Арай… (КЭПСЭЭН)

Ааптар: 
22.03.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Үстүүнньэ күн сиригэр баар күндүттэн күндүтүн, орто дойду кэрэттэн кэрэтин – ийэ-аҕа тапталын өр билбэтэҕэ. Уончалаах сылдьан эмискэ, ол күҥҥэ диэри ол күн кэннэ диэн кээмэйгэ киирбитэ.

Ол күҥҥэ диэри икки гына тыырыллыбыт хоп-хойуу баттаҕын икки суһуох гына өрүллүбүтэ чээлэй күөх, аалай кыһыл, ап араҕас лиэнтэнэн баанчыктаах буолара. Ийэтэ барахсан кыыһын куукула курдук киэргэтэ-­киэргэтэ сиэтэн, сэргэстэһэ хаамарын наһаа да сөбүлүүр этэ. Уот отто-отто уочараттаан маҕаһыыҥҥа кэлбит дэҥҥэ көстөр миэтэрэнэн сиэрис таҥаска тиксибитин таһынааҕы маҕаһыын сэбиэдиссэйин кыыһа Сибиэтик кэтэр хотуобай таҥаһыттан итэҕэһэ суох көстүүлээх былаачыйа, сон, бэргэһэ, бэриэт  тикпитин күн бүгүн да хараҕар көрөр.

Ыскаап түөһүгэр баар ойуу­лаах, лаахтаах кыра нэлэгэр миискэҕэ куруутун баар лампыһыай, ‘’сыттык хаата’’ кэмпиэттэр дыргыл сыттара. Сарсыарда турдаҕына: ‘’Ээ, оҕом барахсан турда. Ыстапаан, хотуммут турда, ыл кэл, чэйдиэххэ”, – диэн доргуччу саҥара-саҥара бэлэмнээн уурбут чөчөгөйүнэн күөрчэх ытыйбытынан барара. Уларыта сылдьан араас отонунан амтанын тупсарара. Ол барыта ол күҥҥэ диэри этэ. Ол күн ийэлээх аҕата оройуон киинигэр элбэх буолан тыраахтарынан киирэн иһэн суорума суолламмыттара. Нэһилиэк барыта аймаммыта, кутурҕан күннэр ­буолбуттара. Аймахтара сүбэлэһэн баран Үстүүнньэни кытта тастыҥ ­эдьиийин олохтообуттара. Онон оҕо дьиэтэ дуу, интэринээт дуу диэни билбэккэ ­улааппыта. Эдьиийэ барахсан төһө да эдэр буоллар, сүрдээх дуоспуруннаах, дьоһун киһи этэ. Ол да буоллар, ийэ, аҕа тапталын хайдах биэрээхтиэҕэй…

