Араадьыйа диктора, эрэдээктэрэ Валентина Петрова

Ааптар: 
08.09.2022
Бөлөххө киир:

Биир үтүө күн болдьоспут бириэмэбитигэр, араадьыйа иһиттэн саҥаран эрэрдии: “Дорообо. Сөпкө кэллим дуо?” — диэбитинэн бэрт өрдөөҕүттэн истэн билэр куоластаах аҕа саастаах биир идэлээҕим киирэн кэллэ. Сэрэйбиккит курдук, бүгүҥҥү сэһэргэһээччим — Саха араадьыйатын эрэдээктэрэ, А. П. Илларионов аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, СӨ араадьыйатын уонна тэлэбиидэнньэтин туйгуна Валентина Петрова.

edersaas.ru

 

Оскуолатааҕы сыллар

— Валентина Дмитриевна, эйигин араадьыйаны истэр дьон куоласкыттан эндэппэккэ билэр, ол гынан баран, уулуссаҕа көрүстэхтэринэ бу “диктор, эрэдээктэр Валентина Петрова сылдьар эбээт” диэн үгүстэр билбэт буолуохтаахтар. Ааҕаччыларбытыгар билиһиннэрэ таарыйа оҕо, эдэр сааһыҥ олоҕуттан сэгэтэн ааһарыҥ буоллар.

— Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майатыгар төрөөбүтүм, 6‑с кылааска диэри Аммаҕа В. Г. Короленко аатынан оскуолаҕа үөрэммитим. Оскуолатааҕы сылларбыттан бэрт үтүө, үгүс умнуллубат түгэннэр өйдөнөн хаалбыттар. Иккис-үһүс кылааска үөрэнэбин быһыылаах, биир үтүө күн: “Оҕолоор, оскуола пионер баһаатайа кэллэ, үҥкүүгэ үөрэтэр, пионердар хосторугар киириҥ”, — диэтилэр. Дьоҕус саалаҕа киирбиппит, олус да кырасыабай эдэр кыыс турар. Маҥнай чороонноох үҥкүүгэ үөрэттэ. Мин бастакынан турдум. Чорооннорбутун иҥнэри тутабыт быһыылаах, ону көрөн: “Оҕолоор, күнү билэҕит дуо?”, — диэбитигэр бары “билэбит” дэһэ түстүбүт. “Чэ эрэ, хайдах төгүрүк күнү кууһабыт”, — диэбитигэр илиибитинэн кууһан көрдөрдүбүт, — чэ уонна чорооҥҥутун тутуҥ, — диэтэ уонна аргыый аҕай онно кымыс куттарда, хаамтарда. Чороону күнү кууһар курдук нарыннык тутан, кымыһы дьалкыппакка хааман, үйэм-сааһым тухары хас биирдии сорудахха болҕомтолоохтук сыһыаннаһарга үөрэппитэ. Аҥардас биир таба хамсаныы суолталааҕын, кэрэ эйгэҕэ тахсыыга суолта биэрэн, истиҥник үөрэппит киһим кини буолар.

Кэлин, 1996 с. “Саха” НКИХ үлэлии кэлэн баран, төһө даҕаны 1968 сылтан күн-дьыл ааспытын иһин, көрүдүөргэ көрсө түһээт мичээриттэн билэн ыллым. Кини, үҥкүүгэ үөрэппит уһуйааччым — РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС тэлэбиидэнньэтин уонна араадьыйатын туйгуна Е. С. Миронова. “Елена Степановна, мин эйиэхэ Аммаҕа үөрэммитим ээ”, — диэбиппэр күн аайы көрсөр киһитин курдук эмиэ үөрэн-көтөн, эйэҕэстик көрсүбүтэ саҥа үлэлии кэлбит тэрилтэбэр сылаас эйгэни үөскэппитэ. Ол иһин да, баҕар, күн бүгүҥҥэ диэри, 27 сыл тухары истиҥник бэриниилээхтик үлэлии сырыттаҕым.

