“Арай биирдэ…” остуоруйаһыттар, кэпсээнньиттэр күрэхтэһиилэрин кыайыылаахтара

23.01.2018
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта Дьокуускайга, А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр, “Таҥха алгыстаах, алыптаах киэһэтин…” кэмигэр, үгэс быһыытынан сыл аайы ыытыллар “Арай биирдэ…” остуоруйаһыттар, кэпсээнньиттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэрин кыайыылаахтарын ааттара билиннэ.

Бу, быйыл  5-с төгүлүн ыытыллар куонкурус сыала-соруга дьэҥкэ – талааннаах, айдарыылаах дьону булан, айар кыахтарын сайыннарыы, духуобунай, өй-санаа өттүнэн интэриэһи тардар, уратылаах, дьикти остуоруйалары, кэпсээннэри, номохтору, үһүйээннэри  сөргүтүү, тилиннэрии. Бу куонкурус биир уратыта – ким баҕалаах кыттар, бэйэтин талаанын арыйар.

Дьүүллүүр сүбэҕэ Олоҥхо киинин салайааччыта, ф.н.к. Агафья Захарова, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин сүрүннүүр исписэлииһэ Саргылаана Адамова, ГЧИ научнай үлэһитэ, ф.н.к. Надежда Павлова курдук култуура, наука деятеллэрэ үлэлээтилэр.

Хас биирдии кыттааччы бэйэтин ураты, дьикти айымньытын билиһиннэрдэ.

Үтүө үгэс быһыытынан, маннык номинацияларга кыайыылаахтар быһаарылыннылар:

Бастыҥ сэһэнньит – Мария Алехина-Ушницкая, Дьокуускай к;

Хомоҕой тыллаах сэһэнньит – Каролина Харлампьева, Бүлүү к.;

Кэскиллээх кэпсээнньит – Надежда Яковлева, педколледж устудьуона, Дьокуускай к;

Түөлбэ сэһэнньит – Любовь Платонова, Дьокуускай к;

Сэргэх сэһэнньит –Матрена Мурзина, Уус-Таатта;

Көхтөөх кыттааччы – Матрена Москвитина, Уус Алдан улууһа.

Бары кыттааччыларга сертификаттар туттарылыннылар.

Ыллыыр "Сайсары" норуодунай ансаамбыл

Елена ПРОТОДЬЯКОНОВА, Дьокуускай к.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0