Арассыыйаҕа коронавирус саамай сыстыганнаах кэмэ үүннэ

Ааптар: 
31.03.2020
Бөлөххө киир:

Араассыыйаҕа COVID-19  дьаҥ саамай сыстыганнаах кэмэ үүммүтүн туһунан  РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин внештатнай эпидемиолога Николай Брико РИА НОВОСТИ агенствоҕа иһитиннэрдэ. 

edersaas.ru


Сыстыганнаах ыарыыга хаптарбыт дьон ахсаана өссө хас да хонук эбиллэн баран, сыыйа намыраан барыаҕа. Ыарыы тохтооһуна былаас уорганнара кытаанах миэрэлэри ылыыларын кытта ыкса сибээстээх буолуоҕа. Син эмиэ атын респираторнай дьаҥ курдук, коронавирус тымныы кэмҥэ актыыбынай. Онон муус устарга-ыам ыйыгар ыарыы туруута сотору сыыйа тохтуоҕа, — диэн сонуннары тарҕатар агенствоҕа эпидемиолог Николай Брико иһитиннэрдэ.

Арассыыйаҕа коронавируһунан ыалдьыбыт 2337 киһи бэлиэтэннэ. Онтон 1613 киһи — Москваҕа.  17 киһи өллө, 121 киһи үтүөрдэ.

Бүгүҥҥү күҥҥэ дойду үгүс эригийиэннэригэр ханна да тахсыбакка, бэйэни дьиэҕэ олорон хааччатааһын режимэ олохтонно.  Судаарыстыбалар бэйэ-бэйэлэрин кытта салгынынан уонна тимир суолунан сырыылара  тохтоото.

Бу туһунан РИА НОВОСТИ агенствоттан холобурдаан СИА иһитиннэрдэ.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — РИА НОВОСТИ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0