Үстүүнньэ саамай күүтэр-кэтэһэр кэмэ сайын, сайылыкка көһүү, уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ алаас, түптэ сыта, уу нуһараҥ чуумпу уонна хатыҥ чараҥ – бу барыта күһүҥҥү сиппэрэҥ, силбик күннэргэ, унньуктаах уһун кыһыҥҥы түүннэргэ баҕа санаатын бастыҥа буолан куруутун өйүгэр-санаатыгар, дууһатыгар баара. Дьэ онно санаатын хоту, дуоһуйуор диэри хатыҥтан хатыҥҥа, сибэккиттэн сибэккигэ тиийэ-тиийэ тууйуллубутун, мунньуллубутун бэйэтин таһааран астына-дуоһуйа ыллыыра. Ыллыыра сахалыы, ыллыыра нууччалыы (кии­­нэлэртэн, араадьыйаттан истибитин). «Дьэ лоҥкунатыы да лоҥкунатыы» диэн эдьиийэ Ыстапаайа күлэрэ. Сайылыкка кэллэр эрэ балта сирэй­диин-харахтыын уларыйан, сэргэхсийэн, чэпчээн, быһыылыын-таһаалыын, майгылыын уларыйарын билэр буолан, бэйэтин оҕолоруттан итэҕэһэ суох чугастык саныыр киһитин туһугар үөрэрэ. Биллэн турар, бөһүөлэккэ даҕаны ыллыыра бөҕө буоллаҕа дии, биир да кэнсиэр кинитэ суох барбат этэ. Ол эрэн, бу манна сайылыкка курдук көҥүл босхо,  киэҥ-дуолга курдук буолбатах буоллаҕа дии. Санаатыгар хатыҥнара кэтэһэн туран кэллэҕинэ үөрэргэ дылы гыналлара, лабааларын оргууй оргууй хамсатан сэрэниин сэрэнэн кууһар курдуктара уонна дьэ эрэ тугу ыллыыгын диирдии  чуумпураллара. Нууччалыы ырыалара норуодунай ырыаттан саҕалаан арияҕа тиийэ эбит. Оччолорго араадьыйаҕа классическай муусукаҕа, ырыаларга улахан болҕомто ууруллар эбит, бу билигин санаатахха. Тылын-өһүн улаханнык өйдөөбөтөр даҕаны дьэ түһүүтүн-тахсыытын, уһатыытын, куолас кыччыырын, улаатарын олох үүт үкчү олордон ыларын истибит эрэ бары сөҕөллөрө. Айылҕа барахсан биэрдэҕинэ биэрэр да буолар эбит диэн буолара. Ол эрэн, Үстүүнньэ ырыаһыт буолан айаҕын ииттиниэн сөп диэн санаа кимиэхэ да киирбэт этэ. Ол бука сахалыы кэнэн, килбик майгыбыт баһыйарыттан буоллаҕа буолуо. Ити курдук улаатан, оскуоланы бүтэрэн ньирэй көрөөччү буолан күннээҕи кыһалҕата үлэ түбүгэ буолбута. Эбии аһылык, ньирэйдэрин ыйааһыннарын түһүүтүн-тахсыытын айдаана буолара. Үстүүнньэ кыра эрдэҕиттэн хайдах эрэ сүгүөх-көтөҕүөх, илдьиэх-аҕалыах айы­лаах курдук ис иһиттэн киппэ, лип-лап көрүҥнээҕэ. Кини илиитин ыйааһынын билбит уолаттар иккиһин оннукка түбэспэтэх киһи диэн күлсэллэрэ. Ити курдук биир күдьүс олох бардар баран испитэ.

Арай… Оо, олоххо арай диэн тыл баара үчүгэйиэн. Арай биирдэ икки тэҥкэ тиит саҕа тор курдук бы­­тыктаах тоҥ нуучча дьээдьэтэ кулууп ортотугар баар буола түспүтэ. Кулууп үлэһиттэрин, ыллыыр, үҥкүүлүүр дьоҥҥутун мунньуҥ диэн буолбута. Кулууп иһэ сыыйа-баайа кэнсиэргэ кыттааччыларынан туолбута. Бэрт дьиктитик остуолу тоҥсуйан, ­аалаан, оолоон, уулаан, мээнэ сүһүөхтэри холботолоон иһитиннэрэн, үтүгүннэрэн барбыттара. Үҥкүүлээччилэри эмиэ иннин-кэннин, ойоҕоһун диэки ойутан, хаамтаран, чиккэччи-чыппаччы тартаран туруоруу буолбута. Киэһэриитэ ыллааччыларга Үстүүнньэ, үҥкүүлээччилэргэ Түмэппий хаалбыттара. Куоракка киирэн үөрэниэхтэрин сөбүн туһунан олох туох эрэ улахан ситиһии курдук дуу, наҕа­раада дуу курдук доргуччу, киэн туттунуулаахтык эппиттэрэ, төрөппүттэргитин ыҥыран аҕалыҥ диэн буолбута. Ыстапаайа маҥнайгы санаатыгар, дьиэбэр-уоппар, аспар-таҥаспар дьэ көмө киһитэ буолан иһэн ханна эрэ быар куустан туран ыллыы сылдьар киһи буоларга ыытабын дуо диэн этэ. Оттон Үстүүнньэ туохха-­туохха тү­­бэстим диэн буруйдаах курдук туттан турарын көрөн сүрэҕэ мөҕүл гыммыта. Нуучча дьээдьэтэ бэйэтин билиһиннэрбитэ, музыкальнай училище учуутала Николай Ефимович Первенцев диэн эбит. Олох сотору-сотору «Вы, поймите, у неё редкий, уникальный природный дар, абсолютный слух, прекраснейший голос. Зарыть такой талант это сопоставимо ­преступлению’’ дии-дии үөһээ-аллараа тыыммахалыыр. Инньэ гынан, ‘’преступление’’ оҥоро олоруохтара дуо, тэрийэн-бэрийэн ыытар буоллулар. Дьиэлэригэр атаарыы диэн чэйдээһин буолла. Үстүүнньэ бу күҥҥэ, бу кэмҥэ диэритин бэйэтэ сөбүлүүрүнэн, таптыырынан, баҕа хоту, санаа хоту талбытынан ыллыы сылдьыбыт ­буоллаҕына, дьэ ол дойдуга тиийэн хайдах, туохха, тоҕо, хаһан үөрэнэн ырыаһыт буоларын туһунан наһаа чуолкай өйдөбүлэ суох. Ордук дьиибэргиирэ, хайдах атын үлэ суоҕар дылы, күнү быһа ыллаан тахсарын муодаргыыр. Ыстапаайа оҕотуттан итэҕэстик таптаабат, ииппит оҕотун, балтын били Николай Ефимович хайҕаабытын, туох диэбитин киэн тутта кэпсээтэ. Ол олордохторуна биригэдьиир Дуунньа кыыс: «Чэ эрэ, Үстүүнньэ, ыллаа эрэ, били сэ­­риилээх киинэҕэ ыллаабыт кыыс ырыатын», – диэтэ. Кырдьык даҕаны диэн буолла. Өр көрдөспөтүлэр, кыыстара ыллаата. Күлэ-үөрэ, хаадьылаһа, кэпсэтэ олорбуттара ханна да суох буолла. Арай ырыа доллоһуччу, улуу эбэлэрин Өлүөнэ сүүрүгүнүү бас­­таан кыраттан сыккыс саҕаттан саҕалаан улам-улам күүһүрэн, кыахтанан сааскы көмүөл мууһунуу кыахтаахтык, модуннук тахсан истэ. Саамай үрдүкү нотатын ылыыта ырыаны кытта туох эрэ хос тыас лыҥкыр гынна. Бүппүтүн кэннэ чочумча саҥата суох олордулар, онтон саамай чобуолара Дьуон: «Хайа, иһиппит эмиэ ылласта дии», – диэбитин саба саҥардылар. «Аньыы даҕаны» диэн буолла.