Аммаҕа алын кылааска Саха АССР үтүөлээх учуутала М. В. Онуфриева үөрэппитэ. Ол саҕана кылааска отуттан тахсалыы оҕо эбит, үс эрээт паартаҕа толору олоробут. Уруогун олус да бэрээдэктээхтик, кими да хаалларбакка барыбытын тэҥҥэ, холобур тутан, үлэлэтэр эбит. Тиэмэни быһааран баран ким өйдөөбүтүн, өйдөөбөтөҕүн ыйытар, өйдөөбөтөх оҕолорго салгыы быһаарар, ол быыһыгар кылааска олорон тутатына мин дьиэтээҕи сорудахпын толоро охсон кэбиһэбин. Ол саҕаттан бириэмэни табатык туһанарга дьулуһар эбиппин диэн билигин өйдүүбүн.

Салгыы төрөппүттэрим дойдуларыгар көһөн, Мэҥэ Хаҥалас Төхтүрүгэр үлэлии кэлбиттэрэ. Оскуоланы онно бүтэрбитим. Кылааспыт салайааччыта Е. Д. Сивцева үөрэнээччилэригэр ураты сыһыаннааҕа, оҕо талаанын бэлиэтии көрөр дьоҕурдааҕа. Мин бырааһынньыктарга истиэнэ хаһыатын таһаарарым, туох баар уопсастыбаннай үлэни сүктэрэрэ. Уһун кэм устата пионердар этэрээттэригэр бэрэссэдээтэллээбитим, үөрэххэ сектордаабытым.

Ол кэмҥэ Төхтүр оскуолатын дириэктэрэ И. И. Корякин үчүгэй үөрэнээччилэргэ наҕараада быһыытынан грамотаны кытта кинигэ туттартыыра. Миэхэ бэчээт туруоран, суруктаан оскуолам Амма Аччыгыйа “Сааскы кэм” арамаанын, Күннүк Уурастыырап хоһооннорун хомуурунньугун бэлэхтээбитин ийэм, аҕам кичэллээхтик ууран, күн бүгүҥҥэ диэри илдьэ сылдьабын, бэйэм оҕолорбор кэпсиибин.

Олимпиадаларга элбэхтик кытыннараллара. Саха тылыгар М. Ф. Ошустанова, нуучча тылыгар Н. Ф. Колосова, омук тылыгар В. Г. Алексеев үөрэппиттэрэ, кинилэргэ махталым улахан. Көрөн өйгө тутар дьоҕурум таһыччы буолан, хоһоону аахтым да өйдүүрүм. Сороҕор “киинэҕэ көстөр агент курдук буолуох эбиппин ээ” диэн санаалар киирэн ааһаллара. Ол курдук элбэх сыыппаралары көрдүм, ааттары аахтым да, тутатына өйбөр хатыырым, тугу эмэ ыйыттахтарына, ол харахпар киинэ курдук көстөн кэлэрэ.

Устудьуоннуур, учууталлыыр сыллар

— Оскуола кэнниттэн устудьуон аатын сүктүҥ?

— Түөрт-биэс үчүгэй үөрэнээччигэ үөрэххэ барар суругу туттарбыттара. Мин омук тылын идэтигэр киирбитим. Кураторбыт, преподавателбит тыл билимин хандьыдаата Л. Н. Григорьева, тылбааска О. И.Им, кэпсэтиигэ Л. М. Неворотова уһуйбуттара. Идэбинэн Германияҕа бэйэм да үөрэнэ, оҕолору да кытта, командировкаҕа даҕаны түөрт-биэс төгүл баран кэллим. Бүгүҥҥү күҥҥэ диэри ситиммин быспакка, суруйсабын.

Быраактыкабын Дьокуускай куорат нууччалыы тыллаах 29‑с нүөмэрдээх оскуолатыгар барбытым, “биэс” сыанаҕа туттарбытым. Биир ый биллибэккэ, истиҥ сыһыаҥҥа элэстэнэн ааспыта.

Оччолорго университекка пионердар быраактыкалара диэн баара. Дьокуускай к. “Металлург” лааҕырга улуустан кэлбит оҕолору икки сезон устата үөрэтэн, баһаатайынан үлэлээбитим. Салайааччыбыт СГУ преподавателэ Т. В. Белозерова этэ. Уопсай тылы булан, бэрээдэги тутан, түмүккэ биһиги 7‑с этэрээппит кыайыылааҕынан тахсыбыта. Ити 1976 с. этэ. Кинилэр миэхэ саҥа үүнэр 1977 с. халандаарын уонна бэйэлэрин илиилэринэн уоллаах кыыс куукуланы оҥорон бэлэхтээбиттэрэ. Ити сыл олоҕум аргыһын кытта билсибитим бэйэтэ туспа бэлиэ курдук.

