Арассыыйаҕа аҕыс мөлүйүөн киһи үлэтэ суох хаалыан сөп

Бөлөххө киир:

Дойду Счетнай балаататын бэрэссэдээтэлэ Алексей Кудрин сотору кэминэн  Арассыыйаҕа 8 мөлүйүөн киһи үлэтэ суох хаалыан сөбүн туһунан эттэ.


«Хамнас алын кээмэйигэр тэҥнэммит билиҥҥи босуобуйаҕа 12 130 солкуобайга дьон нэһиилэ да тиийинэн олорор кыаҕа суох, ол иһин босуобуйаны 1,5-2 төгүл үрдэтэр уолдьаста», — диэтэ кини. Кудрин этиитин идэлээх сойуустар олоххо киириэн сөп диэн сыаналаатылар.

Тэҥнээн көрдөххө, 2020 сыл саҥатыгар Арассыыйаҕа 3,5 мөлүйүөн киһи  үлэтэ суох (үлэлиир сааһыгар сылдьар нэһилиэнньэ 4,7%) этэ. Оттон коронавирус пандемиятыттан уонна экэниэмикэ кириисиһиттэн сылтаан, дойду нэһилиэнньэтин 10% үлэтэ суох хаалар кутталлаах.

Билиҥҥи кириисис 1998 сыллаах дефолтан, 2008 сыллаахха дуоллар эмискэ үрдээн, солкуобай сыанатын сүтэриититтэн, 2014 сыллаах сааҥсыйалартан ордук ыарыылаах уонна охсуулаах буолуо диэн эспиэрдэр этэллэр.

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска e-vid.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0