Арассыыйа олохтоохторо хамсык дьаҥын суоһа уоста илигин өйдүүллэр
Аан дойду үрдүнэн 31,6 мөлүйүөнтэн тахса, Арассыыйаҕа 1 122 241 киһи коронавирустаабыт. Онтон Саха сиригэр бүтэһик сууккаҕа 75 киһи ыалдьыбытын анаалыс бигэргэппит.
edersaas.ru
Балаҕан ыйын 18-21 күннэригэр Арассыыйа олохтоохторун ортотугар хамсык дьаҥар сыһыаннаах ыйытыгы ыыппыттар. Ыйытыкка, уопсайа, 52,8 тыһыынча киһи кыттыбыт. Ыытыллыбыт тэрээһин түмүгэ дойду олохтоохторун 30-45 %-на дьаҥ тарҕаныыта билигин даҕаны баарын, онон бэйэлэрин харыстаналларын көрдөрбүт.
Хамсык туһунан кэпсэтииттэн, тиэмэттэн хал буолбуттарын биллэрбит дьон ахсаана 25-35 % тэҥнэспит.
Ыйытыкка кыттыбыт дьон 13-23 % хамсык дьаҥын иккис долгуна кэлиэҕэ диэн кэтэһэллэрин көрдөрбүт.
Аны олохтоох дьон 8-17 %-на коронавирус баарын күүркэтэллэр диэн хайдах даҕаны харыстамматтар эбит. ыйытыкка кыттыбыт 53 тыһыынчаттан тахса киһиттэн 8 бырыһыана төһө буоларын суоттуур уустуга суох. Бачча киһи кими баҕарар ыарыыга сутуйар кыахтаах.
Хамсык букатыннаахтык суох буолара бэйэбититтэн эрэ тутулуктааҕын бу сыл аҥаара кэм дьиэҕэ олоруубут итэҕэттэ. Бэрт судургу эбээт – дьиэттэн тахсарга мааска, дьонтон тэйиччи сылдьыы, кыаллар буоллаҕына бэрчээкки.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru