Арассыыйаҕа «Дьоруой Ийэ» бэлиэ сөргүтүлүннэ

Бөлөххө киир:
10 уонна онтон элбэх оҕолоох ийэлэр  «Дьоруой Ийэ» бэлиэни ылар кыахтаннылар. Туһааннаах ыйаахха РФ Аҕа баһылыга Владимир Путин илии баттаата.
Ол курдук,  «Дьоруой Ийэ» бэлиэнэн наҕараадаланар ийэлэр уонна оҕолор Арассыыйа гражданнара буолуохтаахтар.  Дьоһун бэлиэ ийэ онус оҕото 1 сааһын туоллаҕына биирдэ туттарыллар. Бэлиэни таһынан  ийэҕэ 1 мөл. солкуобайдаах биир кэмнээх төлөбүр оҥоһуллар.

Санатар буоллахха, сэбиэскэй кэмҥэ аан бастаан 1944 сыллаахха уонтан элбэх оҕону төрөппүт, ииппит ийэлэргэ Дьоруой Ийэ уордьанын, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин грамотатын туттарбыттара. Уордьан кыһыл уонна үрүҥ көмүстэн оҥоһуллара, Сэбиэскэй Сойуус биир үрдүкү наҕараадата этэ.

 edersaas.ru
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0