Көмүс саппааһыгар Саха сирэ Арассыыйаҕа 5 саамай баай эрэгийиэн ахсааныгар киирэр
Бүгүн алтынньы 26 күнүгэр Саха сиригэр көмүс хостуур бырамыысыланнас үлэтин тосхоллорун, инники былааннарын, сир баайын хостуурга аныгы технология, олохтоох дьону үлэҕэ ылыы, бу эйгэҕэ исписэлиистэри бэлэмнээһин, тулалыыр эйгэҕэ таһаарар хоромньуну кыччатыы, өрүскэ кирдээх ууну тоҕууну бопсооһун тула Идэлээх сойуустар дьиэлэригэр киэҥ хабааннаах кэпсэтии таҕыста.
edersaas.ru
«Бу сыл түмүгүнэн 25 туонна көмүс хостоноро күүтүллэр. Инвестиционнай бырайыактары олоххо киллэрдэххэ, холобур, Тарыннааҕы хайаны байытар кэмбинээт тутулуннаҕына 2022 с. отучча туонна көмүһү хостуур кыахтаныахпыт», — диэн билиһиннэрдэ СӨ Бырамыысыланнаһын уонна геологиятын миниистирэ Максим Терещенко.
Билиҥҥитэ көмүс хостуур бырамыысыланнаска 10 296 киһи үлэлиир, кинилэр орто хамнастара 2018 с. аҕыс ыйыгар 73 329 солк., оттон былырыын 84 797 солк. эбит. Ол үрдүнэн анал үөрэхтээх идэтийбит үлэһит илии тиийбэтэ этилиннэ.
СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Гаврил Харлампьев олохтоох дьону үлэҕэ ыларга быстах кэмҥэ баахтанан эрэ буолбакка, бастайааннай үлэҕэ сыһыарар наадалааҕын бэлиэтээтэ. Тыа сиригэр үлэтэ суох дьон элбэҕинэн сибээстээн, оробуочай идэлэргэ соҕурууттан дьону ыҥырбакка, бастатан туран, олохтоох нэһилиэнньэни үлэнэн хааччыйарга туруорсалларын санатта.
«Кангалаас» индустриальнай паарка урутаан сайдар сиригэр ювелирнай-гранильнай кластер тутулла турар. Онон бу бырамыысыланнас инники кэскилэ киэҥ. 2018 с. туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ 13 алмааһы кырыылыыр, 36 ювелирнай тэрилтэ үлэлиир.
Н.М. Федоровскай аатынан минеральнай сырье научнай-чинчийэр институтун кэтээн көрүүтүнэн, көмүс саппааһыгар Саха сирэ Арассыыйа эрэгийиэннэригэр 5 иһигэр киирэр. Судаарыстыба балаансатыгар 1783, 2 туонна көмүс саппаастаах 804 сир баайдаах учаастак баар. Ону туһаҕа таһаарарга кэлэр сылларга күргүөмнээх үлэ барыаҕа.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru