Арассыыйаҕа ипотека бырыһыана салгыы түһэр кыаҕа суох

Бөлөххө киир:

Элбэх оҕолоох ыаллары өйүүр туһуттан, соторутааҕыта Гайдаровскай форумҥа вице-премьер Татьяна Голикова Уһук Илин олохтоохторугар ипотека бырыһыанын 5% диэри түһэрэргэ кэпсэтии бара турарын эппитэ. Оттон РФ Тутуутун уонна ОДьКХ миниистирэ Владимир Якушев дойдуга ипотека бырыһыана мантан аллараа түһэр кыаҕа суоҕун туһунан иһитиннэрдэ.  

edersaas.ru


«Ипотечнай кирэдьиит бэриллэр историятыгар кэлиҥҥи икки сыл иһигэр бырыһыан ыстаапката 12%  — 9,5% диэри түспүтэ Арассыыйа үрдүнэн хаһааҥҥытааҕар даҕаны улахан хамсааһыны таһаарда. Үп-харчы ырыынагар билиҥҥи балаһыанньаны учуоттаан туран, ипотека бырыһыана салгыы түһэр кыаҕа суох», — диэн эттэ кини.

Ол курдук, саамай элбэх ипотечнай кирэдьиити биэрэр Сбербаан тохсунньу 14 күнүттэн бырыһыан кээмэйин 1-1,2 %, ВТБ – 0,6% үрдэттэ.

Марианна ТЫРТЫКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0