Арассыыйаҕа Кыргызстан сыла: «Аҕа дьылҕата» испэктээк ааны аста

Ааптар: 
28.02.2020
Бөлөххө киир:

2020 сылы Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтигэр Арассыыйа, оттон биһиги дойдубутугар — Кыргызстан сылларынан биллэрдилэр.

 edersaas.ru

Бэҕэһээ, олунньу 27 күнүгэр, Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра Нуучча академическай  тыйаатырыгар кыргыз народнай суруйааччыта Бексултан Жакиев суруйбут «Аҕа дьылҕата» («Судьба отца») драматынан испэктээк премьератын көрөөччүлэр дьүүллэригэр таһаарда.

Күн аайы Акылбек оҕонньор обургу саастаах сиэнинээн Дженишбектыын бириистэнҥэ киирэн сэрииттэн төннөр саллааттар борохуоттарын көрсөллөр уонна … төттөрү дьиэлэригэр төннөөхтүүллэр.

Драма 1956 сыллаахха суруллан баран, 1958 сылтан тыйаатыр сыанатыгар тахсыаҕыттан, режиссёрдар күн бүгүнүгэр диэри дойду уонна омук сирдэрин тыйаатырдарыгар сөбүлээн туруораллар. Бу испэктээк Саха сиригэр бастакытын турар буолан, тыйаатыр иһэ толору киһи. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, үксэ ыччат дьон.  Аҕа соҕотох оҕотун Болотбегы сэриигэ сүтэрэн баран айманаахтыыра, обургу уол саастыылаахтарыттан туора көрүллэрэ, кэргэнэ сэрииттэн эргиллибэтэх Зуура  иккистээн эргэ тахсыбыта табыллыбатаҕа — испэктээк устатын тухары көрөөччү бу дьоруойдар олохторун тупсарыах баҕатын күүһүрдэн биэрэр. Бу — режиссёр Александр Титигиров улахан ситиһиитэ.

Испэктээк кэнниттэн айымньы ааптарын, кыргыз народнай суруйааччыта Бексултан Жакиевтыын Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтигэр саха норуотун чулуу уола Максим Аммосов аатын үйэтитиигэ үлэлэспит Ил Түмэн Мунньаҕын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Жирков артыыстары уонна  айымньыны сахалыы тылынан тылбаастаабыт суруйааччы Дмитрий Наумовы  кытта көрсөн махтанна уонна Арассыыйаҕа Кыргызстан күннэрин ыытыыга кытта Москваҕа барарын иһитиннэрдэ.

Онно норуот суруйааччыта Бексултан Жакиевка испэктээк премьерата ситиһиилээхтик ааспытын бэлиэтээн туран, эҕэрдэҕитин тиэрдиэм этэ диэн көрдөспүтүгэр, артыыстар бэйэлэрин эҕэрдэлэрин тиэртилэр.  Норуот дьокутаата ону видеоҕа уһулла.

Тыйаатыр аатыттан эҕэрдэ тылы кыргыз норуотун суруйааччытыгар Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын уус-уран салайааччыта Алексей Павлов тиэртэ. Артыыстар бары салайааччыларын эҕэрдэтигэр кыттыһан, суруйааччыга «Уруй-айхал!» тиэртилэр.

«Аҕа дьылҕата» испэктээккэ кылаабынай оруолу Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын «сулуһа», СӨ народнай артыыһа Петр Андреев толордо.

Оруолун чаҕылхайдык арыйбыт артыыска олохтоох кыргызтар сыанаҕа тахсан, ис сүрэхтэриттэн махтаннылар.

Мин народнай артыыс Петр Андреевтан Акылбек оҕонньор дьылҕатын туһунан  кэккэ боппуруоһу ыйыттым. «Арай оҕонньор уола сэрииттэн тыыннаах эргиллибит буоллун?»  — диэн ыйытыыбар артыыс:  «Бэрт буолуо этэ эрээри, оннук буолбат буоллаҕа. Сэрии ыар сылларыгар төһөлөөх үгүс араас омук уолаттара сэбиэскэй дойдуларын босхолоору, суорума суолламмытттара, сэрии хонуутугар дьоруойдуу охтубуттара, сураҕа суох сүппүттэрэ буолуой?! Түөртүү-биэстии оҕолорун сүтэрбит саха ыаллара бааллара дии…» — диэн хоруйдаата.

«Сиэнин аһара атаахтатан, туох диэбитин барытын толорон иһэн, оҕонньор эрэйдээх  обургу оҕо иитиитигэр охсууну оҥоро сыста буолбаат?» — диэн ыйыппыппар, Петр Андреев:

Ити омукка уол оҕо туохтааҕар да күндү үһү. Ол да иһин буолуо, бэйэтин кэнниттэн аатын ааттатаары, сиэнин былдьаһа сатыыр дии. «Мин кэннибэр хаалларыам — кини» диэн санаанан салайтаран олорор. Хата, сиэн уол аармыйаҕа сулууспалаан кэлэн, үтүө киһи буолбута көстөн, көрөөччү онтон олус үөрдэ, — диэн санаатын тиэртэ.

Норуот дьокутаата Александр Жирков: «Улуу Кыайыы 75 үбүлүөйдээх сылыгар туһаайыллыбыт  Өйдөбүнньүк уонна Албан аат,  Дойдуга бэриниилээх буолуу сылларыгар, Арассыыйаҕа Кыргызстан сылын бэлиэтиир суолталаах тэрээһиннэргэ кыргыз народнай суруйааччыта Бексултан Жакиев «Аҕа дьылҕата» испэктээгинэн биһиги, саха дьоно, бастакынан ааны аһааччыларынан буоллубут, — диэн бэлиэтээбитин саалаҕа олорор көрөөччүлэр дохсун ытыс тыаһынан бигэргэттилэр.

Бэлиэтээн эттэххэ, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын дьиэтэ өрөмүөҥҥэ турар кэмигэр, артыыстар үлэлэлэрин тохтоппоттор. Кинилэр куорат тыйаатырдарынан, үөрэх тэрилтэлэрин аактабай саалаларынан араас тэрээһиннэри ыыталлар, испэктээкиллэри көрдөрөллөр, быыстапкалары тэрийэллэр. Улуу Кыайыы 75 сыллаах үбүлүөйүн көрсө ыытар үлэлэрин киин куорат тыйаатырдара, бөдөҥ тэрилтэлэр кинилэри өйүүллэригэр Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын айар кэлэктиибэ махтала муҥура суох.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа Василий Кононов, Ольга Старостина уонна ааптар түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0