Арассыыйаҕа коронавирустаабыт дьон 43 бырыһыаныгар ыарыы сибикитэ биллибэтэх
Аан дойдуга 3 мөлүйүөнтэн тахса киһи ыалдьыбыт. Ордук элбэх киһи Америкаҕа (973 тыһыынча). Ол кэнниттэн Испания, Италия, Франция, Германия, Великобритания, Турция буолаллар.
Арассыыйаҕа 300-500 тыһыынча киһи ыалдьыан сөп диэн сабаҕалыыллар. Билиҥҥитэ 87 147 киһи ыалдьыбыта бэлиэтэнэр. Күннэтэ, ортотунан, 6 тыһыынча киһи эбиллэ турар. Саамай кутталлааҕа, ити дьонтон 43 бырыһыаныгар ыарыы сибикитэ биллибэтэх. Оччотугар бэйэлэрэ даҕаны билбэттэринэн ыарыыны тарҕата сырыттахтара. Кинилэртэн хас киһи сыстыбыта биллибэт.
Баҕар, ким эрэ ити аан дойду, Арассыыйа атын эрэгийиэннэрин чахчылара, биһиэхэ балаһыанньа арыый ама диэн саныан сөп. Оччотугар, Саха сирин ылан көрүөҕүҥ.
Күн бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ 170 киһи ыалдьыбыта бэлиэтэнэр. Итинтэн 18 киһи үтүөрбүт, 1 киһи өлбүт. Билигин даҕаны балаһыанньа уустук.
Саха сиринээҕи “СтопКоронавирусЯкутия” онлайн-каартаҕа көрдөххө, куораппыт кытарбыта, саһарбыта, көҕөрбүтэ күнүнэн эбиллэн иһэр. Ол аата, ыалдьыбыт киһи ахсаана үүнэ-тэһиинэ суох үксүү турар.
Бэҕэһээҥҥигэ диэри маҕаһыыҥҥа ас-үөл ыла таарыйа салгын сиэн киирэр эбит буоллахпытына, ити каартаттан көрдөххө, киһи кыбартыыратыттан даҕаны тахсара, чахчы, кутталламмыт. Ыам ыйынааҕы сынньалаҥнар дии-дии уопсастыбаннай миэстэлэри кэрийдэхпитинэ, айылҕаҕа таҕыстахпытына балаһыанньа букатын буорайарыгар тиийэр. Бастатан туран – доруобуйа! Онон дьиэҕэ олоруоҕуҥ. Маҕаһыыҥҥа тахсар даҕаны буоллахпытына, булгуччу маасканы кэтэр ирдэнэр.
Людмила ПОПОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru