Аракыата тобоҕун көрдөөһүҥҥэ радары уонна беспилотниктары туһаныахтара
«Восточнай» космодромтан көтүөхтээх аракыата тобохторун анал радарынан уонна беспилотниктарынан көрдүөхтэрэ.
edersaas.ru
Аракыата сарсын космодромтан Саха сирин бириэмэтинэн 14:40 чааска көтөрө былааннанар. Ол курдук “Метеор–М” аппараты “Союз-2.1б” аракыата космоска таһаарыахтаах. Ол аата “Восточнайтан” иккис сүрүн көтүү буолар. Бастакы анал спутнигы 2016 сыл муус устар 28 күнүгэр таһаарбыттара.
Эрдэ сайтпытыгар суруйан аһарбыппыт курдук, Алдан уонна Бүлүү улуустарын сирдэригэр-уоттарыгар тобох үлтүркэйдэрэ түһүөхтээхтэр. Ол тобохтору улахан кыамталаах радар көмөтүнэн көрдүөхтээхтэр. Радар үлтүркэй чопчу ханан сытарын быһаарбытын кэннэ беспилотниктар, судургутук эттэххэ, пилота суох көтөр аппарааты туһанан хаартыскаҕа түһэриэхтэрэ.
Дьэ бу кэнниттэн бөртөлүөтүнэн көрдүүр этэрээт баран үлэлиэҕэ. «Радар уонна беспилотниктар үлэлииргэ бэлэмнэр. -40 кыраадыс тымныыга диэри туох да харгыһа суох холкутук үлэлииллэр. Хараҥаҕа кытары көрдүүр кыахтаахтар», – диэн беспилотниктары таҥар исписэлиис Артем Силкин уонна радар оператора Никита Федына этэллэр.
Николай Попов, edersaas.ru