Аракыата тобоҕо Алдаҥҥа хас да сиринэн түһүөн сөп

Бөлөххө киир:

Сарсын, ол эбэтэр, сэтинньи 28 күнүгэр «Восточнай» космодромтан «Метеор-М» аргыстаах «Союз-2.1б» аракыата ыытыллыахтаах. Аракыата тобоҕо Бүлүү уонна Алдан оройуоннарын сиригэр-уотугар түһүөхтээхтэр.

edersaas.ru

Бүгүн Алдан оройуонугар аракыата тобоҕо түһүөхтээх сирдэрин үөрэтэ, чинчийэ анал биригээдэ үлэтин саҕалаата. Үс сиринэн түһүөн сөбүн сабаҕалыыллар. Былырыын муус устар 28 күнүгэр көппүт «Союз-2.1а» аракыата тобоҕо түһүөн иннинэ уонна түспүтүн кэннэ Алдаҥҥа, Бүлүүгэ оҥоһуллубут чинчийиилэр хаартан, ууттан уонна сиртэн ылыллыбыт боруобаларга туох да уларыйыы суоҕун көрдөрбүтэ. Оттон алтынньы саҥата “Роскосмос” бэрэстэбиитэллэрэ сэтинньигэ көтүөхтээх аракыата тобоҕо түһүөхтээх Бүлүү уонна Алдан улуустарыгар сылдьан, тулалыыр эйгэттэн уу, буор боруобаларын ылбыттара. Ил Дархан Егор Борисов дьаһалынан, толоруулаах былаас уорганнара Роскосмос бэрэстэбиитэллэрин кытта балаһыанньаны хонтуруолга туталлар.

Николай Попов, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0