Арассыыйаҕа суукка устата 10 028 киһи ыарыйда

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Суукка устата Арассыыйа 83 эрэгийиэнигэр 10 028 киһи коронавируска сутулунна. Итинтэн 44,5 бырыһыаныгар ыарыы баар сибикитэ биллибэтэх. 4491 киһи үтүөрэн балыыһаттан тахсыбыт.

edersaas.ru

Онон дойду 85 эрэгийиэнигэр, уопсайа, 242 271 киһиэхэ анаалыс коронавирус баарын көрдөрбүт. Итинтэн 48 003 киһи үтүөрбүт, 2212 киһи (бүтэһик сууккаҕа 96) киһи суох булбут.

Биирдиилээн ылан көрөр эбит буоллахха, суукка устата Москваҕа 4703, Москва уобалаһыгар 962, Санкт-Петербурга 435 киһи ыалдьыбыт. Саха сиригэр ити сыыппара 46-ҕа тэҥнэһэр.

“Бастакы чинчийиини ааспыт мэдиссиинэ үлэһиттэрин 21 бырыһыана номнуо ыалдьыбыттарын көрдөрөр”, — диэн Татьяна Голикова иһитиннэрбитэ.

Арассыыйаҕа коронваруһунан күннэтэ ыалдьар дьон ахсаана биир кэрдиискэ турбута нэдиэлэ буолла. Онон ыарыы муҥутуур чыпчаалыгар таҕыста диэн, кыралаан дьиэҕэ олорууну сымнатан эрэллэр. Ол эрээри, сорохтор ыарыы букатын сүппүтүн, суох буолбутун курдук ылыналлара сыыһа. Ирдэниллэр санитарнай-эпидемиологическай нуорманы тутуһар булгуччулаах.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0