Аптаах илии

Ааптар: 
29.06.2022
Бөлөххө киир:

Улуулардыын үлэлээбитэ, элбэх киһини быыһаабыта

– Көстөкүүн, дорообо! – төлөпүөҥҥэ дьиэлээх бэркэ билэр наҕыл куолаһын истибитэ. Ити Александр Акимов (билигин сенатор, оччолорго Саха сирин Арассыыйа бэрэсидьиэнигэр бэрэс­тэбиитэлистибэтин салайааччыта) эрийбитин тута билбитэ. Кини уруккута обкуом­ҥа сэкирэтээрдээбит, баартыйа Киин кэмитиэтигэр үлэлээбит, Дьокуускайы салайа сылдьыбыт миэбэльнэй фабрика генеральнай дириэктэрэ Владимир Павлов үсүһүн “оҕустаран” сууллан Москваҕа реанимацияҕа эмиэ уруккутун курдук: “Куостаны аҕалыҥ, өрүһүйдэҕинэ кини эрэ”, – дии сытарын эппитэ.

Александр Константинович бэйэтэ оһоллонон моһуогуран, К.Борисов аптаах илиитин этинэн-хаанынан билбитэ.

Владимир Гаврильевич урут иккитэ охтуутугар эмиэ Москва кыайбатаҕыттан, Борисовтан күн-ый буоларыгар көрдөспүттэрэ. Ытык кырдьаҕас: “Куостаа, илэ Аанньал курдуккун. Эн кэлбиккин истээт, уоскуйабын. Киирэн кэллэххинэ, тута хараҕым сырдыы түһэр”, – диэхтиирэ. Көстөкүүн тылынан уоскутууга айылҕаттан бэриллиилээҕин араас куораттарга куурустарга, кэмпириэнсийэлэргэ, ордук Москва анны­нааҕы тириэньэрдэри бэлэмниир кыһа уһуйааччыларыттан Джуна, Кытайга тибетологтар психологияҕа сүбэлэриттэн улаханнык эбиммитэ. Онон илбийэрин быыһыгар тылынан эмиэ эмтиирэ. Туочукалары буларга, баттыырга, иннэнэн анньарга, хаанныырга эмиэ уһуйуллубута. Аан дойдутааҕы категориялаах хас да сэртипикээттээх.

Константин хаһан да оччо-бачча диэбэккэ, төһөнү төлүүллэрин ылара. Отой тугу да дук гымматахтарына да кыһаммата. “Туохха наадыйаҕын?” – диэн дьиэ да ылан биэрэр кыах­таах дьон ыйыттахтарына “суох” диэн кэбиһэрэ. Оннооҕор дьиэ­тэ умайбытыгар Владимир Гаврильевичка биллэрбэтэҕэ даҕаны. Дьиҥэр, “аанньалыгар” миэбэли таах биэриэхтээҕэ.

Суһаллык Москваҕа барбыта. Аатырбыт дириэктэр: ”Үһүс охсуу кэннэ үһүстээн үлэбэр төннөрбөр кимнээҕэр да эн көмөҥ улахан”, – диэн муҥура суох махтаммыта.

Мюнхен-72 кыһыл көмүс мэтээлэ

1972 сыл, Москва. Бу олимпийскай чөмпүйүөн буолбут Роман Дмитриев кыбартыырата. Манна убайа Гавриил Дмитриев, доҕотторо Анатолий Попов, Константин Борисов аэропорка хаста да киирэн кэтэһэн кэлтэгэй буоллулар. Мюнхеҥҥа террористар баалларын билэн сэбиэс­кэй анал сулууспа олимпиецтар ханна сылдьалларын, хаһан көтөллөрүн “муннара” суолларын “бутуйбут”. Түлүк түүн аан звонога тирилии түстэ. Халҕаны аспыттара – Роман! Кэннигэр теле, фото хаамыралар, киһи бөҕө. Роман “СССР” диэн сурук­таах суумкатыттан олимпийскай кыһыл көмүс мэтээлин ороон өрө ууммута.