Университекка саҥа ылбыт идэбинэн Хорообут орто оскуолатыгар биир эрэ сыл үлэлээбитим эрээри, үөрэппит оҕолорум билиҥҥэ диэри өйдүүллэр, сибээспитин быспаппыт. “Биһиэхэ, үөрэнээччилэргэ киһилии, улахан дьон курдук сыһыаннаһар этиҥ”, — диэн ахталлар. Сыымахтан, Бэдьимэттэн, Суолаттан, Хорообуттан сүүмэрдэммит 33 оҕолоох (үксэ уолаттар) кылаас этэ. Оннооҕор мин балаҕан ыйыгар уурайан, хомсомуолга үлэлии барбыппар “Валентина Дмитриевна кэллэҕинэ биирдэ үөрэниэхпит” диэн үөрэммэккэ кэтэһэн сылдьыбыттар үһү, диэн кэпсииллэрэ. Ону истибитим буоллар, бука, төннүөх этим. 50 сааспын туолар үбүлүөйбэр кэлэн ыалдьыттаан, эҕэрдэлээн барбыттара. “Биһигини олоххо бэйэ миэстэтин буларга такайан үөрэппит эбиккин. Кими да сэмэлээбэт, мөхпөт этиҥ”, — диэн билигин ахталлар. Мин оччолорго хас биирдии үөрэнээччибин туспа личность, иннибэр улахан, биллиилээх киһи турарын курдук көрөрүм, онно дьүөрэлии кэпсэтэрим, сүбэлиирим. Билигин даҕаны эдэр суруналыыстар быраактыкаҕа кэллэхтэринэ эмиэ ол курдук сыһыаннаһабын.

Дьиэ кэргэн

— 1977 с. олоҕум аргыһын кытта билистим диэтиҥ. Хайдах?

— Университекка үөрэнэ сылдьан, билигин аан дойдуга биллэр тустуук Айаал Лазарев төрөппүттэрэ Петр Васильевич уонна Анна Семеновна ыал буолар урууларыгар ыалдьыттаабыппыт. Аан маҥнай бэйэ-бэйэбитин онно бэлиэтии көрөн эрэ билбиппит. Кини тыа хаһаайыстыбатын бакылтыатыгар зоотехник-инженер идэтигэр үөрэнэрэ. Онон, аан бастаан иккиэн тэҥҥэ бэйэ-бэйэбитин бэлиэтии көрбүппүт быйыл түөрдүөн биэс сылын туолар эбит.

Хомсомуолга тэрийэр салааҕа үлэлээбитим, салгыы үһүс сэкирэтээр буолан араас боппуруоһу салайарым. Биир күн “Эдэр хомуньуус” хаһыаты ааҕа олорон — Орто Халымаҕа иккис сэкирэтээринэн билэр уолум Никифор Николаевич Петров талыллыбытын туһунан иһитиннэрии баарын аахпытым. Үс оҕолонуох, элбэх сиэннэниэх дьолбут таайан, тута төлөпүөн үрдүгэр түһэн эҕэрдэлээбитим, устунан сыыйа алтыһан, ыал буолан, Орто Халымаҕа уон сыл олорбуппут.

Ыраах Орто Халымаҕа

— Улууска тиийэн тугунан үлэлээбиккиний?

— Орто Халымаҕа киэһээҥҥи оскуолаҕа дириэктэринэн үлэлээбитим. Урут киэһээҥҥи оскуолаҕа оробуочайдар, саастаах дьон үөрэнэллэр диэн этэ да, мин үлэлиир кэммэр оскуолаҕа үөрэнэ сылдьар оҕолор араас биричиинэнэн күнүскү үөрэхтэрин быраҕан, киэһээҥҥи оскуолаҕа кэлэллэрэ. Биир тылы булан, өйдөһөн, уон сыл үлэлиир кэммэр 600‑чэкэ оҕоҕо орто үөрэх аттестатын туттарбытым. Үөрэппит оҕолорбун хам-түм көрсөөччүбүн, махтаналларыттан — үөрэбин.