Үстүүнньэ училищеҕа киирэн муҥа-таҥа суох үөрэнэн, ситиһэн, салгыы үөрэнэ барар кумааҕы тутта. Ыстапаайа, дьэ ырыаһыт буоларга өр да үөрэнэллэр эбит диэн сөхтөр-махтайдар да хайыай, эмиэ ыраах айаҥҥа тэрийэр түбүгэр түспүтэ. Бу сырыыга букатын ыраах соҕуруу барар буолбут диэн сурах оройуону тилийэ көппүтэ. Үстүүнньэ онно да тиийэн кыһамньылааҕынан, дьоһунунан уонна туппутун ыһыктыбатынан элбэх киһиэхэ холобур буолбута. Дьэ биир дорҕоону, биир нотаны, биир сүһүөҕү дьаарыстыыр, сааһылыыр, оннун булларар туһугар ыйы ый­­даан тиниктэспитэ, үлэлэспитэ. Аны онно эбии үрдүк үөрэхтээх буолар туһугар араас эгэлгэ наукаттан (психология, философия, история уо.д.а) кытта үөрэтэллэрэ, аны музыкальнай теория… Талааннаах, үлэһит да үлэһит устудьуону,кинилэр санаалара да тиийбэт ыраах Саха сириттэн сылдьар киһини, бары да сөбүлээбиттэрэ. Ити курдук бастакы сыллар элэс гынан ааспыттара. Үстүүнньэ дьонугар, харчыны да, тугу да ыытымаҥ, манна олох бэркэ аһаталлар диэн суруйарын бэйэтэ да элбэх оҕотугар ыктаран сылдьар Ыстапаайа итэҕэйээхтиирэ. Дьиҥэ, туох ураты ырай олоҕо кэ­­лиэй, ач­­чыктаабат туһуттан дьиэ сууйан, онно истипиэндьийэтин эбинэн син додо бааччы бэйэтин дьаһанар ­буолбута. Икки сыл дойдутугар кэлбэккэ кыргыттары батыһан сайыннары хаалан таһынааҕы сопхуостарга дайааркалаан хамнастанан, бэл диэтэр сон, бэргэһэ, атах таҥаһа ылаттаабыта. Дьонугар кэһии баһыылка ыыталаан соһуталаабыта. Оҕолор барахсаттар үйэлэригэр көрбөтөх дьикти кэрэ кэмпиэттэри сиэн, сууларын сыа-сым курдук мунньан сыттыыллар, оонньуур куукулаларын киэргэтэллэр этэ. Дьэ быйыл баҕас дьиэлиибин диэн эрдэттэн харчы мунньунан, оҥостон-симэнэн, сиэссийэтин муҥа-таҥа суох туттаран билиэт ылан көтөр буолбута. Баксаалга тус учуутала ‘’Устинья, я на тебя возлагаю большую надежду, т.ч. и не думай остаться’’ диэбитигэр соһуйбут курдук көрбүтүгэр, ‘’Знаешь, сколько талантов не дошли до конца… Я не ругаю тебя, просто предупреждаю и очень сильно надеюсь’’ диэн салгыы эппитэ уонна сайыҥҥы уталыйбат сорудахтарын биэртэлээбитэ. Ол барыта ырыа туһугар, куолас туһугар этэ.

