Елена Малинникова: «Саха сирин быраастара идэлэригэр бэриниилээхтэрин уонна эр санаалаахтарын көрдөрдүлэр»

Ааптар: 
03.05.2020
Бөлөххө киир:

Арассыыйа Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кылаабынай инфекциониһа Елена Малинникова Саха сиригэр үс күннээх оробуочай сырыыта түмүктэннэ. Бу туһунан РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин саайта суруйар. 

Саха сиригэр коронавирус саҥа инфекциятын бохсуу кэмигэр эрэгийиэҥҥэ сырыыта мэдиссиинэ көмөтүн хаачыстыбалаахтык хааччыйыы боппуруостарыгар туһуламмыта.

“Саха сирэ – уустук соҕус эрэгийиэн: иэнинэн, мэдиссиинэ көмөтүн оҥорууга уустугунан. Маныаха эпидемия балаһыанньата эрэгийиэҥҥэ болҕомтону эрэйэр”, — диэн бэлиэтээтэ кини.

Кэлбитин бастакы күнүгэр Елена Малинникова дьаҥ тарҕаныытын сэрэтэр өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал штаб уочараттаах мунньаҕар кытынна. Мунньаҕы Саха сирин баһылыга Айсен Николаев салайбыта. Ону сэргэ өрөспүүбүлүкэ баһылыгын кытта икки өрүттээх көрсүһүүгэ коронавируһу бохсуу боппуруостарын дьүүллэстилэр.
Иккис күнүгэр Елена Малинникова Ленскэй оройуон сиригэр-уотугар баар Чайыҥдатааҕы баахтабай бөһүөлэккэ сырытта. Бу күн Чайыҥдаҕа мобильнай госпиталы таҥмыттара.

Икки ыарыһаҕы Дьокуускайга ыыппыттара, уопсайа өрөспүүбүлүкэ эмп тэрилтэлэригэр 60 тахса киһи киирбитэ. Бу иннинэ үлэһиттэритэн сорохторо Ямал-Ненец автономнай уокуругар уонна Омскай уобаласка салгыы эмтэниигэ ыытыллыбыттара. Омскайга илдьибит 50 киһиттэн үгүстэрэ Омскай бэйэтин олохтоохторо.

Ыам ыйын 2 күнүнээҕи туругунан, сир баайдаах сиргэ 45 эмчит үлэлиир, кинилэр истэригэр өрөспүүбүлүкэ мэдиссиинэ тэрилтэлэриттэн 10 эмчит баар.

Оробуочай сырыытын түмүктүүрүгэр Елена Малинникова Дьокуускай куорат мэдиссиинэ тэрилтэлэригэр сылдьан, Саха сиригэр коронавирустаах ыарыһахтарга уонна кэтээн көрүүгэ сылдьар дьоҥҥо мэдиссиинэ көмөтө көдьүүстээхтик тэриллэрин бэлиэтээтэ.

Арассыыйа Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кылаабынай инфекциониһа Саха сирин быраастара идэлэригэр бэриниилээхтэрин уонна эр санаалаахтарын бэлиэтээтэ.

Женни Стрюкова бэлэмнээтэ,

“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0