Арассыыйаҕа 13 % оҕоҕо коронавирус кэнниттэн мөлтөөһүн бэлиэтэнэр
Вирусолог-быраас Евгений Тимаков этэринэн, бу — мөлтөх доруобуйалаах, улахан ыйааһыннаах уонна хроническай ыарыылаах оҕолор.
Хас ахсыс оҕоҕо (быһа холуйан 13 %) коронавирус кэнниттэн мөлтөөһүннэр (постковидный синдром) бэлиэтэнэллэр.
“Мөлтөөх доруобуйалаах, улахан ыйааһыннаах уонна хроническай ыарыылаах оҕолор ыараханнык ыалдьаллар… Быһа холуйан 13 % оҕо коронавирус кэнниттэн улахан киһи курдук мөлтүүрэ бэлиэтэнэр”, — диэн “Вести ФМ” араадьыйаҕа эпиир кэмигэр эттэ.
Оҕолорго быһыыны маассабайдык туруоруу туһунан этэригэр, Тимаков тустаах ыйытыыга хоруйга икки көрүүлээҕин бэлиэтиир. “Өскөтүн улахан аҥаардарыгар коронавирус антителата суох буоллаҕына ылыахтарын сөп, онтон өскөтүн номнуо иммунитет үөскээтэҕинэ ылбатыннар. Оччотугар вакцинация мөлтөх доруобуйалаахтарга (группа риска) ирдэниэҕэ. Эбэтэр ыарыһахтары кытта хантаактаспатахтарга уонна ыалдьыбатахтарга. Маныаха быһыыны талан туруорар наада буолуо”, — диэн эспиэр эттэ.
Хаартыска: ТАССтан