– Бу мэтээли бастакынан тутуон сөп манна бааллартан Константин Борисов, иккиһинэн миигин аэропорка көрсөн арыаллаһан кэлбит Наил Нигматуллин. Кинилэр миэхэ спарринг-партнер буолан, бу мэтээл кыһыл көмүс буоларыгар кылааттара улахан.

Сэмэн Дмитриев оҥоруута: Джавадилааһын

1971 сыл. Дьокуускай. Икки көбүөрүнэн тустууга ыһыылаах­-хаһыылаах хапсыһыылар кэннэ тохтобул биллэрилиннэ. Көстөкүүн күрэхтэһии диэҥҥэ бу иккис кыттыытыгар 4-с буолла. Финалга тахсыахтааҕын кыл мүччү төлө тутта. Киниэхэ өрөспүүбүлүкэ чемпионатыгар кыттыбыта да – улахан чиэс! Арай кэннигэр намыын куолас иһилиннэ:

– Көстөкүүн, – эргиллибитэ Роман Дмитриев бэйэтинэн иһэр. Чуо кэллэ, боччумнаах баҕайытык:

– Доҕоор, бара сылдьыах эрэ, кэпсэтии баар, – диэтэ.

– Джавадига майгынныырдык тустар эбиккин. Көмүскэнэриҥ уонна контрдыырыҥ оруобуна үүт-маас.

– Ити атахха киирэртэн көмүскэниигин ким туруорбутай?

– Семен Дмитриев.

– Ачыкыҥ хастааҕый?

– Минус уон икки.

– Ачыкыта суох көрбөт буол­лаҕыҥ. Ол иһин этиҥ-хаанын сэрэхэдьийэргэ, таба хамсанарга сайыннаҕа. Семен отой сөпкө туруорбут.

Куостаны дойдутуттан Кэптэниттэн Бороҕоҥҥо тиийэн оробуочайдыырын быыһыгар бэчиэринэйдии сырыттаҕына Дмитриев уулуссаҕа көрсөн эрчийээт, оройуон күрэхтэһиитигэр кытыннарбыт. Киһитэ РСФСР чөмпүйүөнэ Аркадий Аманатовы чуут кыайа сыһан соһуппут. Ол иһин тута манна илдьэ кэлбит.

– Чэ, Куостаа, – Роман Михайлович эйэ дэмнээхтик, – мин ЦСКА-ҕа киллэриэм.

Онтон эмискэ Роман: “Айака-а!!!”, – диэбитинэн тобугун тутунна уонна олорбут дьыбааныгар тиэрэ баран түстэ. Таттара-таттара хараҕын симмэхтээтэ.

Куоста ойон тиийэн илбийбитинэн барбыта.

– Хайы-ы? Доҕоор, илииҥ итии­нэн таарыйан ыарыыбын ылан кэбистэ дии. Тугун дьиктитэй?

– Эмискэ ким эрэ ыарыйдаҕына илиим итийэр. Оччоҕо илбийэбин. Бары кэриэтэ “ап­­таах ытыстаах эбиккин” диэччилэр.

Куоста илиитэ эмтээҕин өссө 14 сааһыгар билбитэ. Эмискэ доҕоро таттаран охтубутугар имэрийбитигэр киһитэ уоскуйан туран кэлбитэ.

