Эн хас да саастаах буол, ойор-тэбэр оҕо сааһыҥ ааспыт сиригэр үктэннэххинэ, оччотооҕу олох тыына эн дууһаҕар уһуктан, аны хаһан да төннүбэт кэмҥэ өйдүүн-санаалыын баар буолан хаалаҕын.
Өрөбүл күннэри туһанан, Мэҥэ Хаҥалас улууһун түөрт көлүөнэ дьоно көрсөн, оҕо саастара ааспыт сиригэр Араҥаска тиийэн, сиэр-туом тутуһан, алгыс көтөҕөн, ахтылҕаннаах оҕо саастарын санатар тэрээһини тэрийдилэр.
Бу туһунан биһиги уопстыбаннай кэрэспэдьиэммит Зиновий Игнатьев маннык кэпсиир:
— Мэҥэ Хаҥалас улууһун Табаҕа нэһилиэгин илин өттүгэр Араҥас диэн кыстык пиэрмэ баар. Бу ытык сиргэ 1960 сылларга устудьуоннар тутар этэрээттэрэ умуһах хаһа сылдьан, ох саалаах боотур көмүллүбүтүн булан, Дьокуускайга ыытан тураллар. Араҥаска аны миэлиҥсэлээх этэ. Манна сэрии иннинэ Феодосий Брызгалов бэрэссэдээтэллээх холкуос киинэ турбута. Аҕа дойду сэриитэ саҕаламмытыгар туруу үлэһиттэр сэриигэ баран, кэнники холкуос Табаҕаҕа көспүтэ. Араҥаска кыстык пиэрмэ эрэ хаалбыта. Олох сайдан , кэлин манна ыччат үлэлиир комсомольскай пиэримэлэрэ буолан турбута. Бэйэтин кэмигэр Араҥас тигинээн олорбута. Үгүс ыччат үлэлии сылдьан билсэн , ыал буолан, туспа буруо таһааран, оҕо төрөтөн, сүөһү ииттэн барбыта. Уоттаах сэриигэ аҥаар атаҕын сүтэрбит бойобуой уордьаннардаах, мэтээллэрдээх инбэлиит Егор Слепцов ньирэй көрүүтүгэр үрдүк ситиһиитин иһин Ленин уордьанынан наҕараадаламмыта. Көр, биһиги кыракый Араҥаспытын итинник дьоруой дьоно дорҕоонноохтук ааттаталлар этэ. Хомойуох иһин, оччотооҕу олох тутулугар түбэһэн, Араҥас барахсан, нэһилиэнньэлээх пуун быһыытынан букатыннаахтык симэлийбитэ. Күн бүгүн манна аҕыйах ыал кэлэн сайылыыр уонна кыһын пиэрмэҕэ бааһынай хаһаайыстыба сүөһүлэрэ кыстыыллар. Оҕо сааспыт ааспыт сиригэр былырыын, аҕыйах да буолларбыт көрсөн, үлэһит дьоммутун ахтан-санаан ааспыппыт.
Бу күннэргэ оҕо сылдьан оонньообут сыһыыбытыгар сылдьан, ирэ-хоро кэпсэтэн, күлсэн, оҕо сааспытыгар төннөн ыллыбыт.
Үөлээннээхпит Виталий Саввин урут мохсуо оонньуурбутун санатан, ону оҥорон аҕалбыт. Умнан баран саҥаттан ылыстахха, уустук эбит. Хайдах оонньуурбут эбитэ буолла?
Сэбиэскэй кэм кырачаан уолаттарын арахсыспат аргыһа арагаайка да баар буола түстэ. Онтон саас туппут дьон бары оҕо курдук соһуйдубут да, үөрдүбүт да. Кырачаан уолаттар ураҕаһы ат гынан миинэн, кырдалга сүүрэн да биэрэр этибит. Ол аппытын төбөлөөн аҕалан, оҕолуу «һай-һат!» бөҕөтүн түһэрдибит. Ордук Виталий Саввин күннээтэ.
Убайбыт Баһылай Михээлэйэп-Сэмэйиин Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыта буолбутун туһунан туоһу докумуонун аҕалан көрдөрөн, үөрүүтүн үллэһиннибит.
Сүрүн мустубут сорукпут — Виталий Саввин «Араҥас» диэн суруктаах икки сэргэ оҥорбутун туруоруу.
Манна бэйэбит ыччаттарбыт Афанасий Герасимов, Евгений Бурцев, бэйэлэрэ да үлэ үөһүгэр сылдьар уолаттар, тыраахтарынан көмөлөһөн улаханнык абыраатылар. Онон кинилэргэ улахан махталбытын тиэрдэбит.
Бары оҕо сааспыт сиригэр мустан, итинник сыл аайы көрсөн, араас өйдөбүнньүк тутуулары эбии оҥорон, ыһылла сытары кыралаан хомуйарга сүбэлэстибит.
Аны манна эбии саҥа пиэрмэ тутуллар сураҕын истэн, дойдубут эмиэ сэргэхсийииһи диэн үөрдүбүт. Онон ахтылҕаннаах оҕо сааспытыгар сылдьан, салгын куппут сандаарда, буор куппут бухатыйда, ийэ куппут тилиннэ.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.
Хаартыскалар Зиновий Игнатьев тиксэриилэрэ.