Бэрт үчүгэйдик айаннаан кэлэн училищетааҕы дьүөгэтигэр түспүтэ. Кыыһа дойдутугар аҕыйах хонукка баран кэлээри сылдьар эбит. Түүнү быһа олорон тото-хана кэпсэтэн-ипсэтэн баран, бэйэтэ да билбэтинэн, аны олох да дьүөгэтин дойдутугар барсар буолбута. Эмиэ арай биирдэ диэн түгэн күүтэн турарын ким да билбэт этэ. Дьүөгэтэ өрүһүнэн барар уу тэрилигэр кини нэһилиэгин уола, ­ырааҕынан аймахтара уол мотуруостаан барарын билэн, хапы­тааҥҥа киирэн ээх дэттэрэн барсан эрэллэр эбитин онно тиийэн баран истэн соһуйдар да хайыай, барсыбыта. Үс түүн, түөрт күн айаннаан тиийиллэр сиргэ айан саҕаланнаҕа ол… Айаҥҥыт табылыннын диирдии күөх куйаарга биир да кыырпах да саҕа былыт суоҕа, күн уота сырылаччы тыгара, уу ньуура сиэркилэ ньууруттан уратыта суох ырааһа, сырдыга. Үөһээттэн ку­­йаас салгын, алларааттан улуу Өлүөнэ сөрүүнэ, тула өттүттэн күөх тайҕа, кумахтаах, онтон таастаах биэрэктэр, арыылар, хомолор. Дьэ маны кытта эдэр саас кэрэтин эбэн кэбис. Онтон ордук туох дьол нааданый?!

Өссө… өссө бу манна үктэнээт даҕаны эрчимнээх илии сылааһыгар буола түспүтэ баара дии. Арай тимир кирилиэһинэн түһэн иһэн сыыһа үктэнэн чуут охто сыспытын илиитигэр түһэрэн ылбыт киппэ сарын, ыйаастыгастыҥы хап хара харах… Ол күлүм гынан ааспыт кыл түгэниттэн тоҕо эрэ тула баар барыта өссө сырдаабыта, сылыйбыта, сымнаабыта. Онно этэ дии сарсыарда уһугуннаҕын ахсын хаһан да сиэбэтэх минньигэс гречка хааһытын биэрэригэр — «моей королеве» диэн тобуктаан туран сүүһүттэн сырылаччы  сыл­лаан уһугуннарара, онно этэ дии уонна ханна да хаһан даҕаны сиэбэтэх сип сибилигин хабыллыбыт балыгын эҥин араастык буһара-буһара «моей королеве» буолара. Онно этэ бу иннинэ хаһан даҕаны билбэтэх да, сэрэйбэтэх да сырдык иэйиигэ бүүс бүтүннүү бэринии. Дьүөгэтэ Аня кыыһыттан эмиэ да соһуйбута, эмиэ да үөрбүтэ. Аня Үстүүнньэ бу тухары уол, кыыс сыһыана диэни билбэккэ сылдьарын бэркэ диэн билэр этэ буоллаҕа. Онон ол дьолго мэһэйдээмээри кинигэтин туппутунан сытар этэ, айылҕаттан уруһуйдуур талааннаах буолан, элбэх да элбэх эскиз оҥорбута. Оҕо эрдэҕиттэн билэр Үстүүнэ кавалер бэрдэ буолбутун киинэ курдук көрө-көрө итэҕэйиэн дуу, итэҕэйимиэн дуу бэйэтэ да билбэтэ.  Үстүүнньэ уол аатын эппитигэр, тоҕо күлүү гынаҕын дии сыспыта. Онон ааттыын-суоллуун бииргэ буолуҥ диэн көрсүһүннэрбит дьылҕа бэлэҕэр бэйэ бэйэлэригэр эппэккэ эрэ бүтэйдии махтаммыттара. Оо, ол үс түүн, түөрт күн биир олох курдук бииртэн биир кэрэ күннэрэ, этиллибит кэрэ тыллара, саҥата суох да туран бүтэйдии бүүс бүтүннүү эн миэнэҕин, мин эйиэнэбин диир түгэннэрэ… Санааларыгар баржаҕа буолбакка, уп улахан, муус маҥан ха­­раабылга устан иһэр курдуктара. Ол барытын таайыыта, эппиэтэ — Таптал этэ.

