Коронавируһу утары охсуһар үлэлэр тыа сиригэр тиһиктээхтик салҕаналлар.
Нам улууһугар, Аппааныга, дьаҥы утарар үлэлэр күүһүрэллэр. Бастатан туран, батсаабынан сэрэтэр-өйдөтөр үлэлэри төһө кыалларынан тарҕаталлар. Иккиһинэн, нэһилиэккэ тигинэччи үлэлээхтэринэн биллэр түөлбэлэр олохтоохторо (сэттэ түөлбэ) мааскалары эбии тигиигэ көхтөөхтүк ылсыбыттар. Үлэни түөлбэлэр начаалынньыктара сүрүннүүллэр. Кинилэргэ эбии үс оҕо саадын, оскуола уонна муусука оскуолатын, Аппаанытааҕы инфекционнай балыыһа кэлэктииптэрэ, нэһилиэк биирдиилээн олохтоохторо көмөлөһөллөр.
— Бу аан дойдуну аймаабыт дьаҥы кыйдыырга, оҕолорбут кытары кыһаллаллар. Дьиэлэригэр эбээлэригэр, эһээлэригэр туох биллэрии кэлэрин доргуччу ааҕан иһитиннэрэллэр. Оттон төрдүс кылаас үөрэнээччитэ Полина Белоногова мааскалары тигистэ. Онон оҕолорбут, сиэннэрбит биһиэхэ кыһамньыларыттан санаабыт күүһүрэр, эрчим эбиллэр диэн аҕам саастаахтарбыт үөрүүлэрэ улахан. Бүгүҥҥү туругунан барыта 491 мааска тигилиннэ. Үлэ салҕанар. Дьиэҕэ хааччахтанан олорор дьоммутугар астарын-үөллэрин, наадалаах малларын-салларын социальнай үлэһиттэр тиэрдэн иһэллэр. Ити курдук, күннээҕи боппуруос уталытыллыбакка быһаарыллар. «Помоги ближнему» аахсыйаҕа дьон бары кыттыһар. Онон дьаҥы хайаан да этэҥҥэ аһарыахтаахпыт диэн баҕалаахпыт, — диэн иһитиннэрдилэр.
Сардаана Баснаева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа Нина Саввина түһэриитэ