Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Михаил Мишустины бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлинэн анаата
Владимир Путин “Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин туһунан” Ыйаахха илии баттаата.
Михаил Мишустины миниистирдэр кэбиниэттэрин баһылыгынан аныырга Судаарыстыбаннай Дуума тохсунньу 16 күнүгэр ыыппыт пленарнай мунньаҕар сөбүлэҥин биэрбитэ.
Каадыр ыйааҕа Кремль саайтыгар таҕыста. “Арассыыйа Федерациятын 83 ыстатыйатын “а” пуунугар сөп түбэһиннэрэн, Мишустин Михаил Владимировиһы Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлинэн аныырга”, — диэн докумуоҥҥа этиллэр.
Санатан эттэххэ, Мишустин иһин дьокутааттар баһыйар үгүстэрэ (383) куоластаата.
Мишустин диэн кимий?
Михаил Владимирович Мишустин 1966 сыллаахха кулун тутар 3 күнүгэр Москва коуракка күн сирин көрбүтэ.
1989 сыллаахха Москватааҕы станкоинструментальнай институкка (билигин “Станкин” Москватааҕы судаарыстыбаннай технологическай университет) “автоматизированнай бырайыактааһын тиһиктэрэ” идэни бүтэрбит. 1992 сыллаахха – бу институт аспирантуратын.
Экэниэмикэ наукатын дуоктара.
1992-1995 сс. – Норуоттар икки ардыларынааҕы компьютер кулуубун тестовай лабораториятын дириэктэрэ, 1995-1996 сылларга – Норуоттар икки ардыларынааҕы компьютер кулуубун генеральнай дириэктэрин солбуйааччы, бу кулууп бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ.
1998 сыл атырдьах ыйыгар Арассыыйа Судаарыстыбаннай нолуокка сулууспатын салайааччытын солбуйааччынан анаммыта. 1999 сыл кулун тутартан 2004 сыл кулун тутарга диэри Арассыыйа Федерациятын Нолуокка уонна хомуурдарга миниистирин солбуйааччынан үлэлээбитэ.
2004 сыл кулун тутартан 2006 сыл ахсынньы ыйыгар диэри Хамсаабат баай-дуол эбийиэктэрин кадаастырын федеральнай агентствотын салайбыта.
2007 сыл тохсунньу ыйыттан 2008 сыл кулун тутар ыйыгар диэри Ураты экномическай зоналары салайыыга федеральнай агентствоны салайбыта. 2008 сыл кулун тутар ыйыгар UFG («ОФГ Инвест») хампаанньалар бөлөхтөрүн бэрэсидьиэнэ – Арассыыйаҕа үлэлиир автивтары, быһаччы инвестициялары, ону тэҥэ Deutsche Bank кытта бииргэ паайдаах инвестиционнай пуондалары салайыы эйгэтигэр бөдөҥ хампаанньалартан биирдэстэрин бэрэсидьиэнинэн буолбута.
2010 сыл муус устар 6 күнүттэн Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин 507-р №-дээх “Федеральнай нолуок сулууспатын салайааччытын туһунан” дьаһалынан Федеральнай нолуок сулууспатын салайааччынан анаммыта.
Судаарыстыбаннай нолуок администрированиетын иһитиннэрэр-технологическай ньымаларын уонна баайга-дуолга нолуок администрированиетын иһитиннэрэр-технологическай төрүттэрин туһунан монография ааптара.
СИА.
Хаартыскаҕа: Михаил Мишустин.
Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова.