Аптыакаларга мааска түргэнник бүтэр

04.02.2020
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ “Сахафармация” 83 тыһыынчаттан тахса мэдиссиинискэй маасканы атыыга эбии таһаарбытын туһунан суруйбуппут.

edersaas.ru

Ол да буоллар, бүгүҥҥү күннээҕи туругунан, куорат сорох аптыакаларыгар вируһунан бэриллэр сыстыганнаах ыарыылартан харыстанар мааскалар суохтарыттан нэһилиэнньэ долгуйар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина бүгүн суруналыыстары кытары көрсүһүүгэ:

“Ыарыыттан харыстанар маасканы уонна вируһу утары охсуһар препараттары маассабайдык атыылаһалларынан нэһилиэнньэни аймыыр наадата суох. Дьаһаллар чопчу режиминэн толоруллаллар. Нэһилиэнньэҕэ тиийэр мааска саппааһа баар”, — диэтэ.
Оттон Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын уопсай мунньаҕар Хэйлунзян провинциятын Тунцзян куоратыгар коронавируһу утары охсуһарга уон тыһыынча маасканы ыытарга быһаардылар. Тунцзян куорат уонна Үөһээ Бүлүү улууһа бырааттыы куорат быһыытынан, 2013 сылтан бииргэ үлэлииллэр. Үөһээ Бүлүү улууһугар нэһилиэнньэҕэ барытыгар тиийэр мааска саппааһа баар.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0