Онон хаһан даҕаны үктэммэтэх дойдубар тиийэн бэркэ үлэлээбитим, үөрэнээччилэрим эмиэ: “Валентина Дмитриевна, здравствуйте!”, — диэн ыраахтан уруйдуу көрсөллөрө. Күнүскү оскуолаҕа табыллан үөрэммэтэх оҕолор кэлэллэрэ, ол да буоллар, миигин истэллэрэ, дьиссиппилиинэни тутарым, кылааска уу чуумпу буолара. Барыларыгар болҕомто уура сатыырым, үөрэх тиэмэтин олоҕу кытта ситимнээн өйдөттөххө, бэрт кыраны да сэҥээрдэхтэринэ, санаалара өрө көтөҕүллэн, тардыһан өрө тахсаллара. Учуутал теорияны кэпсииринэн эрэ муҥурдаммакка, хас биирдии үөрэнээччигэ табатык киһилии сыһыаннаһан, сөптөөх ньыманы булан үлэлиэхтээх диэни ылынабын.

Итини таһынан үөрэх тэрилтэлэрин үлэһиттэрин Идэлээх сойуустарын тэрилтэтин бэрэссэдээтэлинэн талан үлэлэппиттэрэ, эбиитин оройуоннааҕы Сэбиэт иһинэн тахсар “Советский работник” истиэнэ хаһыатын эрэдээктэрэ этим. Биир түгэҥҥэ оройуон биридимиэккэ олимпиадаларыгар кыайыылаах оҕолору түмэн, “Иридий” диэн Рыжоваҕа Березовка таһыгар, педагог-математик А. А. Павловы кытта сынньанар лааҕыр тэрийэ сылдьыбыттааҕым.

Араадьыйаны кытта алтыһыы

— Учуутал идэлээх киһи араадьыйаҕа хайдах кэлэн хааллыҥ?

— Араадьыйаҕа кэлиим бэйэтэ туспа устуоруйалаах. Бэһис кылааһы бүтэрэр сылбар саас Амматтан Мэҥэ Хаҥалас Төхтүрүгэр көһөн кэллибит. Мин кэнники паартаҕа Вова Олесовтыын олоробун. Арай уруок кэнниттэн переменаҕа уолаттар суруйар уруучукаларын бөрүөтүн туппутунан миэхэ кэллилэр: “Саҥа араадьыйабыт куолаһын истиэҕиҥ эрэ”, — диэтэ кылаас сүрүн бэтиэхэлээх уола Гоша Захаров. Мин ханнык араадьыйаны кэпсиир буоллахтарай диэн санаабытым. Онтум уолаттар саҥа кэлбит оҕолору бөрүөнэн илиигэ анньан бэрэбиэркэлээн көрөр “үгэстээхтэр” эбит. “Ыалдьар дии, хайдах буолаҕыт”, — диэтим. “Саҥа араадьыйабыт куолаһа үчүгэй эбит”, — диэтилэр, онон миигин тургутуу бүттэ. Ити араадьыйаны кытта ситимим диэҥҥэ бастакы түгэн.

Иккис түгэн. Ахсыс кылааска тахсыбыт сайыммар таайым, бэрт кэмчи саҥалаах, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа М. П. Шестаков‑I Быраматтан ыалдьыттыы кэлэн, хас эмэ хоммута. Биирдэ ийэбин кытта кэпсэтэ олорон: “Бу кыыс тылынан хамнастанан үлэлииһи ээ”, — диэн баран мүчүк гынна. “Наһаа дьиибэ дии”, — диэн мин санаатым оччолорго, ити этиитэ туох суолталааҕын өйдөөбөтөҕүм. Ол оруннаах эбит, кэлин араадьыйаҕа үлэлээтэҕим дии. Диктордыы сылдьан күөмэйим ыалдьыбытыгар, биирдэ өйдөөбүтүм, таайым табатык да өтө көрөн эппит эбит диэн.

— Аан бастаан араадьыйаҕа кэлбит күҥҥүн өйдүүгүн дуу? Хайдах этэй?

