэ тус-туһунан. Холобур, Саха сиригэр биэнсийэлээхтэргэ 15438 солкуобайынан быһыллан турар. Саха сирин таһынан маннык көмөнү Бурятия, Карелия, Еврей автономнай уобалаһа, Забайкалье, Амур, Ленинград, Магадан, Мурманскай, Новосибирскай уобаластар, Ненецкэй, Чукотка автономнай уокуруктар ылыахтара.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0