Арассыыйа аны Крымы түүлэһиэхтээҕин туһунан

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

New York Times суруйарынан, Арассыыйа уонна Украина сыһыаннарын олохторун булларыыга итиэннэ Арассыыйаҕа туһааннаан киллэриллибит санкциялары тохтотуу туһунан этиилэр АХШ бэрэсидьиэнин көмөлөһөөччүтэ Майкл Флинн офиһыгар, кини үлэтиттэн уурайыа биир нэдиэлэ иннинэ, бу ый саҥатыгар тиэрдиллибиттэр.

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru

Украина дьокутаата Андрей Артеменко оҥорбут былааныгар Украина илиҥҥи өттүттэн Арассыыйа быйыаннай күүстэрин таһаарыы, Крымы Арассыыйаҕа 50-тан 100 сылга диэри болдьохтоон түүлэһиигэ биэриигэ Украинаҕа референдуму ыытыы көрүллэр.

Бу докумуону АХШ салалтата хайдах ылыныа биллибэт. Оттон Украинаҕа бу сонунтан улаханнык кыйаханнылар. Украина Холбоһуктаах Штаттарга посола Валерий Чалый атын да дойдуларга, ол иһигэр АХШ-гар, Артеменко Украина бэрэстэбиитэлинэн буолар ханнык да бырааба суох диэтэ.

New York Times маны сэргэ, Артеменко Украина бэрэсидьиэнэ Петр Порошенко хоруупсуйаҕа кыттыгастааҕын саралыыр чахчылардааҕын ыйар. Украина дьокутаата бэйэтэ бигэргэтэринэн, РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин үрдүк сололоох көмөлөһөөччүлэрэ кини этиилэрин кытта билсибиттэр үһү.

Манна даҕатан санаттахха, бу эрэ иннинэ сенатор Крис Мерфи конгреска Арассыыйа АХШ быыбарыгар орооһуутун туһунан боппуруоһу дьүүллэһии кэнниттэн Арассыыйаны утары саҥа санкциялар киллэриллиэхтэрин сөбүн этэн турар. АХШ үпкэ миниистирэ Стивен Мнучин эмиэ Арассыыйаны утары санкциялары ким да көтүрэр санаата суох диэн иһитиннэрбитэ.

Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0