— Күн бэҕэһээ курдук өйдүүбүн, алтынньыга кэлбитим. Куонкуруска 26 буолан күрэстэспиппит. Тэлэбиидэнньэ дириэктэрэ Н. И. Петров, кылаабынай режиссер С. З. Ильина, о. д.а. өстүөкүлэ нөҥүө олороллор. Миигин диктор Л. А. Скрябина бэрэбиэркэлээбитэ, бэлэмнээбитэ. “Тоҕо өрүү ымайаҕын? Саҥарар дорҕоонноруҥ ыһыллан хаалаллар, микрофоҥҥа тиийбэт”, — диэбитэ. Былыргы үөрэтиинэн улахан диктордар айахтарын киэҥник аппакка, истэриттэн салгыннара эрэ тахсар эбит. Эпииргэ тахсарбар долгуйбуппун соччо өйдөөбөппүн, хас хамсаныы барыта эппиэтинэс буолар. Бэйэм учуутал сиэринэн олус бэрээдэктээх уонна болҕомтолоох буоламмын сыыйа итиннэ үөрэммитим. Ону тэҥэ, бииргэ үлэлиир уоппуттаах диктордарым Любовь Петрова, Юрий Сергеев, Эдуард Рудых, ол саҕана тыйаатыртан кэлэн ааҕар Мотрена Корнилова, миигин кытта тэҥҥэ саҥа кэлбит Светлана Саввина буоламмыт, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһөн, бииргэ өйдөһөн үлэлээбиппит. Мин хас хардыыбын, саҥабын ытыктыыр диктордарым Екатерина Местникова уонна Дмитрий Избеков бэркэ кэтээн истэллэрэ, истиҥник сүбэлииллэрэ, ол такайыыны бу күҥҥэ диэри илдьэ сылдьабын, кинилэргэ махталым тугунан да кэмнэммэт. Режиссерум О.Н. Степановалыын биэриилэри төҥан оҥорууга сүүрбэтт эн тахса сыл устата бииргэ айыыньылаахтык үлэлээтибит

Араадьыйа диктора кэпсиир тиэмэтин тыынын дьоҥҥо тиэрдиэхтээх. Холку, истиҥ-иһирэх ийэ куолаһынан кэпсэтиэхтээх. Ол буолар араадьыйа диктора.

Араадьыйа устуоруйатын — билим таһымыгар

— Араадьыйа устуоруйатын хасыһан үөрэтэр эбиккин. Хайдах саҕаламмытай?

— Оччотооҕу “Саха” НКИХ бэрэсидьиэнигэр А. И. Ноевка махтанабын, саҥа үлэлии кэлбит киһиэхэ, миэхэ араадьыйа устуоруйатын эрэнэн суруйтарбытыгар. 2000 сыллаахха араадьыйа 70 сыллаах үбүлүөйүнэн сибээстээн кинигэҕэ матырыйаал хомуйуоҥ дуо, диэн көрдөспүтүн, үөрүүнэн ылыммытым. 1999 с. аан бастакыбын архыыпка үктэнэн, пуонда докумуоннарын хасыһан, араадьыйа устуоруйатын көрдөөн булан, эбии улуустартан ахтыылары хомуйан, араадьыйа туһунан суруйааччылар айымньыларын тиһэн, дьоһуннаах кинигэни таһаарбытым. Кэлин араадьыйа 75, 80 үбүлүөйдээх сылларыгар эмиэ салгыы бэчээттэтэн турабыт. Ол күнтэн бу күҥҥэ диэри архыыптары кытта ыкса үлэлэһэбин, түгэнинэн туһанан махталбын тиэрдэбин, чуолаан Н.С. Степановаҕа, А.А. Захароваҕа, Н.Р. Константиновка, Н. Н. Малышеваҕа.