Роман Дмитриев араадьы­йанан интервью биэрбитэ: ”Аан дойду улахан түһүлгэлэрин үксүн кыайдым. Бу Тарскай бирииһигэр миэстэлэһэ иликпин. Кубогы ылардыы оҥостон кэллим. Ону ситистим да, урут кытта илик улахан түһүлгэлэрбин – Сойуус спартакиадатын, Олимпиаданы кыайыам”, – диэбитэ. Ону баара бастакы эргииргэ Куоста хамаан­датын хапытаана, Дүпсүн холкуос­тааҕа, успуорт маастара Иван Охлопковка чуут хотторо сыспыта. Судьуйалар, уолбут аптарытыата алдьаннаҕына, Олимпиадаҕа киллэримээри мэһэйдэһиэхтэрэ диэн Ромаҥҥа ыалдьан тэҥнэһии оҥорбуттара. Ол хапсыһыыга фаворит хаста да быраастаммыта. Ону ”ык­­саан сүмүлээннээтэ” да диэччилэр бааллара. Ол кэннэ салгыы тустарын быраас боппута. “Оо, барахсан атаҕар улахан эчэйиилээх сылдьар эбит”. Хас имэрийдэҕин аайы Роман холкуйан истэ, “һуу” диэн тыына кэҥээтэ.

Итини көрөн Тимохин көрдүүр кылаатын булбуттуу:

– Хайа, доҕоор, – диэн өрө көтөҕүллэ түспүтэ. – Биһиги массаастааччылары көрдүүбүт аҕай, араастаан үөрэттэрэ сатыыбыт да маннык буолбаттар. Айылҕаттан дьоҕура суохтар соччо сайдыбаттар. Константин, мин Москватааҕы физкультурнай институт Подмосковьеҕа Малаховкаҕа филиалын сүрүн тириэньэрэбин дии. Биһиэхэ массаастааччылары бэлэм­ниир салаалаахпыт. Онно киллэрэбин, барыс. Тэҥҥэ тириэньэрдэри бэлэмниир оскуолаҕа үөрэниэҥ.

Москваҕа элбэх харчы наада буолуо диэн саныы олорорун сэрэйбиттии, Роман этии киллэрбитэ:

– Мин дьиэбэр төлөбүрэ суох олордобун. Аска-таҥаска санаар­ҕаама. Хааччыйыам. Бэ­­йэм илдьэ сылдьыам. ЦСКА-ҕа эрчиллиэхпит. Антах үөрэниэҥ… Иккиэннэриттэн истипиэндьийэ ылыаҥ.

Дмитриевтэрдиин

Дмитриевтэр астара дэлэй, анал калорийдааҕы талаллар. Хотуттан, Кавказтан кэһии кэлэ турар. Күнү быһа аатырбыт ини-биилэр батыһыннара сылдьан, өйүн-быччыҥын бииргэ эрчийэн биллэ эбиллэн барбыта. Сотору Константин Москва чөмпүйүөнэ буолан ССРС успуордун маастарын нуорматын толорбута. ССРС спартакиадатыгар Романы быһа киллэрэннэр, кини ус­­пуорт кэмитиэт бирииһигэр кэккэлэһэ ыытыллар түһүлгэҕэ кыттыахтааҕын хараҕынан сыыйбыттара. Онон хата, Дмитриевтэргэ спарринг-партнердууругар уонна массаастыырыгар бириэмэтэ эбиллибитэ. Ордук Гавриил Дмитриевтыын тапсыбыта эрээри, Роман Олимпиадаҕа киирэргэ бастакы нүөмэрдээх хандьыдаат буолбутунан киниэхэ ордук улахан болҕомтону уурдарбыттара.

Дмитрий Коркинныын ол күнтэн

Куостаны улахан эмчит буол­су диэн Эстонияҕа төрүт үгэстэри сайыннарар үрдүкү мэдиссии­нискэй кыһаҕа быһа киллэрбиттэрэ. Кэргэнин доруобуйата мөлтөөн, бүтэрбэккэ Сахаларын сиригэр эргиллэргэ күһэллибиттэрэ. Тустуу саалатыгар кэлбитигэр Д.П.Коркин тута үлэҕэ ылбыта. Дмитрий Петрович ыалдьан өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа киирбитэ. Онно кинини Константин массаастыы олордоҕуна, славянныы сирэйдээх үрүҥ халааттаах дьахтар киирбитэ. Петровичтыын билсэллэр эбит. Иккиэн элбэҕи бэйэ-бэйэлэриттэн ыйыталаһан өр кэпсэппиттэрэ, онтон:

– Эдэр киһи, эн сэдэх дьоҕургун сайыннарыыга Дмитрий Петровичтыын, быһатын эттэххэ, хаарыан мүнүүтэлэри таах ыыппакка, дьон туһугар ордук туһалаахтык үлэлииргэр көмөбүтүн холбуохпут.

