Аракыата тобохторо Алдан уонна Кэбээйи оройуоннарыгар түстүлэр

Бөлөххө киир:

Кулун тутар 25 күнүгэр «Союз-2.1б» таһаарааччы аракыата «Восточнай» космодромтан көтөн, тобохторо  Кэбээйи уонна Алдан оройуоннарыгар түстүлэр.

Бэҕэһээ Кэбээйи улууһугар Экология министиэристибэтин уонна  «Хабаровский» ФГБУ ЦАС оробуочай бөлөҕө үлэлээн, үс сиртэн хаар боруобатын ыллылар.

Алдан оройуонугар бүгүн уонна бэҕэһээ үөһэттэн кэтээн көрдүлэр.

Бүгүҥҥү бэрэбиэркэ түмүгүнэн, аракыата тобохторо (фрагменты ОЧ РН: в РП 875 2 фрагмента – бак окислителя и торовый бак, в РП 873 – фрагмент створки головного обтекателя)  ханан түспүттэрэ билиннэ.

Сарсын аракыата тобохторо чопчу ханан түспүттэрин булан көрүөхтэрэ уонна хаар боруобатын ылыахтара диэн Экология министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

edersaas.ru

Хаартыска: http://sakha.gov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0