Араадьыйабыт устуоруйатын билим таһымыгар таһаардыбыт. Салайааччым — устуоруйа билимин дуоктара С.И. Боякова. Кини ыйыытынан-кэрдиитинэн “История создания и становления радиовещания в Якутии: 1920‑е — июнь 1941 гг.” диэн саха араадьыйатын устуоруйата сурулунна. Онон диктордыыр кэммиттэн саҕалаан, өрөбүллэрбэр, уоппускам кэмигэр бэрийэн түмпүт, Арассыыйа архыыптарыгар сылдьан булбут матырыйаалларым тиһиллэн, күн сирин көрүөхтэрэ. Ону таһынан ыстатыйаларбын Омскай, Томскай, Уфа, Тамбов, Курскай куораттарга, Уһук Илиҥҥи билим сурунаалларыгар бэчээттэттим, араас кэмпириэнсийэлэргэ кыттыыны ыллым.

“Микрофоҥҥа эрэдээктэр Валентина Петрова”

— Күн бүгүн араадьыйа истээччилэрин сэҥээриитин ылбыт ааптарыскай биэриилэриҥ хайдах айыллан тахсыбыттарай?

— Араадьыйаҕа диктордаабытым кэннэ, салгыы литэрэтиирэ эрэдээксийэтигэр анаабыттара. Ол да иһин кинигэ таһаардым быһыылаах. Бу эрэдээксийэҕэ суруйааччылары кытта элбэхтик алтыспытым. Онно “Литературнай экспресс” биэриини саҕалаан, бастакынан нуучча суруйааччыта Владимир Федоровка биэрии оҥорбутум. Суруйааччылар В. Е. Назаров‑Тумарчаны, С. А. Попов — Сэмэн Туматы, И. В. Мигалкины, В. Е. Васильев‑Харысхалы, Н. Е. Винокуров‑Урсуну, Н. Ф. Борисов‑Николай Ууһу уо. д.а. кытта ыкса ситимнээхтик үлэлэспитим, үгүстэрэ норуот суруйааччылара буоллулар.

Сыыйа устуоруйа тиэмэтин сэҥээрэн бардым уонна дьон олоҕун, үлэтин кэпсиир “Сомоҕолоһуу”, “Саха сирэ сайдыы суолунан” биэриилэри ыыппытым. Бэрэсидьиэн, Бырабыыталыстыба, Ил Түмэн үлэтин сырдатар бэлиитикэ эрэдээксийэтигэр 15 сыл үлэлээтим. СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаевтан саҕалаан В.А. Штыровка, Е. А. Борисовка, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Н.И. Соломовтан саҕалаан В. В. Филипповка, Нь.С. Тимофеевка, В.Н. Басыгысовка, А.Н. Жирковка тиийэ кинилэр ыытар бэлиитикэлэрин араадьыйанан тиһигин быспакка кэпсээтим, элбэхтэ командировкаларга сырыттым, бырамыысыланнас үлэтин миэстэтигэр тиийэн билсиһэн, Алдан көмүһүн, тимир суолун, Нерюнгри таас чоҕун уонна энэргиэтикэтин, Мииринэй алмааһын бастакы сир аннынааҕы шахталара тутуллууларын, Томпо Дьабарыкы Хайатын таас чоҕун үлэһиттэрин, гаас утаҕын биир бастакынан илин эҥэргэ Мэҥэ Хаҥаласка Өлүөнэ өрүс уҥуор таһаарыы туһунан биэриилэри сахалыы саҥардыбытым. Хоту сытар Өлөөн, Орто Халыма, Үөһэ Халыма бырамыысыланнай эбийиэктэрин үлэлэрин истээччилэргэ билиһиннэрбитим.

Билигин “Олох омоон суолунан” диэн устуоруйа хабааннаах биэриини ыытабын. Ону таһынан, “Саха сирин биллиилээх дьоно”, “Араадьыйаҕа үлэлээн ааспыт суруйааччылар” туһунан кэпсиир рубрикалардаахпын.

Диктордары үөрэтии

— Сэбиэскэй кэмҥэ диктордары анаан-минээн үөрэтэллэрэ, билигин ол суох диэн кириитикэлиир былаастаах кэпсэтиилэр да күөрэйэн ылаллар. Итиннэ диктор, эрэдээктэр быһыытынан тус санааҥ хайдаҕый?