Оччолорго миэдиктэр, тириэ­ньэрдэр хамнастара кыра этэ. Ону икки улуу өйдөөн, ити сэбиэс­кэй кэмҥэ да талааннаахтарыгар спонсор көрдүүллэрэ. Салгыы эппитэ:

– Эдэр ыал кыбартыыраҕыт суох, быһаарыахпыт. Кэргэниҥ инбэлиит. Эмтиэхпит. Бэйэҕэр туспа кэбиниэт биэриэм. Оборудованиенан хааччыйыам. Кыһалҕалаахтарга көмөлөһүү диэн – улахан дьыала. Соҕуруу анал куурустарга үөрэттэриэм. Улахан киһи буолуоҥ, – диэбитэ. Дмитрий Петрович:

– Куостаа, ити кимин билэҕин дуо? – мүчүҥнүү күлэ ыйыппыта.

Уол саннын ыгдах гыннарбыта.

– Лидия Ивановна Бабенко – ССРС норуодунай бырааһа. Улуу исписэлиис кыайарын билэн этэр. Көмүс кытахтан төкүнүйүмэ. Эрэннэрбитин барытын толоруо. Манна ыарахан ыарыыттан дьону быыһыырыҥ туохха да тэҥнэммэт. Миэхэ эбиэттэн киэһэ үлэ­лииргэр толору хамнастыам.

* * *

Хас да сылынан Роман Дмитриев Саха сиригэр сүрүн тириэньэрдииригэр, ССРС оҕолорго хамаандатын салайарыгар эрчиллэр түмсүүлэргэ илдьэ сылдьара. Иван Ярыгин ССРС улахан дьоҥҥо сүүмэрдиир эрчиллиилэригэр хайаан да ыҥырара.

Дьэ, онон кыайыыларга кини кылаата эмиэ баар. Оттон төһөлөөх киһи ыарыытын мүлүрүтэн төһө махталы ылбытын ааҕан сиппэккин.

Киниэхэ “СӨ доруобуйатын харыстабылын үтүөлээх үлэһитэ” аат иҥэриллибитэ. Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е.Николаев: “Маннык аат аан бастаан миэдиктэн атын идэлээх киһиэхэ туттарыллар”, – диэбитэ.

Константин Гаврильевич атыр­дьах ыйыгар 75 сааһын туолуох­тааҕа. Ыар ыарыыттан быыһанарга охсуһа сытан кыл мүччү тиийбэккэ, биһиги кэккэбититтэн былдьаммыта хомолтолоох. Бэс ыйын 19 күнүгэр Орто дойдуттан барбыта 40 хонуга туолуоҕа. Эн элбэх үтүөнү оҥорбуккун ахта-саныы сылдьыахпыт. Куоста туһунан Роман, Гавриил Дмитриевтэргэ аналлаах биэс туомнаах кинигэбэр элбэҕи суруйбутум.

Хаартыскаҕа: 1981 с. Эдьигээн. Роман Дмитриев аатынан бастакы
турниры Н.М Винокуров (бастакы кэккэҕэ ачыкылаах)
тэрийбитэ. Бочуоттаах ыалдьыттар Дмитриевтэр
(уҥа-хаҥас), Константин Борисов (хаҥастан төрдүс)

Уйбаан Ушницкай,

доҕоро, суруйааччы,

суруналыыс.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0