Арассыыйаҕа «Объясняем.РФ» диэн саайт үлэлээтэ

07.03.2022
Бөлөххө киир:
Билиҥҥи үөскээбит балаһыанньанан араас оруна суох, сымыйа иһитиннэриилэр, сурахтар тарҕаныылара элбээтэ. Онон кырдьыктаах иһитиннэриини ылыан баҕалаах дьоҥҥо анаан Арассыыйаҕа  «Объясняем.РФ» диэн саайт үлэтин саҕалаата.

РФ вице-премьера Дмитрий Чернышенко иһитиннэрбитинэн, Арассыыйаҕа санкциянан уонна Украинаҕа ыытыллар анал операциянан сибээстээн, социальнай ситимнэринэн уонна сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэринэн сымыйа сурахтар тарҕаныылара ордук элбээтэ.

«Бырабыыталыстыба кырдьыктаах иһитиннэриини нэһилиэнньэҕэ тириэрдэрэ  улахан оруоллаах. Порталга номнуо үгүс  ыйытыыларга хоруйдар бааллар», – диэн  вице-премьер эбэн эттэ.

Порталы таһынан өссө  «Объясняем.РФ» телеграм-ханаала үлэлиир (https://t.me/obyasnayemrf).

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0