Аракыата тобоҕо Хатыыстыыртан 100 км сиргэ түһэрэ сабаҕаланар
Алдан сиригэр аракыата тобохторо түһэллэрэ сабаҕаланарынан, бу күннэргэ бэлэмнэнии үлэтэ күүскэ ыытыллар.
edersaas.ru
Бүгүн Алданнааҕы айылҕа харыстабылын кэмитиэтин иниспиэктэрэ Петр Иванов салайааччылаах бөлөх хаар анаалыһын ыллылар. «Аракыата тобоҕо Хатыыстыыр бөһүөлэгиттэн 100 км ыраах сиргэ түһэрэ сабаҕаланар. Олору көрдөөһүн ити таһынан барытынан ыытыллыахтаах. Булуллубутун кэннэ, хаартан хос анаалыс ылабыт уонна бүгүҥҥү анаалыһы кытта тэҥниэхпит. Былырыын түспүт үлтүркэй айылҕаҕа туох да буортута суоҕа биллибитэ», – диэн Петр Иванов кэпсиир.
Алдаҥҥа быыһыыр сулууспа этэрээтэ нэһилиэнньэни кытары көрсөн, кэпсэтэн, сэрэтэр үлэни ыытта. Ол туһунан үһүс кылаастаах быыһааччы Владимир Вепрев: «Бүгүн Хатыыстыырга үлэлээтибит. Аракыата тобоҕо түһүөхтээх сиригэр барымаҥ диэн сэрэттибит. Сарсын сарсыардаттан өссө биирдэ бөртөлүөтүнэн уонна снегоходтарынан бэрэбиэркэлээн кэлиэхпит. Дьон баар буолар түгэнигэр суһаллык эвакуациялыыбыт», – диэтэ.
Николай Попов, edersaas.ru