Үстүүнньэ үөрэҕэр бэриллибит сорудаҕынан тапталы кэпсиир ариялары, партиялары кыһаллан-кыһаллан даҕаны маннык иэйиилээхтик толорботоҕо. Үстүүн ыллаа диэн көрдөстөҕүнэ ыллаатаҕын ахсын уол хараҕар төһөлөөх киэркэйэн көстөрүн кэпсииригэр төрөөбүт төрүт тылбыт да тутах курдук буолбута. Тиийиэхтээх сирдэригэр киэһэлик тиийбиттэрэ. Сылга биирдэ кэлэр таһаҕаһы көрсө бүтүн нэһилиэк дьоно турардыын-турбаттыын кэлбиттэр этэ. Инньэ гынан, Үстүүнньэ кыбыстан Үстүүннүүн тахсымаары гыммытын,  уол олох ак­­кааһы ылбат чиҥ уонна эрэллээх куолаһынан «мантан ыла бииргэбит» диэбитигэр, кырдьык даҕаны диэбиттии, бэрт түргэнник илиитин биэрэн иккиэн бииргэ тахсыбыттара. Дьүөгэтэ «Үстүүнньэ, саатар кэлэ сылдьаар» диэн эрэ хаалбыта. Тиийэн баран нэдиэлэнэн төннүөхтээхтэрин би­­лэллэрэ.

Үстүүн ийэтэ барахсан уола маннык үтүө сонуну хайдах бач­­чааҥҥа диэри эппэккэ сылдьыбытын сөхпүтүн иһин хайыаҕай, үөрүү көтөлө ол дьиктиргиир санааны киэр илгибитэ. Остуоруйа олоҕо салҕаммыта. Эдэрдэргэ ким да мэһэйдээбэтин туһугар кылбаччы хомуллубут ампаарга орон бэлэмнээбиттэрэ. Күн аайы ол-бу кыра наадаҕа кэлэн ба­­рааччы үксээбитин күлсэ-күлсэ кэпсэтэллэрэ. Барыахтарын иннинээҕи күн кыра билсиһии уонна атаарыы диэн ааттаан мустуу буолбута. Ол кыра көрсүһүүгэ сүүһү эрэ кыайбат киһи мустубута. Көбүөр бөҕө ыйаммыта, баалынайдаах иһит бөҕө таһыллыбыта, хас да ыалга эт-ас, балык бөҕө буспута. Булуустартан хаһаас ас тахсыбыта, биир тыһаҕаһы ‘’тиэрэ көппүттэрэ’’. Барыта түүл курдук кэрэ этэ. Үстүүнньэ сороҕор бу мин дуо диэр диэри барыта баар буолан испитэ. Билсиһии, атаарыы бэйэтэ туһугар уруу малааһынын курдук буолан тахсыбыта. Дьэ тэрээһин бүтүүтэ Үстүүн эбээтэ «Үстүүнньэ тукаам, эйигин ырыаһыт дииллэр,  ыллаан иһитиннэр эрэ» диэн көрдөспүтүгэр туран ыл­­лаабытыгар көрдөһөннөр, бииртэн биир ырыаны ыллаан куолаһа чөллөрүйдэр чөллөрүйэн, аһылыннар аһыллан бүтэһик ырыатын бүтэһик үрдүк нотатыгар… курустаал курус­таалга охсуллан бытарыйбыта… Дьон бары ах гынан соһуйан, чочумча чуҥкунуур чуумпуга сууламмыттара, онтон ким эрэ тэбэнэттээх куолаһа «хайа доҕор, кийииппит  куолаһын бэл диэтэр соҕуруу оҥоһуллубут, айан бөҕөнү айаннаан мин балаҕаммар киирэн уонунан сылларга турбут ку­­рустаал тулуйбата. Дьэ ити дьолго буолар, доҕоттоор» диэн саҥа аллайбытыгар эмиэ күлүү-салыы,  үөрүү-көтүү өрөгөйө төннөн кэлбитэ.

Арай… Чэ бээ, арай диэмиим, дьоллоох олох остуоруйатын бу түгэнинэн түмүктүүм.

Наталья Руфова.

 

2020 сыл.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0