— Ыытааччы төһө да бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ эпииринэн тахсыбытын иһин, “Эһиги истэҕит” диэн этиини дэҥ кэриэтэ туттуон сөп, эпиири чопчу биир истээччигэ туһаайан, киниэхэ истиҥник саҥаран тиэрдиэхтээх. Биһиги араадьыйабыт — классическай. Дьон урукку кэми кытта тэҥниир, эталон, классика этэ. Аҕа көлүөнэ өйдүүр буолуохтаах, сэбиэскэй кэмҥэ оннооҕор бохоруона кэмигэр араадьыйа сибигинэйэ турааччы:

“Вы слушаете Москву. Передаем новости…” диэн. Оннук курдук, кини кимиэхэ да мэһэйдээбэт туоннаах, сонуну дьоһуннаахтык кэпсээн, биэрэ турара ордук. Классическай араадьыйа бэйэтин көрүҥүн ыһыктыа суохтаах. Онтон саҥа үлэһиккэ, кини эпииргэ тахсыан иннинэ бастакы хардыыларыгар, сүбэ биэрэр настаабынньык ананара ордук туһалаах буолуо этэ диэн саныыбын.

Оҕону иитии, үөрэтии

— Валентина Дмитриевна, эһиги төрөппүт оҕолоргут дьоһун идэлээх, үөрэхтээх, билиилээх, өрөспүүбүлүкэҕэ харах далыгар сылдьар дьон. Аныгы оҕо кинигэни, хаһыаты аахпат, араадьыйаны истибэт дииллэр. Манна оҕону хайдах сыһыарыахха сөбүй?

— Дьиэттэн уонна оскуолаттан саҕаланар. Маныаха ирдэбили модьуйбакка, биллибэтинэн-көстүбэтинэн кинигэҕэ тапталы иҥэрэр-сыһыарар ордук. Холобур, миэхэ оскуолаҕа үөрэнэр кэммэр учууталларым, төрөппүттэрим бэлэхтээбит кинигэлэрэ хас эмит сылынан үтүө дьайыыны оҥордохторо. Дьиэ иһигэр ийэ, аҕа кинигэни ааҕар буоллаҕына оҕо онтон ханна да барбат. Онон төрөппүт сүдү оруоллаах. Төрөппүт бэйэтин икки ардыгар “бэрт ис хоһоонноох кинигэ тахсыбыт үһү” диэн сэҥээрэн, тоҕоостоох кэмин көрөн, дьиэҕэ кэпсэтиини үөскэтэрэ ордук. Уонна кинигэ долбуурга быыллыйа турбакка хамсыахтаах, эргийэ сылдьыахтаах, ааҕыллан быһаччы илии устун сылдьан, эбээһинэһин толоруохтаах. Биһиги ыалга кинигэ олус хамсыыр, ыксаан анал бэлиэтиир бэчээт оҥостубутум, сүппэтин диэн. Оҕолорум эмиэ олус үчүгэй бибилэтиэкэлээхтэр, сорох кэмҥэ кинигэ уларсан ааҕар түгэннэрдээхпин.

— Эһиги дьиэ кэргэн оҕолоргутун хайдах ииппиккитий?

— Тус бэйэм, оҕону ымманыйан таптыыры биһирээбэппин. Оҕону төрөппүт бэйэтин үтүө дьайыытынан, тус холобурунан, истиҥ, аһаҕас кэпсэтиитинэн үөрэтиэхтээх, кэлин оҕо улаатан, дьону кытта тапсар, тус олоҕун суолун тобулар киһи буолуохтаах. Оҕону истиҥ сыһыанынан, туох баар кыһалҕаны, үөрүүнү тэҥҥэ үллэстэн, илдьиритэн кэпсээн, быһааран иитэр олус суолталаах. Дьиҥэр, киһи оҕону иитиинэн анаан-минээн дьарыктаммат. Бу түгэҥҥэ саамай сүрүнэ ийэ-аҕа бэйэ икки ардыгар истиҥ, доҕордуу сыһыаннара улахан оруоллаах, оҕо ону көрөн улаатар. Ийэ киһи дьиэ иһигэр аҕа оруолун ханнык да түгэҥҥэ намтатыа суохтаах.

— Валентина Дмитриевна, истиҥ кэпсээниҥ иһин махтал. Букатын араадьыйаҕа истэр курдук харахпар ойуулаан көрөн иһиттим. Үлэҕэр ситиһиилэри баҕарабын.

 

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0